Суолу... социальнай ситим оҥорор
Аныгы сайдыылаах 21-с үйэҕэ олоробут да, биир саамай кыһалҕалаах боппуруоспутунан суол буолара мэлдьэҕэ суох.
Суол – олох, сайдыы төрдө диэн этии олус оруннаах. Суол суоҕуттан, куһаҕаныттан төһөлөөх элбэх кыһалҕаны көрсөрбүт, төһөлөөх киһи олоҕо онтон тутулуктаммыта буолуой?! Кытыы нэһилиэктэргэ (дьиҥэр, суол суох буолла да, кытыы, түгэх сытар нэһилиэктэр аатыраллар), ардах түстэ да, сибээс быстар, кэлии-барыы тохтуур, сырыы суох буолар.
Суол куһаҕаныттан иэдээн тахсар
Иэдээн диэн тыл харах уутун, кыһалҕаны кытта ситимнээх. Өлүү-сүтүү эрэ да буолбатар, үөрэхтэн матыы, хонуктаан сатыы айаннаан дойдуну булуу, үөс сиргэ тиийбэккэ, сөптөөх көмө кэлбэккэ, тыын быстыыта, олохтон матыы.
Алта-сэттэ сыл анараа өттүгэр күтүөтүм барахсан ыарахан, искэн ыарыыта буулаан, олохтон туораабыта. Тиһэх суолугар атаара барарбар, суол-иис уруккуттан улаханнык уларыйбакка турарын хомойо, соһуйа көрбүтүм. Мин ол дэриэбинэҕэ 20-тэн тахса сыл анараа өттүгэр олоро, үлэлии сылдьыбытым. Оннооҕор дьиэлэр, тутуулар улаханнык уларыйбакка, бу сиргэ сайдыы барбыт сибикитэ көстүбэккэ, биллибэккэ дылыта. Уруккуттан суола куһаҕанынан аатырар дэриэбинэҕэ тутуу матырыйаала да тиийбэтэ харгыс буолуо. Дьиҥэр, бу «кытыы” нэһилиэк улуус кииниттэн 50-тан тахса эрэ килэмиэтир тэйиччи сытар. Кыһалҕата биир – куһаҕан суол. Дьэ итинник сырыы суох кэмигэр төһөлөөх ыалдьыбыт киһи көрдөрүнэ барбакка, ыарыытын баалатан, олохтон барбыта буолуой?! Хас да ый суола cуох, ардах түстэ да тыраахтар эрэ сылдьар сириттэн кыһалҕаламмыт киһи көрдөрө, көмө көрдүү барара ыарахаттардаах. Онон мин тапталлаах күтүөтүм суох буолбутугар, сүтүктээх сүүс айыылаах дииллэринии, биир биричиинэнэн суол быстар мөлтөҕүн, оҥоһуллубатын эппитим. Аны бу нэһилиэккэ улуус киинигэр оҕоломмут дьахтар оҕотун көтөҕөн, санаан көрүҥ, саҥа төрөөбүт ийэ, дойдутун сатыы булбут сураҕа эмиэ баар. Ити сайын, ардахтар кэмнэригэр. Аны туран, кууллаах бурдуктарын, астарын, килиэптэрин тыраахтартан тыраахтарга тиэйэн, көһөрөн эрэй бөҕөтүн көрбүт кэмнэрэ эмиэ баар. Билигин олох сырыыта суох олорботтор, кэм таас, гравий, кумах кутан, быдан оҥоһулунна диэн үөрэ кэпсииллэр. Кылаабынайа, сырыыны кыайар тиэхиньикэлээх, бадарааны бадараан диэбэт тимир көлөлөөх буолуоххун наада.
