07.08.2021 | 13:00

Суол оҥоһуута салҕанар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Киин куоракка  «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суоллары оҥоруу тэтимнээхтик барар. От ыйын 29 күнүгэр, куорат суруналыыстара пресс-турга Пригороднайга уонна куорат уулуссаларыгар сылдьан суол тутуутун хаамыытын кытта билистибит.

Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх суол оҥоһуллан үлэҕэ киириэхтээх –  тутууга, саҥардан оҥорууга, капитальнай өрөмүөҥҥэ уонна өрөмүөҥҥэ 59 км усталаах 44 эбийиэк киирэ сылдьар, онтон аҕыһа 11 км тахса быстах суоллар. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 17 км суол аспаалтааһына бүппүт. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн суолу сайыннарыыга бу сылга бүддьүөт харчытыттан 2,2 млрд солкуобай көрүллүбүт.

Суоллары көрөр айаҥҥа СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Владимиров, «Главстрой» МКТ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров, «Автодор» РИК генеральнай дириэктэрэ Ариан Сидоров сырыттылар, ыытылла турар үлэ хаамыытын кытта билиһиннэрдилэр.

Пресс-тур чэрчитинэн Луговой, Иван Кульбертинов уулуссаларыгар,  Эргэ Покровскайдыыр суолга, Автодорожнай уокуругар Студенческай уонна Нагорнай уулуссаларга, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Пляжнай, Набережнай уонна Совхознай уулуссаларга, итини сэргэ Эргийэр суолга (Окружной шоссе) ыытылла турар уонна түмүктэммит суол үлэлэрин көрдүбүт.

Иван Кульбертинов уулуссатыгар сири тэҥнээһин, үллэн тахсыбыт өттүн уларытыы, аспааллааһыҥҥа бэлэмнээһин оҥоһуллар.  Өрөмүөннэнэр учаастак уһуна – 2,2 км.

Автодорожнай уокурук көтөр фабрикатын микрооройуонугар Нагорнай уулуссатыгар айан уонна кытыы, туоруур суоллары аспааллааһын буола турар.  

Эргэ Покровскайдыыр суол өрөмүөнэ түмүктэнэрэ чугаһаабыт,  97,2%-на бүппүт. Манна үллэн тахсыбыт сирдэри уларытыы, кытыы уонна туоруур суоллары аспааллааһын, суолу дэхсилээһин үлэтэ барар.

Бэдэрээччик «Дорстрой»  ХЭТ Эргийэр суолга (Окружной шоссе) иккис хос аспааллааһын (аспаал иккис араҥата) уурулла сылдьар. Маны сэргэ бордюр, бэлэсэпиэт суоллара, тротуардар оҥоһуллаллар. Суол уопсай уһуна – 4,2 км.

СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Владимиров иһитиннэрбитинэн, тутуу уонна капитальнай өрөмүөн былааныгар быйыл уулусса-суол ситимин 44 эбийиэгэ киирбит, итиннэ 2,2 млрд солк харчы көрүллүбүт. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, 32 эбийиэккэ 8 бэдэрээччик тэрилтэ үлэлиир.

«Быйыл өрөмүөн үлэтэ хаһааҥҥытааҕар да күүскэ баран иһэр. Маннык тэтиминэн балаҕан ыйын ортотугар диэри куораты аспааллааһын үлэтин бүтэриэхпит уонна уулуссалары тупсаран оҥоруунан дьарыктаныахпыт. Холобур, «Автодор» РИК ылыныллыбыт былааныттан инникилээн иһэр. Быйыл суол үлэтэ саҕаланыан иннинэ ыытыллар тэрээһиннэр (торги) былааннаммыт болдьоххо ыытыллыбыттара, муниципальнай хантыраактар эмиэ бириэмэтигэр баттаммыттара. Ити таһынан, «Автодор» РИК күүстээх, бары өттүнэн ситэриллибит тиэхиньикэлээх уонна үлэтин суһаллык, түргэн тэтимнээхтик толорор», – диэн  кэпсиир СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Владимиров.

Сүрүн бэдэрээччиктэртэн биирдэстэрэ – Ариан Сидоров салайааччылаах «Автодор» РИК.

Ариан Сидоров эппитинэн, кинилэр билигин 5 учаастакка 12,5 км суолу аспааллаан бүтэрбиттэр. Кини үлэ графикка сөп түбэһэн баран иһэрин бэлиэтээтэ.

«Биһиги үлэбитин бэс ыйын 1 күнүттэн саҕалаабыппыт. Бүгүн, от ыйын 29 күнүгэр ылсыбыт учаастактарбыт үлэтин – аспааллааһыны бүтүннүү бүтэрдибит. Билигин суол оҥоруута өссө 12,5 км суол Жуковскай, Авиатордар, Пилоттар, Покрышкин уулуссаларыгар уо.о.д.а. хаалла. Бүгүҥҥү күҥҥэ хаалааһына суох үлэлээн иһэбит, ол иһин бары эбийиэктэрбитин болдьоҕор уонна үчүгэй хаачыстыбалаахтык оҥорон туттарыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин», – диир Ариан  Сидоров.

Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай куоракка аспааллааһын 12 эбийиэккэ оҥоһуллан бүппүт. Ити Сайсары уокуругар Шевченко уонна Широких-Полянскай уулуссалара, Автодорожнай уокурукка – Студенческай уонна Луговой уулуссалар,  куорат таһынааҕы Пригороднайга – Набережнай, Пляжнай уонна Совхознай уулуссалар, Хатаска Каландаришвили, Кангалаас бөһүөлэгэр Молодежнай уонна баартыйа 26-с съеһин уулуссалара оҥоһуллан бүппүттэр. Ити эбийиэктэр бэдэрээччиктэринэн «Автодор» РИК буолар. Ону сэргэ Тулагы сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбартаалларыгар тиийэр суол оҥоһуллубут. Ити эбийиэк бэдэрээччигэ – «Альянс 2007» ХЭТ. Түмүктэммит үлэлэри тутуу былаана от ыйын 30 күнэ этэ.

«Главстрой» МКТ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров бэлиэтээбитинэн, суол капитальнай өрөмүөнэ, саҥардан оҥоруута уонна тутуута былааннаммыт графиктан инникилээн иһэр.

«Быйыл «Автодор» РИК 25 км суолу оҥоруохтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ 12 тыһыынча км ордук суолу өрөмүөннээн бүтэрдэ. Эрдэттэн оҥоһуллубут былаанынан бэдэрээччик куорат соҕурууҥу өттүттэн хоту өттүгэр баран иһэр. Тутар үлэтин тэрилтэ Марха микрооройуонугар түмүктүөҕэ», – диэн кэпсээтэ Афанасий Александров.

Биэс сыл иһигэр – 2019 сылтан 2024 сылга диэри «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн куорат суолун 85%-на нуормаҕа эппиэтиир гына оҥоһуллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...