23.12.2023 | 10:00

Суорумньу сордоох соруктара

Суорумньу сордоох соруктара
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина
Бөлөххө киир

— Сүрүн, оҕолоор, киэҥ сиринэн тэлэһийэр, элбэх дьону билэр-көрөр киһи ити бырааккын биир эмэ дьахтардыын билиһиннэриэххин, — диэн Ааныска улахан кыыһын Мария Ивановнаҕа кулгааҕын үүттээбитэ ыраатта. Кырдьык да, быраата Кирииһэ биэс уончата буолла да, ийэтиттэн, төрөөбүт дойдутуттан ырааппатах киһи. Кыһыйыан иһин, таҥаһын кытары ийэтигэр сууйтарар. Оҕо арыгылаан ыалдьа сыттаҕына ийэтэ «бырааккыт ыарыйда» диэн кэпсээн бөҕө буолар.

Мария Ивановна оскуолаҕа учууталынан үлэлиир. Үс оҕото улаатан, атын улуустарга олохсуйбуттара ыраатта. Онон кэргэниниин Ньукулайдыын бэйэлэрэ дьаһанан, уоллаах кыыс курдук батысыһа сылдьаллар. Сиэннэр каникулларыгар кэлэн бараллар. Хам-хаадьаа ийэтин билсэ сырыттаҕына, ити курдук «бырааккын билиһиннэр» диэн хаайар. Бээ, каникул саҕана улууска киирэн, дьахтар сэбиэтинэн үлэлиир дьүөгэтэ Маруусаҕа күүлэйдии таарыйа, ыйыталаһан көрүүһү.

Аргыый быраатыттан ыйыталаһа сырытта да, уола олох саҥарбат, хата, ийэтэ дьахтарга ордук наадыйар киһиэхэ дылы, кини эппиэттэһэр.

Мария, кырдьык, бу санаан ыллаҕына, ийэлэрэ сааһырда, араас буоллаҕына, бырааттара барахсан соҕотох хаалаахтыыр. Онон, ийэлэрэ этэрин курдук, оҕонньоругар Ньукулайга «бырааппынан дьарыктанар эбиппин» диэн саныы сылдьыбыт санаатын сипсийдэ.

— Дьэ, кырдьык оннук, биир эмэ соҕотох дьахтар баара буолуо, ыйыталас, ыраата барбакка, бу дэриэбинэ да иһинээҕи соҕотох сорсуйбут дьахталлары ыйыт ээ, — диэбитигэр эмээхсинин уһуктаах тоҥолоҕо ойоҕоско анньан кип гыннарда. Аҕыйах хонугунан Марияны улуус киинигэр дьахталлар форумнарыгар ыҥырдылар.

— Хайыы, бу кыыс, пирибиэт, көрбөтөх да ыраатта, ханна хоноҕун бүгүн, бииргэ түһүөххэ, — диэн сытыы-хотуу Света Машаны үүйэ-хаайа тутта. Оннук сүбэлэһэн, иккиэн Маруусаларыгар хоно барыах буолан үлэстилэр. Дьэ эбитэ, доҕоор, киэһээҥҥи аһылык остуола хотойорунан тардылынна, дьүөгэлэр уостара чорбоһо-чорбоһо сипсиһии, хобугунаһыы бөҕө буоллулар. Кыратык күлэн саһыгыраһалларын быыһыгар, саалаҕа телевизор көрө сытар дьиэлээх хаһаайын мэһэйдэтиэ диэннэр, көрөн ылаллар.

Кэпсээн-ипсээн ортотугар кыһалҕалаах киһи Мария кыргыттарыгар сорук оҥостон кэлбит санаатын үллэстибитигэр, Маруусалаах Света толкуй бөҕөҕө түһэн, чочумча саҥата суох олордулар.

