Суол үлэтигэр графиктан хаалыы суох
Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, суол бүрүөһүнүн өрөмүөнүн, тутуутун уонна хапытаалынай өрөмүөнүн индикатора 100%-ҥа тиийдэ. Суол таҥаһын дьапталҕаларын ууруу уһуна – 34,6 км, иэнэ – 265,9 тыһыынча кв. м.
27 эбийиэккэ барытыгар аспаал-бетон ууруутун уопсайа 29,3 км уһуннаах сүрүн үлэтэ түмүктэннэ, Хатас сэлиэнньэтигэр 5,3 км уһуннаах элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр булкаас тииптээх суол тутулунна.
Муниципальнай хантыраактар болдьохторугар олоҕуран, сэтинньи ыйга хапытаалынай өрөмүөн эбийиэктэригэр – Глухой переулок, Ильменскай, Птицевод уонна Щорс күөлүн кытыытынааҕы уулуссаларга тупсаран оҥоруу үлэтэ түмүктэниэҕэ. Ити этиллибит уулуссаларга ууну сүүрдэр лотуоктары, носуос ыстаансыйаларын, сатыы сылдьар дьон суолун күрүөтүн, таһынааҕы сырдатыы ситимин уо.д.а. оҥороллор.
Алтынньы ыйга Тимирязев, Маяковскай, Яков Потапов, Труд, Нагорнай уонна Очиченко уулуссаларын тупсарыы оҥоһулунна.