06.03.2021 | 05:45

Суоппар, булчут, уус Людмила Тарасова: «Көҥүл сылдьа үөрэммиппин»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыыс оҕо аҕатын суолун батыһарын бүгүҥҥү сэһэргэһээччим үтүө холобуругар көрөбүт. Кинини үс тылынан кылгастык билиһиннэриэххэ сөп. Суоппар, булчут, уус. Людмила Ивановна Тарасова тимир көлөнү эрэллээх доҕор оҥостубутун, оҕо сааһыттан булт абылаҥар ылларбытын сэргии ааҕыҥ.

ИЛЛЭЭХ-ЭЙЭЛЭЭХ ДЬИЭ КЭРГЭН

– Людмила Ивановна, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр биэс оҕолоох Тарасовтар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтүм. Ыал кыратабын. Аҕабыт Иван Игнатьевич өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр чемпион суоппар этэ. Соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораан, ол кутурҕаныгар сылдьабыт. Ийэбит Мария Никифоровна “Холбос” потребуопсастыбаҕа 40-ча сыл экономистаабыта.

Бииргэ төрөөбүт эдьиийбит үйэтин-сааһын тухары реанимацияҕа үлэлээбитэ. Орто убайым куорат дьаһалтатыгар үлэлиир. Уонна атыттар – бары суоппардарбыт. Кыра эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит дьиэбит аанын таһыттан хатаан бараллара. Убайбыт көрө-харайа хаалара. Киэһэ кэлбиттэрэ, бырааттарын, балтыларын көтөҕөн, кууһан баран олорор буолар үһү. Бииргэ төрөөбүттэр иллээхпит-эйэлээхпит, мэлдьи көмөлөсүһэбит, өйөһөбүт.

– Оччотооҕу кэм оҕолоро, бука, үлэни өрө тутан улааттаххыт?

– Оннук. Туохха барытыгар тутуспутунан сылдьарбыт. Икки сыл тэрилтэҕэ мас саһааннаабыппытын өйдүүбүн. Кыра эрдэхпититтэн ийэбитин батыһан, сир астыы үөрэммиппит. Аҕабытын кытта өрүскэ балыктыырбыт. Арыый улаатан баран, куска сылдьыһар буолбутум. Бэйэбит бултуур сирдээхпит, онно сыл аайы тахсабыт. Кустаабатаҕым икки-үс сыл буолла. Сааһырдым, солом суох да курдук.

Билигин “Дилижанс” диэн такси сулууспатыгар үлэлиибин. Сарсыарда 5.30 чаастан диализ ылар дьону таһабыт. Бүтэһик ыарыһахтар түүн 12 чааска бүтэллэр. Онтон поликлиника, маҕаһыын, ресторан үлэһиттэрин дьиэлэригэр илдьэбит-аҕалабыт.

ИРЭЭППИН ЭРЭ БУЛТУУБУН

–Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр ийэлээх аҕам “Минскэй” матассыыкыл атыылаһан биэрбиттэрэ. Хаппыыста, от лааҕырыгар сылдьыбытым. Арааһа, онно үлэлээн ылбыт хамнаспар эбэн ыллылар этэ дуу. Убайдарым эмиэ “Юпитер”, “Планета”, “Урал” матассыыкыллаахтара. Дьэ, онон кустуу барарбыт. 

–Бастакы булкун өйдүүгүн? Дьоҥҥут өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэллэххитинэ, үөрэ көрсөллөрө буолуо?

–Кус буолуо. Өссө куобах этэ дуу. Күһүн саабын ыллым да, соҕотоҕун куобахтыы тахсарым. Биирдэ эмит дьүөгэлэрбин илдьэ барааччыбын. Кинилэр үүрэн биэрэллэрэ. Ол саҕана куобах элбэх этэ.

Биирдэ күһүн өрүскэ киирэн,  үс хааһы өлөрөн, ийэбин соһутан турабын. Аҕам баһылыгы кытта кэпсэтэ олорбута быһыылаах. Кинини күүтэ сатаан баран, бэйэм барбытым.

Байанай биэрдэҕинэ биэрэр. Кэмигэр сырыттахха, элбэҕи баспакка. Кэлин кус көҥүллэммит күннэригэр нэдиэлэ курдук тахсан киирэбин. Ирээппин, сөп буолары бултаатахпына, бүтэбин уонна кэлэн дьоммор үллэрэбин. Аҕабыт дьоммутугар, ыалларбытыгар тэҥ гына түҥэтэрэ. Хаһан да хаһааммаппыт. Ньукуолун күн сиирбитин эрэ булунабыт.

