24.08.2022 | 11:39

Суол үлэтэ түмүктэнэрэ икки ый хаалла

Олохтоох дьаһалта 2022 сыл кулун тутар 16 күнүнээҕи 435р №-дээх дьаһалынан 2022-2026 сылларга куорат уокуругар суол үлэтин былаана бигэргитиллибитэ.
Суол үлэтэ түмүктэнэрэ икки ый хаалла
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, сүрүн суолу аспааллааһын 11 эбийиэккэ түмүктэннэ: Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уулуссатыгар, Табаҕа сэлиэнньэтигэр 2 учаастак – Авиатордар уонна Каландаришвили уулуссаларыгар, Билибин уулуссатыгар, Хатас сэлиэнньэтин Октябрьскай, Ленин уулуссаларыгар, Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга, Уваровскай уулуссатыгар, Кардиологическай диспансерга чугаһыыр суолга, Марха оройуонун Мархинскай уулуссатыгар, Труд уулуссатыгар.

Билиҥҥи туругунан, 28 эбийиэктэн 25-гэр ыытыллар үлэ:

1. Бэлэмнэнии үлэтэ – 6 эбийиэккэ (Глухой переулок, Яков Потапов уул., Мерзлотнай уул., Ф. Попов уул., Энергетиктэр переулоктара, элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар чугаһыыр суол);

2. Суол төрүтүн бэлэмнээһин – 8 эбийиэккэ (Нагорнай уул., Пирогов уул., Маяковскай уул., Три сосны уул., Птицевод уул., Щорс күөлүн кытыытынааҕы уул., Очиченко уул., Марха Мархинскай уул.);

3. Аспааллааһын үлэтэ – 2  эбийиэккэ (Ильменскай уул., Тимирязев уул.);

4. Тротуардары, суол сырыынньа түһүүтүн, парковкалары, оптуобус хармааннарын аспааллааһын – 3 эбийиэккэ (Труд уул., Хатас сэлиэнньэтин  Каландаришвили уонна Ленин уул.);

5. Үлэни ситэрии – 6 эбийиэккэ (Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили уул., Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уул., Билибин уул., Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга, Уваровскай уул., Хатас сэлиэнньэтин Октябрьскай уулуссатыгар).

Быйыл уопсайа 34,615 км суол оҥоһуллар.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

— Бүгүҥҥү туругунан, 2022 сыл 28 индикаторнай эбийиэктэрэ бары хантыраактаахтар, суол уопсай уһуна 34,615 км, суумата – 2 064,28 мөл. солкуобай.

Ити этиллибит 28 индикаторнай эбийиэктэн 8-һа 2013 сыл муус устар 5 күнүнээҕи 44 №-дээх «О контрактной системе в сфере закупок товаров, работ, услуг для обеспечения государственных и муниципальных нужд» Федеральнай сокуон 112-с ыстатыйатын 56-с чааһыгар олоҕуран хантыраактара түһэрсилиннэ. Ити 8 эбийиэк уопсай уһуна – 13,385 км, суумата – 745,10 мөл. солкуобай.

«Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы трансферт туһунан Сөбүлэҥинэн (Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун бүддьүөттэриттэн) 2022 сылга лимиит көрүллүбүтэ. Ол курдук, 2022 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи 98701000-1-2022-029 №-дээх Сөбүлэҥэр олоҕуран барыта 2 897,70 мөл. солкуобай, ол иһигэр 604,1 мөл. солкуобай – федеральнай бүддьүөт, 1 646,90 мөл. солкуобай – судаарыстыбаннай бүддьүөт сириэстибэлэрэ (ол иһигэр 4,12 мөл. солкуобай 2021 сыллааҕы Сөбүлэҥ лимиитин ордуга) уонна 646,70 мөл. солкуобай – олохтоох бүддьүөт сириэстибэтэ. Үбүлээһин уопсай кээмэйиттэн тутар-таҥар үлэҕэ 2022 сылга 2 794,00 мөл. солкуобай, ол иһигэр 604,1 мөл. солкуобай – федеральнай бүддьүөт, 1 642,8 мөл. солкуобай – судаарыстыбаннай бүддьүөт сириэстибэлэрэ уонна 547,1 мөл. солкуобай – олохтоох бүддьүөт сириэстибэтэ.

Ити таһынан, 2 300,00 мөл. солкуобай суумалаах 2023 сыллааҕы лимииттэр киллэрилиннилэр. Итинтэн 1 300,00 мөл. солкуобай – өрөспүүбүлүкэ, 500,00 мөл. солкуобай – олохтоох уонна 500,00 мөл. солкуобай – федеральнай бүддьүөттэртэн,  2024 сылга 1 500,00 мөл. солкуобай суума (1 000,00 мөл. солкуобай – өрөспүүбүлүкэ, 500,00 мөл. солкуобай – олохтоох  бүддьүөттэртэн).

График быһыытынан 2022 сылга тутар-таҥар үлэлэрэ түмүктэниэхтээх эбийиэктэр:

атырдьах ыйыгар – 10 эбийиэк  (Федор Попов уул., Энергетиктэр переулоктара, Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суол, Табаҕа сэлиэнньэтин Каландаришвили уул., Хатас сэлиэнньэтин  Ленин, Уваровскай, Октябрьскай уул., Три сосны уул., Кардиологическай диспансерга чугаһыыр суолга, Пригороднай сэлиэнньэтин Центральнай уулуссатыгар).

