12.02.2024 | 19:41

Суолу тутааччылары кытта хантараактар түһэрсиллэн бүтэн эрэллэр

Суолу тутааччылары кытта хантараактар түһэрсиллэн бүтэн эрэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сылга Дьокуускайга уопсайа 32,4 км усталаах 19 эбийиэккэ суол тутуута, өрөмүөнэ ыытыллаары турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ былааннаах 19 эбийиэктэн 16-гар хантараак түһэрсилиннэ:
– Винокуров уулуссатын Ильменскэйтэн Чайковскай уулуссатыгар диэри кэрчигин уларытан оҥоруу, суол устата –  1,014 км;
– Бүлүүлүүр суол Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ, оҥоһуллар учаастак  устата – 1,415 км;
– Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчигин саҥардан тутуу, оҥоһуллар учаастак уһуна – 2,190 км;
– Иван Крафт уулуссатын Кульбертинов уулуссатыттан Эргэ Покровскайдыыр суолга диэри кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ, тутуллар учаастак устата – 2,900 км;
– Птицефабрика оройуонугар элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирэр Хомустаах уулуссатын өрөмүөнэ, оҥоһуллар учаастак уһуна – 3,150 км;
– Кангалаас бөһүөлэгин Ольховая уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ – 1,314 км;
– Можайскай уулуссатын Севастопольскайтан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,837 км;
– Речниктар уулуссаларын Бабушкин уулуссатыттан Рихард Зорге уулуссатыгар диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,480 км;
– Сэргэлээх шоссетын 5 км турар «Берегиня» оҕо дьиэтигэр киирэр суол хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,493 км;
– Бестужев-Марлинскай уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,840 км;
– Кузьмин уулуссатыгар икки учаастак хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,470 км;
– «Севернай» кыбаартал суолларын хапытаалынай өрөмүөнүн иккис уочарата – 8,000 км;
– «Тускул» дьоҕус оройуон Сайдыы уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ – 2,000 км;
– Макаренко уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ – 0,380 км;
– Генерал Притузов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ – 1,155 км;
– Автомобилистар уулуссаларын Михаил Николаев проспегыттан Сэргэлээх күөлүгэр диэри учаастагын өрөмүөнэ – 1,350 км.
Хаалбыт үс эбийиэккэ муниципальнай хантараактары түһэрсии процедурата салҕанар. Ол курдук, Рыдзинскай уулуссатыгар Жорницкайтан Халтурин уулуссатыгар диэри учаастак, Мархаҕа Мелиоратордар уулуссалара итиэннэ Сыырдаах бөһүөлэгин уулуссатын өрөмүөнэ хаалан тураллар. 
Дьокуускай куораттааҕы уулусса-суол ситимэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан 2019 сылтан оҥоһуллар. Биэс сыл иһигэр 164 км усталаах суох ирбэбилгэ эппиэттиир турукка тиэрдилиннэ. Быйыл, 2024 сыл бүтүүтэ, куорат суолун 80% тупсара күүтүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....