15.12.2023 | 18:00

Суоппардар үлэлии тахсыбаттар...

Куоракка тимир көлөтө суох буоллаххына, оптуобуһунан эрэ сылдьаргар тиийэҕин. Уопсастыбаннай тырааныспар урут да, билигин да нэһилиэнньэ олоҕор тыын суолталаах. Ордук биһиги курдук тымныы кыһыннаах дьоҥҥо...
Суоппардар үлэлии тахсыбаттар...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн графигы “ЯПАК” МУТ – 98%, чааһынай тиэйээччилэр 66% толордулар.

Суоппардар тоҕо үлэлии тахсыбаттарый? “Союз Авто” НКО бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, сорох оптуобустар ититиилэрэ мөлтөх, тиэхиньикэ алдьанар уонна суоппар тиийбэт кыһалҕата уҕараабат...

Куорат уопсастыбаннай тырааныспара уустук оҥоһуулаах механизмҥа тэҥнээх. Биир эмэ оптуобус линияҕа тахсыбатаҕына, үлэ хаамыыта тута ыһыллар, график кэһиллэр. Холобур, бэнидиэнньиккэ 8-с №-дээх маршрут аҥаара эрэ үлэлии тахсыбыт. Бу күн онто да суох аҕыйах, баара-суоҕа аҕыс оптуобустан түөрдэ эрэ сүүрбүт. Ол иннинэ ахсынньы 1 күнүгэр 18-с №-дээх маршрут уонча оптуобуһа үлэлии тахсыбатаҕа биллибитэ. Кэлин «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрбитинэн, сорох суоппардар ыалдьан, сорох оптуобустар алдьанан тахсыбатахтар диэн буолбута. Ол күн Ленин проспегынан уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта сөргүтүллүбүтэ, өрөмүөн кэмигэр курдук, маршрут Поярков уулуссатынан быһа, көнө сылдьара тохтообута. Баҕар, ону сөбүлээминэ дуу диэн санаалар кытта иһиллибиттэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, ханнык баҕарар маршрут сөбүлэҥи ааһар – пааспарыгар ханан сылдьара эрдэттэн бигэргэтиллэр. Онон “манан айанныахпытын баҕарабыт”, “итинэн барбаппыт” диэн боппуруос туруо суохтаах. Дьон томороон тымныыга сылдьар дуу, сылдьыбат дуу оптуобустары халтай кэтэһэн, тоҥо туруо суохтаах. 

Уопсастыбаннай тырааныспарга суоппар тиийбэт кыһалҕата сытыырхайбыта син ыраатта. Саҥа тиэхиньикэ кэлэр да,  онно үлэлиэн баҕалаах аҕыйаҕа кистэл буолбатах. Үрдүк хамнас, босхо үөрэх кими да угуйбат. Онон араас чэпчэтиилэри, социальнай өйөбүл эбии миэрэлэрин киллэрэр бырагыраама оҥоһуллуон наада.

Эһиилгиттэн киин куоракка уопсастыбаннай тырааныспар ситимэ уларыйар. Маршруттар эрэ буолбакка, пассажирдары тиэйиини тэрийии кытта уларыйыаҕа. Саҥа тиэхиньикэ элбиэҕэ, оптуобустар сырыыларын схемата саҥаттан оҥоһуллан бигэргэтиллиэҕэ. 90-с сыллартан үлэлээн кэлбит систиэмэ эргэрбитэ, куорат билиҥҥи ноҕуруускатын кыайбата чуолкай. Ол эрээри уларыйыы-тэлэрийии үөһэ этиллибит механизмы ыспакка, төттөрүтүн, сааһылыыра, бэрээдэктиирэ, үлэтин тупсарара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.    

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....