балаҕан ыйыгар – 9  эбийиэк  (Нагорнай уул., Труд уул.,  Билибин уул., Тимирязев уул., Мархинскай уул., Глухой переулок, Уустаах Избеков уул., Щорс күөлүн кытыытынааҕы уул., Мерзлотнай уул.).

алтынньы ыйга – 8 эбийиэк (Ильменьскай уул., Пирогов уул., Каландаришвили уул., Яков Потапов уул., Маяковскай уул., Очиченко уул., элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар чугаһыыр суол, Птицевод уул.).

Алексей Варламовтан аны 2023 сылга былааннаммыт үлэ туһунан сырдатарыгар көрдөстүбүт.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

2023 сыллааҕы үлэни кэпсиир буоллахха, эбийиэктэр уопсай уһуннара – 34,16 км, ахсааннара – 31.

Билиҥҥи туругунан, эһиилги индикаторнай эбийиэктэринэн 5 хантыраак түһэрсилиннэ. 9,433 км уһуннаах 5 эбийиэк (Поярков уул., Ленин проспега, Бабушкин уул., Вилюйскай переулок, Винокуров уул.), суумата – 1 474,90 мөл. солкуобай.

12 эбийиэгинэн                бырайыактыыр-сметалыыр докумуону оҥорууга хантыраактар түһэрсилиннилэр, итинтэн үһэ судаарыстыбаннай экспертизаны ааһа сылдьаллар.

Билигин 14 эбийиэгинэн закупкалары биллэрээри, докумуоннары бэлэмниибит.

Ити эппит 31 эбийиэкпиттэн 3-гэр ыытыллар үлэ:

1. Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастагар хапытаалынай өрөмүөн: тротуардар уонна бэлисипиэт суолларын бүрүөһүннэрин оҥоруу, инженернэй ситимнэри көһөрүү, бордюр тааһын, тротуардар уонна бэлисипиэт суолларын төрүттэрин оҥоруу, массыына сылдьар суолун аспааллааһыҥҥа бэлэмнээһин; инженернэй-техническэй үлэһиттэр – 6 киһи, оробуочайдар – 39 киһи; автосамосвал – 8, экскаватор – 3, каток – 2, автогрейдер – 1, погрузчик – 3,  буровой тэрил – 1, вилочнай погрузчик – 3, манипулятор – 2, автокран – 1;

2. Поярков уулуссатын Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссатыгар диэри учаастагын өрөмүөнэ: бордюрдары уларытыы, тротуардары, парковканы оҥоруу; инженернэй-техническэй үлэһиттэр – 3 киһи, оробуочайдар – 8 киһи; погрузчик – 1, каток – 2, автосамосвал – 2, компрессор – 2, манипулятор – 1;

3. Бабушкин уулуссатын Советскай Армия 50 сыла уулуссаттан Очиченко уулуссатыгар диэри учаастагын хапытаалынай өрөмүөнэ: суол таҥаһын оҥоруу; инженернэй-техническэй үлэһиттэр – 2  киһи, оробуочайдар – 6  киһи; погрузчик – 1, автосамосвал – 3.

Ити курдук, 2023 сыл индикаторнай эбийиэктэриттэн 5-гэр, эбэтэр туруоруллубут индикатортан 16,1% хантыраак түһэрсилиннэ, ити эбийиэктэр уһуннара – 9,433 км., ол уопсай оҥоһуллуохтаах суол уһунуттан  (34,16 км) 27,6%-на.

2023 сылга ыытыллыахтаах үлэ барыллаан суумата 4 500,00 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр, ити сылга бигэргэтиллибит лимиит – 2 300,00 мөл. солкуобай.

Үбүлээһини туһаныы туһунан этэр буоллахха, 2022 сылга көрүллүбүт лимииттэн, атырдьах ыйын 19 күнүнээҕи туругунан, 1 171,40 мөл. солкуобайы, эбэтэр сыллааҕы лимииттэн 40,48%-н туһаҕа таһаардыбыт. Итинтэн 67,67 мөл. солкуобай федеральнай бүддьүөт сириэстибэтэ, 748,54 мөл. солкуобай өрөспүүбүлүкэ уонна 355,20 мөл. солкуобай олохтоох бүддьүөттэр сириэстибэлэрэ.

Атырдьах ыйыгар 122,25  мөл. солкуобайы баһылаатыбыт, ол иһигэр 39,65 мөл. солкуобайы – федеральнай бүддьүөттэн, 76,67 мөл. солкуобайы – өрөспүүбүлүкэ уонна 5,93 мөл. солкуобайы олохтоох бүддьүөттэртэн.

Билиҥҥи туругунан Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суолга, Птицевод уулуссаҕа, Федор Попов уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Энергетиктэр переулоктарыгар диэри учаастагар, Энергетиктэр переулоктарыттан Федор Попов уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри учаастагар, Каландаришвили уулуссатын Ленин проспегыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри учаастагар гаас ситимнэрэ уларытылыннылар.

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, быйылгыга былааннаммыт суол оҥоһуута алтынньы 31 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх, үлэ график быһыытынан баран иһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...