— Бээрэ, Маша, — аргыый саҥарар Марууса тииһин быыһынан сыыйан барда. —  Машенька, чугастааҕы дэриэбинэҕэ биир олох төгүрүк тулаайах эдэрчи дьахтар баар, биир уол оҕолоох, мин билэр кыыспар дьукаах олорор. Маша өрө хабылла түстэ, өйүгэр ийэтин үөрбүт сирэйэ көстөн ааста.

— Марусяя, кытаат, кэпсэт, билис, сөбүлэһэр түгэнигэр, биһиги киирэн тиэйэн ылыахпыт, — диэт, астыммытын биллэрэн, Маруусатын иэдэһиттэн сыллаан ылла.

Ити курдук, кыс-хаар ортотугар санаабыт санаатын тиһэҕэр тиэрдэн, таарыйа араас элбэх маастар-кылаастарга кыттан, Мария Ивановна дьиэтигэр кэлбитэ. Маруусата биллэриэр диэри ийэтигэр эппэккэ сырытта.

Саҥа дьыл саҕана Марууса эрийэн үөртэ, кыыс сөбүлэстэ, кэтэһэллэр диэн ууга-уокка түһэрдэ. Мария ийэлээх быраатыгар тиийэн кэпсээнин тоҕо сүөкээтэ, ийэтэ, ону эрэ кэтэһэн олорбут курдук,  хабытайданан барда. Төрүкү бытаан, мөдөөт быраата, бу сырыыга, хата, «эс, суох» диэбэккэ, таҥаһын үрдүгэр түстэ. Чугастааҕы дэриэбинэни өр гыммакка Мария быраатыныын кэлиэхтээх дьиэ аадырыһын буланнар, эмиэ да толлубут курдук, эмиэ да долгуйбут курдук туттан тура түстүлэр. Мария уора-кистии быраата кытара кыыспытын, кыараҕас хараҕа сүүрэкэлэс буолбутун көрөн, «чээн, барахсаммын даҕаны, долгуйаахтыыр эбит» диэн быһаараат, ааны тоҥсуйан тобугуратта. Саҥатык эрээри кыараҕас соҕус дьиэҕэ биэстээх уол оҕо оонньуу олорон: «Мамаа, дьоннор кэллилээр», — диэт, таҥаһын таҥныбытынан барда. Хостон кыра уҥуохтаах хатыҥыр кыыс дьахтар тахсан, мух-мах тура түһээт, нэһиилэ дорооболосто.

— Кэллигит дуо, биһиги бэлэммит, — муннун анныгар киҥинэйдэ. Мария, дьонун кыбыһыннарымаары, арыый уоскуйан кэпсии олордо. Ол быыһыгар дьүөгэтин Маруусаны хайгыы санаата, бу эппит тылын толорон, аны тута барсарын кытары кэпсэппит эбит ээ. Ити курдук судуххайдык, «эй», «ой» дэттэрбэккэ, кийиит дьахтары ийэтин дьиэтигэр киллэрдэ...

Күүттэриилээх саҥа дьыл бырааһынньыгын иннигэр бииргэ төрөөбүттэр бары мустан, бырааттарын ыал буолар остуолун үөрэ-көтө тардан, саҥа ыалы эҕэрдэлээн кэбистилэр.

Күннэр-хонуктар биир-мээр ааһан истилэр. Биирдэ Мария, дьоно хайдах олороллорун билсэ таарыйа, ийэтин аахха киирэ сырытта. Дьэ эбитэ, доҕоор, ийэтэ уоһа уһуктанан, уоллаах кийиитин мөҕүү бөҕө. Хотоннорун да көрбөккө, уһун күнү быһа сытар, аһыыр үһүлэр, эбиитин оҕолоро мэниктиирин кэпсии тоһуйда.

