Суораты быспакка сиэҥ
Саха дьоно урут да, билигин да бэйэ аһынан аһаан син баччаҕа кэллэхпит. Оттон билигин, ордук ыарыы, дьаҥ кэмигэр битэмииннээх аһынан тото-хана аһыы сылдьыахха наада. Суорат иһэргэ эрэ буолбакка, атыҥҥа да туһалааҕын билиһиннэриэхпит.
Суорат дьиктилэрэ
Илииҥ тириитин көрүнэргэр суораты туттар – саамай туһалаах ньыма. 2 остолобуой ньуоска суораттан булкадаһыгы бэлэмниигин. 1 сымыыт уонна биир улахан ньуоска мас арыыта. Барытын булкуйаҕын уонна илиигэр соттоҕун.
Бу илииҥ тириитин олус үчүгэйдик сымнатар уонна хаҕыламмыт тириигин суох гынар. Симиэһи 20-25 мүнүүтэ илиигэр тутаҕын, ол кэннэ итии уунан суунан кэбиһэҕин.
Сааһырдаҕыҥ аайы дьахтарга, эр дьоҥҥо тириилэригэр мэҥ (бээтинэ) тахсар. Маныаха эмиэ суорат көмөлөөх.
Дьиэтээҕи суоратынан мүөттээх утах оҥороҕун (1 ыстакаан суоракка 1 остолобуой ньуоска мүөт). Бу утаххын нэдиэлэ устата сарсыарда уонна киэһэ иһэҕин.
Тыҥыраҕыҥ алдьаннаҕына, бу ньыма эмиэ олус туһалаах.
Илиигэ тахсар бээтинэни дьиэтээҕи суоратынан, луук сүмэһининэн маҥхатыаххын сөп. 1 кыра ньуоска луук сүмэһинин уонна 2 кыра ньуоска суораты булкуйаҕын. Симиэһи илииҥ бээтинэтин тула утуйарыҥ саҕана соттоҕун уонна сарсыарда биирдэ суунаҕын.
Дьиэтээҕи суораты маннык оҥоруохха сөп:
1. Пастеризацияламмыт үүккэ сүөгэй кутаҕын: 1 лиитирэ үүккэ – 2 ост. ньуоска сүөгэй.
2. Пастеризацияламмыт үүккэ 10 чаайынай ньуоска суорат эбэҕин (1 лиитирэ үүккэ). Дьиэтээҕи суораты оҥоруох иннинэ үүккүн кыратык сойутаҕын.