Онтон соҕуруу сытар нэһилиэккэ биирдэ этиҥнээх ардах кэнниттэн айаннаан баран, ити дэриэбинэҕэ төрөөбөтөҕүм да үчүгэй эбит дии санаан, айаным тухары таҥараҕа үҥэ олорбутум. Ол курдук бадарааны, чалбаҕы курдат ааһар УАЗ массыынабыт эргийэ сыһан, төттөрү хайыһан тиийиэхтээх сирбитин кыһалҕалаах эрэ буолан булбуппут. Ити курдук куһаҕан суоллаах, өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар сытар улуустары киһи ааҕан сиппэтэ буолуо.
Ити мин бэйэм улууспун эрэ билэрдии кэпсээтим.
Ырааҕынан тэлэн, Сахабыт сирин киин куоратыгар кэлиэххэйиҥ. Этэргэ дылы, көмүспүтүн, алмааспытын, Менделеев таблицатын «тэпсэ» сылдьаммыт, Дьокуускайга даҕаны көлүөһэ тимирэр, сатыы киһи батыллар уулуссалара бааллар.
Ыраас куорат туһугар
Соторутааҕыта “Киин куорат” хаһыаппыт телеграм-ханаалыгар куорат олохтоохторуттан сурук киирбитэ. Ону ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.
“Халтурин уулуссатын 22/2 олохтоохторо ыам ыйын 19 күнүгэр күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар. Бу дьиэ 4 подъеһыгар 330 кыбартыыра баар. Дьиэ куорат бүддьүөтүн үлэһиттэригэр анаан тутуллан, 2018 сыллаахха киирбитэ. Онтон ыла саас аайы олохтоохтор тахсан тэлгэһэлэрин куруук ыраастыыллар, харбыыллар, таарыйа бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэр.
Ол эрэн бу дьиэ араас кыһалҕата элбэх. Кылгастык кэпсээтэххэ, саамай улахан кыһалҕанан дьиэҕэ кэлэр айан суола буолар. Халтуринтан Семилетка уулусса быһа охсуһуутугар диэри 300-кэ миэтэрэ суолунан киһи массыынаҕа олорон икки илиитинэн тутуспакка эрэ айаннаабат, истирээлинэй массыына дуоскатынан айан диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ. Аны Семилетка уулуссаҕа туораан дьиэҕэр кэлиигэр эмиэ барыта дьаама. Иллэрээ сыллааҕыта бастакы мэндиэмэҥҥэ “Калинка” диэн уһуйаан аһыллыбытыгар дьаһалта үлэһиттэрэ кэлэн үөрэн-көтөн лиэнтэ быһан баралларыгар суолбутун бэрт түргэнник астара охсон кэбиспиттэрэ, тойон-хотун бэрт сымнаҕастык айаннаан кэллэҕэ. Ол айыыта онон, олох аҕыйах миэтэрэ сылын аайы кыайтарбат, оҥоһуллубат.
Дьиэттэн оптуобус тохтобулугар барарга икки суол баар. Онтон биирэ Дзержинскэй уулуссатыгар тахсыыны ыалларбыт, Дзержинскэй уул. 57 нүөмэрин олохтоохторо араастаан бүөлээн, сыбаайа быраҕан, онтон олох да тимиринэн сыбааркалаан, нэһиилэ киһи кытыытынан сылдьар оҥорбуттара. Эгэ кэлээскэлээх ийэлэр, тайахтаах кырдьаҕастар сатаан сылдьыахтара дуо? Этэргэ дылы, былыргылыы сир былдьаһыытын курдук балаһыанньа үөскээбитэ: Халтурин олохтоохторо сыбааркалаабыт сири көтүрэллэр, анараалар тута сыбааркалаан иһэллэр. Билигин арыллыбыт курдук буолан турар. Аны ол сиринэн барыыга умайбыт дьиэ турара олус хараастыылаах. Бу дьиэ уун-утары “Северные звездочки” оҕо уһуйаана турар. Умайбыт дьиэ чааһынай бас билии буолан, ким да көтүрбэт, хаһаайын бэрт улахан сыананы көрдүүр дииллэр. Бу дьиэ иһэ-таһа барыта бөх, ону бүгүн олохтоохтор хомуйан-хомуйдулар. Аны туран, бу дьиэҕэ эдэрдэр, араас күлүгээттэр мустар сирдэрэ буолла. Онон ааһан да иһэр киһиэхэ, оҕоҕо олус кутталлаах. Оттон түннүгүнэн оҕолор бу балаһыанньаны көрөллөрүн этэ да барбаккын.