— Ылбыт аспын бүтэрэн иһэллэр, бурдугум бүттэ, ити дьахтар сотору-сотору ас астыыр, бу оҕо элбэҕи аһыыр, — диэн аах да аах буолаахтаата. Мария барахсан кийиитин да, быраатын да аһынна, бээ, эдьиийдээх балтыбын кытары сүбэлэстэхпинэ сатаныыһы, ийэбит кийиит да кийиит диэн киһини сүгүн олордубакка буллаттаран баран аны куһаҕан дьахтары булбуккун диэн сирэй сыҕайыыһы. Хайдах гыныахха?

Кыргыттар сүбэлэрин кэннэ ийэлэрин эдьиийдэрэ куоракка тиэйэн ылла. Инньэ гынан саҥа ыаллар бэйэлэрэ хаалан, санаалара көнөн, дьиэлэрин дьиэлээн, эйэ-дэмнээхтик олордулар. Марияҕа сотору-сотору ийэтэ төлөпүөннээн, быраата хайдах олорорун, тугу аһаабытын  сураһар, «харчылаах буоллаххына, уолгар биэр, табах да ылар харчыта суох ини, дьахтара тугу аһатара биллибэт, уола наһаа мэник, сээкэйбин барытын ыстаҕа буолуо» диэн соруйсар да, үҥсэргиир да.

Клара барахсан Кирииһэттэн уонтан тахса сыл балыс. Ийэтэ баар эрдэҕинэ, аҕалара арахсан баран куоракка олохсуйбутун истэллэрэ. Кыыс оскуола кэнниттэн куоракка аҕатыгар киирэн олорон атыыһыт идэтигэр үөрэнэн иһэн ыарахан буолан, ийэтигэр төттөрү дэриэбинэҕэ тахсыбыта. Олоҕор улахан тапталы билбэккэ ити курдук алҕас сырыыттан уол оҕону төрөппүтэ. Ийэтэ барахсан ыарытыйара элбээн, биир саас суох буолбута. Ол кэнниттэн Клара эриирдээх-бутуурдаах олоҕо саҕаламмыта. Үөрэҕэ, үлэтэ суох, эбиитин булумньу оҕолоох дьахтары дьон сэнээн туора көрөллөрө. Сороҕор оҕотунуун хам аччык хоноллоро. Самнарыйбыт дьиэлэрин отторго биир да хардаҕас мас суоҕа. Аҕатыгар эрийэ сылдьыбытын бэйэтэ харчыга наадыйарын эппитэ. Хата, ийэтин кытта бииргэ үлэлээбит дьүөгэтэ аһынан дьиэтигэр дьукаах ылан олордон, киниэхэ ийэни солбуйбута, уолугар эбээ буолбута. Малаанньалыын син бэркэ тапсан, биир кыһын кыстаабыттара. Клара биэстээх уолун көрө-көрө ас астаан, дьиэни хомуйан, муус, мас бэлэмнээн, аһылыгын боруостуура. Ол курдук олордохторуна Малаанньа улахан уола атын дэриэбинэттэн кэлэн үүрсэн турбута: «Бу сэлээччэх дьахтары саҥа дьылга диэри суох гын, эбэтэр мин үүрэбин дуо?» — диэн бардьыгынаан, ааны тыастаахтык сабан бараатын кытары дьиэ иһэ киһи кулгааҕа чуҥкунуох иһийбитэ. Онтон ыла Малаанньа барахсан Клараны ханна эрэ ыытар санаалаах сырыттаҕына, оскуола библиотекара улууска дьахтар мунньаҕыттан кэлбитин көрсө түһэн, наадалаах солунун истэн сэргэхсийбитэ. Ол кэнниттэн эдэр эрдэҕиттэн олох ыараханын билбит Клараҕа мас-таас курдук сүбэлээбитэ билигин да кулгааҕар иһиллэр. Барар сирэ баҕана үүтэ буолбут кыыс дьахтар Кирииһэтин убаастыы санаан, ол гыннар оҕотунуун кииримньи эбээлэрин сөбүлээбэтэллэр да, тулуйбуттара...