–Хара тыа иччитэ күндүлээбит, маанылаабыт биир эмэ түгэнин ахтан ааһыаҥ дуо?

–Биир сарсыарда сэттэ чааска иннэнэн тэһэ астарбыт курдук уһуктубутум. Дьонум утуйа сыталлара. УАЗ-пын собуоттаат, трассаҕа тахсыбытым. Арай иннибэр улардар олороллоро. Сэттиэлэр дуу, хастар дуу. Онтон биирдэстэрин таппытым, атыттары сырсыбатаҕым. Онон аҕыйах мүнүүтэ иһигэр сүүнэ улахан улары бултаан кэлбитим. Аҕам олус соһуйбута. Кур улар дэҥҥэ көстөр эбит. Этэ сылгы киэнин курдуга. Үс буолан сатаан сиэбэтэхпитин сарсыныгар убайым кэлэн тобоҕолообута.

ТИМИР КӨЛӨМ – АРАХСЫСПАТ АРГЫҺЫМ

–Оскуоланы бүтэрбитим кэннэ аҕам УАЗ массыына ылбыта. “Оҥостубат буоллаххына, гарааска киллэрэн туруоран кэбис”, – диирэ. Онон бэйэм көрүнэргэ үөрэммитим. Кини ыйан-кэрдэн эрэ биэрэрэ.

Ол саҕана Үөһээ Бүлүүгэ суол-иис куһаҕан этэ. УАЗ массыынанан таксилыырбыт. Аны суотабай төлөпүөн диэн суох. Улуус киинигэр киллэрэн баран, кими да сүтэрбэккэ, барыларын төттөрү илдьэ кэлэҕин. Билигин суотабай төлөпүөннээх эрээри, ардыгар сүтэрсэбит (күлэр). “Бачча чааска бу маҕаһыыҥҥа көрсөбүт”, – диэн баран түһэртээн кэбиһэрим. Болдьоммут кэмҥэ бары баар буолаллара. Ол саҕана массыына да аҕыйах. Хоро, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү эбэтэр Ньурба хайысханан сылдьарым. Дьокуускайга бэйэм наадабар кэлэн барарым.

Икки сылтан бэттэх Владивостоктан массыына сүүрдэн аҕалар буоллум. Бастакы сырыыбар, ыллым да, соҕотоҕун барбытым. 2 ГИС холбонобун уонна айанныыбын. Уопсайа 10-чата сырыттым. Сакаастыыллар эбэтэр бэйэм манна аҕалан атыылыыбын. Кыһыҥҥы өттүгэр хайалаах сирдэргэ сэрэхтээх диэн барбаппын-кэлбэппин.

–Уопсайа хас массыыналана сылдьыбыккыный? Ханнык маарканы ордороҕунуй?

–Биэс массыыналана сылдьыбытым, кэнники 2 иномарка –  “Филдер” уонна “Ипсум”. Бастакы УАЗ-игым 5-6 сыл сулууспалаабыта, үс УАЗ массыынанан уопсайа 15 сыл сүүрбүтүм.

Тыаҕа сылдьарга, биллэн турар, УАЗ-ка тэҥнэһэр суох. Былыргы “Ипсум” олус үчүгэй массыына дии саныыбын.

Билигин үлэбэр “Филдеринэн” сылдьабын. Гаас уматыктаах, быдан экономичнай. Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сүүрэрбэр күҥҥэ 400-500 солк. барыыбын. Гаас оборудованиелара уруккутааҕар тубуста. Сыаналаах, ол эрээри онтун толуйар. Биллэн турар, сэрэхтээх. 

–Куорат суолун-ииһин туох дии саныыгыный?

–Оҥоро сатыыллар. Тутулла илик сирдэргэ куһаҕан. Аа-дьуо, сыыйа-баайа тупсан иһиэ буоллаҕа. Куоракка сорох аадырыстары билбэппин, онон күчүмэҕэйдэри көрсөбүн. Кыһын тымныыга туман быыһынан үлэлээбитим. 

–Сорох суоппардар навигаторынан эрэ сирдэтинэр курдуктар. “Уҥа бар, хаҥас туораа” диэн салайан абырыыр быһыылаах.