Аны куорат үөһүгэр тахсар иккис суолбут – Строителей уулуссанан ЯКСМК тохтобулугар тахсыы. Манна ЯГИТИ салалтата дуу, тимир олбуору саайан бүөлээн кэбиспитэ. Хата биир тахсар хайаҕас хаалларбыта. Онтубут бөх дьааһыктарынан ааһыы, аны онно, сэрэйбиккит буолуо, ыттар кыһыннары-сайыннары мустан аһыыр, үссэнэр сирдэрэ, аны сайынын сытын-сымарын эбэн кэбис. Онон куттана-куттана, тула өттүгүн көрүнэ-көрүнэ ааһаҕын.
Дьэ, ити курдук үс өттүттэн харгыстар, мэһэйдэр баар буоллаллар да, олохтоохтор бэрт көхтөөхтүк субуотунньуктаан, ыраас куораппыт туһугар туруулаһан олоробут.
Бу сытыы кыһалҕабыт салалта хараҕар хатанан, ааҕыллан, сөптөөх миэрэлэр ылыллаллара буоллар, олохтоохтор махтаныа этибит.
Куорат хаһыатыгар анаан Халтурин уул. 22/2 дьиэ олохтоохторо”.
Бу сурук киирбитин кэннэ олохтоохтор кыһалҕаларын аны ютуб-ханаалга кэпсээн, тыһыынчанан көрөөччүлэннилэр.
Халтурин уулуссата куһаҕаныттан, саас, күһүн, сайын ардах кэмигэр оннооҕор таксистар кэлэртэн аккаастанар түбэлтэлэрэ баар. Хайа суоппар массыынатын харыһыйбат буолуой?! Олохтоохтор даҕаны ходуопкабыт кэһэйэр, дьаамата, бадараана массыынабытын харыстаабат дэһэллэр. Мин билэрбинэн, сорох ыаллыылар, холобур, чааһынай дьиэ олохтоохторо, бэйэлэрэ кыттыһан кумах, гравий тиэйтэрэн, суолларыгар куттарар түбэлтэлэрэ баар. Бу, биллэн турар, улахан кыһалҕаттан, араас инстанцияларга суруйа, көрдөһө сатаан баран ылсаллар буоллаҕа. Эмиэ да сөп, былааһы кэтэстэххэ, сороҕор хара тураах маҥхайыан сөп.
Оттон билиҥҥи социальнай ситим үйэтигэр, былаас, салалта үлэһиттэрэ норуокка аһаҕас, чугас, кинилэри кытта кэпсэтиигэ тахсар, быһа эпиирдэри оҥорор кэмнэригэр ону туһанан хаалар саамай сөп буоллаҕа.
Онон Халтурин уулусса олохтоохторо социальнай ситиминэн, ютуб-ханаалынан тахсыбыттарын сарсыныгар суолларын грейдер кэлэн астаран, тэҥнээн кэбиспитэ. Онуоха Гагаринскай уокуруктан дьокутаат, Строительнай ырыынак генеральнай дириэктэрэ Иван Данилов бу кыһалҕаны өйдөөн, чугастык ылынан, суол кыһалҕатын аҕыйах мүнүүтэнэн быһааран кэбиһэн, олохтоохтор олус диэн улаханнык махтанан, кэлэр өттүгэр, эһиил, аны атырдьах ыйыгар буолуохтаах мунньахха, Халтурин уулуссата өрөмүөн былааныгар киирэрин модьуйаллар, туруорсаллар. Бу, дьиҥэр, кып-кылгас, баара эрэ 300-чэ миэтэрэни кыайбат кэрчик оҥоһуллан хаалара төһөлөөх үчүгэй, абыраллаах буолуо этэй...