— Аллоо, Машаа, ийэбит ыксаата, дьиэм да дьиэм, дьаабылаатахтара буолуо диэн олох киһини олордубат да, туруорбат да буолла. Онон, кэбис, ыытыыһыкпын, — диэн эдьиийин тылын истээт, Мария:

— Оо, онтон дьоммут этэҥҥэ олороллор ээ, биһиги кэлэ-бара сылдьабыт, ыксаабатын, саатар бастакы паром сырыытыгар диэри олордо түс, — диэн эдьиийин ааттаста. Ийэлэрэ куоракка олордоҕуна Кирииһэлээх Клара уолларын оҕо саадыгар биэрэннэр, билигин күнүһүн бэйэлэрэ хаалан хотоннорун батысыһа сылдьан көрөннөр, өссө эбии чугастык билсэннэр, сыһыаннара лаппа тупсубутун эдьиийдээх күтүөттэрэ көрөн өттүктэригэр эрэ имнэнсэллэрэ.

Ол да буоллар ийэлэрэ саас эрдэ таксинан кэлбитэ. Биир сарсыарда Мария үлэтигэр баран иһэн дьонугар таарыйан ааспытыгар, ийэтэ террасаҕа ытыы турарыгар түбэспитэ. Ол тухары оҕолорун мөҕөр, хойукка диэри утуйалларын, уола дьахтарын эккирэтэ сылдьарын, киниэхэ болҕомто уурбатын, ийэтин тылын истибэт буолбутун кэпсии-кэпсии ытамньыйбытын Мария нэһиилэ ааттаан тохтоппута.

Мутукча тыллыыта биир сарсыарда Мария ас бэлэмнии сылдьан түннүгүнэн ийэтэ иһэрин  көрөн, утары тахсан кэтээн турда.

— Дьэ, дьахтарбыт барда, быраатыҥ акаары эккирэттэ, — диэн, улаханнык кыыһырбыт омунугар тайанан кэлбит мас торуоскатын бырахта.

— Хайа бу, ийээ, туох буоллуҥ, хаһан кэллиҥ, мин бэҕэһээ эрэ сылдьыбытым дии дьоммор, этэҥҥэ олорор этилэр, Клара ас бөҕө астаабыт этэ.

Мария бу өйдөөн көрдөҕүнэ, ийэтэ уоһа чорбойон, кыыһырбыт уоҕар, бэл, кэтэҕэ уһуктаммыт курдуга. Ийэм барахсан сааһын тухары аттыттан араарбатах атаах уолун ийэлии күнүүлээн муҥнаммытын көрөн аһынна да, таах сибиэ кини тылын истибитин сэмэлэнэ санаата.

— Клараа, барыма даа, — диэн хараҕын уутун сотто-сотто, бадарааннаах суолунан Кирииһэ Кларатын батыһа истэ.

Ийэлэрэ бэҕэһээ киэһэ кэлээт, «дьиэбин дьаабылаабыккыт, бурдукпун, арыыбын бүтэрбиккит, сүөһүлэрим ырбыттар, бу туох дьаабы дьахтарын аҕаланнар, оҕом биһикки чуумпу олохпутун аймаатылар, өссө дьиэбиттэн үүрдүлэр» диэн ытамньыйа-ытамньыйа, Клараны дэлби саҥарбытын санаан, Кирииһэ ийэтин абааһы көрө санаата. Клара «тугум иһин баттаата, сэнээтэ, кэбис, олох олордуо суох эбит, ол кэриэтин» диэн санаалаах, ылыммыт санаатын толорордуу, уолун сиэппитинэн бадарааннаах суол устун иннин диэки хаама турда.

 Айан суолун ортотугар Кирииһэ соҕотох аймана туран хаалла...

Хайа баҕарар ийэ оҕотугар дьолу баҕарара чахчы, ол эрээри олоххо ийэ күүстээх тапталын содуллара баар буолааччылар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...