15.04.2021 | 22:23

Суруйааччылар айаннара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 31 күнүгэр уйгу сирэ Уус Алдан килбэйэр киинигэр – Бороҕоҥҥо, Тойон Мүрү туонатыгар Дьокуускайтан айаннаан тиийбит суруйааччылары киин бибилэтиэкэҕэ арыылаах алаадьынан, кырылыы кыынньар кымыһынан, сиэри-туому тутуһан көрүстүлэр.

Галина Владимировна Аммосова салайааччылаах Уус Алдан улууһун литературнай түмсүүтүн чилиэннэрэ тоҕуоруһа мустубуттара сүргэбитин көтөхтө. Күүтүүлээх ыалдьыттарыгар Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениетын, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин, улуустааҕы литературнай түмсүү аатыттан "Эҕэрдэ суруктары", "Уус Алдан албан ааттаахтара" уо.д.а. кинигэлэрин үөрүүлээх түгэҥҥэ бэлэх туттардылар.
 Салгыы Галина Аммосова кылгастык түмсүүлэрин үлэтин, инники былаанын билиһиннэрдэ. Ол кэннэ тылы биһиэхэ, ыалдьыттарыгар, салайда.
Биирдиилээн тураммыт айар абылаҥҥа хайдах, хаһан ылларбыппытын кэпсээтибит, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин билиһиннэрдибит, долгуйан тураммыт хоһооннорбутун аахтыбыт.
Айар-суруйар аартыкка үктэммит доҕотторбут кэккэ ыйытыктарыгар хоруйдаатыбыт, бэйэбит кинигэлэрбитин бэлэх ууннубут.


 Эҕэрдэ ырыа кэһиилээх кэлбит суруйааччыларбыт Семен Ильич Черноградскай уонна Алексей Михайлович Татаринов - Удьурҕай ымыылаах ырыаларын ыллаатылар.
 Бороҕон орто оскуолатын муусука учуутала, олохтоох мелодист Станислав Николаевич Луковцев баяҥҥа доҕуһуоллаан Уус Алдан улууһун култуура управлениетын сүрүн специалистара Анна Егоровна Федорова, Матрена Николаевна Герасимова эйээрэр куоластарынан ыллаан сүрэхпитин манньыттылар. Винокурова Татьяна Михайловна - Кустук Таана тылларыгар, Станислав  Николаевич Луковцев мелодиятыгар "Уһуктуу" лит.түмсүү гимн ырыатын бары өрө күүрэн тураннар ыллаатылар.Олус долгутуулаах түгэн буолла.
 Салгыы тэрээһиммит иккис чааһыгар сахалыы аһынан томточчу туолбут сандалы тула олороммут литературнай түмсүүлэрин чилиэннэрэ хоһооннорун ааҕалларын, ырыаларын ыллыылларын иһиттибит.
  Бурнашева Ульяна Ивановна - Уйана, биһиги Сойууспут чилиэнэ, хааһахтан хостуур курдук төрөөбүт тылбыт сүмэтин имигэстик туттан этэрин-тыынарын бары сөхтүбүт, эҕэрдэтигэр үөрдүбүт. Салгыы биһиги Сойууспут чилиэнэ Иванова Акулина Михайловна - Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына бэйэтин үлэтин-хамнаһын кэпсээтэ, "Саҥа хаар" ырыаны ыллаан барыбыт санаабытын көнньүөртэ.
 Галина Аммосова этэринэн, урут "Уһуктуу" литературнай түмсүүлэригэр барыта Саха Далбар Хотуттара эрэ  чилиэн эбит буоллахтарына, аны түмсүүлэрэ кэҥээн суруйар-айар саха уоланнара түмсүүгэ киирбиттэр. Онон аат толкуйдуур үлэҕэ тиксибиттэр. Борис Лугинов диэн эдэр уол бэйэтин билиһиннэрдэ, СӨ иһинэн ыытыллар күрэхтэргэ бириистээх миэстэни ылбытын туһунан кэпсээтэ,"Саха санаата" хоһоонун аахпытын болҕойон иһиттибит. Кэскиллээх эдэр уол хоһоонноро түмүллэн кинигэ буолан күн сирин көрүөхтэрин сөбүн эппитин олус сэргээтибит.
 Бары да талааннарынан сөхтөрдүлэр. Ол курдук Мария Михайловна Петухова ыллыырын тыыммакка олорон иһиттибит.


Кэскиллээх эдэр уол Гаврил Пухов, эҕэрдэ тыл этээт, ыллаан барыбытын үөртэ. Татьяна Михайловна Винокурова - Кустук Таана олоҕуттан кэрчик кэмнэрин кэпсээн күлсэн да ыллыбыт, ырыатын болҕойон иһиттибит. Сэргэх көрсүһүүгэ кэлбит доҕотторбут бары эҕэрдэ тылын эттилэр, долгуттулар. Биһиэхэ анаабыт эйэҕэс тылларгыт, баҕа санааҕыт биһигини кынаттыыр, салгыы айа-тута сылдьарбытыгар күүс эбэр.
Онон Валентина Николаевна Шадрина эппитинии, Тойон Мүрү алаастара биһигини айхаллаан көрсүбүттэрэ, чаҕылхай сааскы күн күлүмнүү тыкпыта барыбытыгар өйбүтүгэр-санаабытыгар сүппэт өйдөбүл буолан сүрэхпитин сылаанньыта сылдьыа диэн эрэннэрэбит.
 Тойон Мүрү туонатыгар улааппыт, сайдыбыт биир санаалаах айар-суруйар доҕотторбутугар бары үтүөнү, үчүгэйи, үтүмэн үгүс үөрүүнү баҕарабыт. Айар аартыкка үктэнэн айымньыларгыт күн сирин көрөн истиннэр!
 Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт СӨ култууратын туйгунугар, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор, С.С.Васильев - Борогонскай аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйигэр Галина Владимировна Аммосоваҕа барҕа махталбытын этэбит.
Көрсүөххэ диэри!

 

Галина Григорьевна Басылайканова - Кэнтик кыыһа, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РИК "Офсет" менеджерэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...
Эмиэ кыһын...  Эмиэ түннүк айдаана
Тускар туһан | 16.11.2024 | 12:00
Эмиэ кыһын... Эмиэ түннүк айдаана
Кыһын аайы бу кэмҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторун бассаап бөлөхтөрө оргуйа түһэр – «түннүкпүт эрэйдээтэ» диэн буолар. Көлөһүннүрэр, кырыарар (өссө ол туран кэлин түүнүгүрэн тахсар кутталлаах), аны туран күүскэ үрэр, дьиэбит тымныы диэн муҥатыйыы элбиир. “Буруй эрэ Моттойоҕо” диэбиккэ дылы, сорохтор дьиэни туппут тэрилтэни санаан кэлэ-кэлэ мөҕүттэллэр, ол быыһыгар: «Сэбиэскэй...