–Аныгы таксилар – түөрэ бары 2 ГИС көмөтүнэн сылдьаллар. Ол сирдьиппит сороҕор олус ырааҕынан эргитэр ээ.

–Инньэ гынан, массыына уруулун эрийбитиҥ хас сыл буолла?

–Һуу, ырааттаҕа дии! Үйэм-сааһым тухары массыына ыытан кэллим. А, В, категориялаах суоппар быраабын 18-19 сааспар ылбытым. Уонча сыллааҕыта С категорияны туттарбытым. Онтон Мииринэйгэ үөрэнэ таарыйа, аны D категорияны ылбытым. Онон А, В, С, D категориялаах суоппарбын. “Технолог общепита” диэн  идэлээхпин, үс сыл повардаабытым. 5 разрядтаах алмааһы кырыылааччы дипломун ылан, собуокка үлэлээн истэхпинэ, тэрилтэм моҥкуруут баран сабыллыбыта. Бу курдук тимир көлөнү арахсыспат аргыс оҥостон соҕотох, көҥүл сылдьарга үөрэнэн хаалбыппын.

–Доруобуйаҥ уйдар эрэ, сөбүлүүр идэҕинэн үлэлиир буоллаҕыҥ. Суоппардар үксүн систэрэ мөлтүүр дии.

–Кырдьык даҕаны, сиһим грыжаланан, 3-4 ый хаампакка сыппытым. Бүлүүгэ таксилыы сылдьан, маҕаһыынтан таһаҕастаах куулу аҥаардаан баран, икки илиибэр тутан тахсан истэхпинэ, сыыһа туттубутум. Куоракка эпэрээссийэлэммитим. Билигин этэҥҥэ, мэһэйдээбэт курдук.

–Биир эмэ мүччүргэннээх сырыыгын кэпсиэҥ дуо?

–Мүччүргэннээх диэн суох быһыылаах. Быыбарга элбэхтэ сүүрбүтүм. Биирдэ Үөһээ Бүлүү баһылыгын быыбарыгар 5-6 массыынанан үлэлээбиппит. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ыаллары кэрийэрбит. Биэс эр киһи ортотугар мин соҕотох дьахтар суоппарбын. Тымныыга айаннаан иһэн, көлүөһэлэрэ тэстэн, тыыннара тахсан хаалар түгэннэрэ баара. Саппаастара суох буолан, миигиттэн көрдүүллэрэ. Туормастарын убаҕаһа бүтэн хааллаҕына, эмиэ миигиттэн ылан тутталлара.

–Ыраах айаҥҥа турунаргар хайаан да тугу уктаҕыный?

– Массыынам аптечкатын мэлдьи илдьэ сылдьабын. Уонна таҥаспын. Владивостокка ылыахтаах тимир көлөбүн үчүгэйдик бэрэбиэркэлээн баран атыылаһабын. Барытын биллэриинэн көрөбүн.

Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?

–Өрүскэ күөгүлүүбүн. Илими кыайа тутабын. Остолобуойга үс сыл үлэлээбит киһи ааһан иһэн астыыбын. Бырааһынньыкка эҥин бэрэскилииргэ көмөлөһүннэрэллэр.

Эдэр сылдьан уһанар этим. Ол-бу бытархайы барытын. Сундуук сакаастыыллара. Аҕам тимиринэн, маһынан бэркэ уһанара. Киниэнэ барыта бөҕө, хаачыстыбалаах буолара. Былырыын уһанар инструмент арааһын ылыммытым. Суоппарбыттан уурайдахпына дьарыктаныам. Кийиитим оҕолорго оҕуруонан ону-маны оҥортороро. Онно эмиэ үөрэммитим.

Аҕам барахсан үлэһитэ, сымнаҕаһа, булчута, сатаабата диэн суоҕа. Дьиэтин тас олбуорун сыбааркалаан барытын бэйэтэ саҥардыбыта. Хос сиэнигэр ааспыт сайын хачыал оҥорон биэрбитэ. Ылсыбытын тиһэҕэр тиэрдэрэ. Ийэбин кытта эйэ дэмнээхтик 53 сыл олорбуттара. Күндү киһибин олус истиҥник саныыбын уонна суохтуубун.

–Людмила Ивановна, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айаныҥ алгыстаах, суолуҥ мэлдьи көнө буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....