06.10.2023 | 14:00

Суол үлэтэ — нэһилиэнньэ хараҕын далыгар

Суол үлэтэ — нэһилиэнньэ хараҕын далыгар
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Быйыл Дьокуускай куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн барыта 10 эбийиэк ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллан бүтүөхтээх. Ол курдук, 8 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар, 2 эбийиэккэ – өрөмүөн, уларытан, саҥардан оҥоруу үлэтэ. Ону таһынан 7 көһө сылдьар эбийиэккэ үлэ эһиил түмүктэниэхтээх. Бу сырыыга биһиги саҥа тутуллубут, өрөмүөннэммит уулуссаларга тахсан, куорат олохтоохторуттан суол-иис туһунан санааларын ыйыталастыбыт.

Поярков уулуссата

Быйыл бу эбийиэк Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссаҕа диэри суол кэрчигин өрөмүөннээтилэр. Аспааллааһыны таһынан, бордюрдары, суол бэлиэлэрин туруоруу, тротуардары оҥоруу уонна сырдатыы үлэлэрэ ыытыллаллар. Ону сэргэ оптуобус тохтобуллара уонна парковкалар тутуллуохтара.

 

Мария Дегтярева:

— Циркэ таһыгар саҥа оптуобус тохтобулун туруорбуттара үөрдэр. Суол туругун туһунан тугу да элбэҕи этэр кыаҕым суох, уопсайынан, кыбаартал иһинээҕи суоллары, тиэргэннэри хабан туран барытын өрөмүөннээбиттэрэ эбитэ буоллар, быдан ордук буолуо этэ. Манна олбуор иһигэр туох да уларыйыы суох, тиэргэҥҥэ киириигэ дьаама бөҕөтө үөскүүр. Кэлэргэ-барарга, парковкаланарга  табыгаһа суох. Онно “Модун” аттыгар наар улахан баҕайы чалбах тахсар, киһи сатыы кыайан сылдьыбат. Бордюр устун хаамарга күһэллэбит.

Суола-ииһэ оҥоһуллубут тиэргэн — сэдэх көстүү. Киирии суоллар барыта алдьанан тураллар, сөргүтүллүбэттэр. Сатыы сылдьар дьоҥҥо табыгаһа суох. Холобур, мин ийэм — сааһырбыт киһи, маннык оллур-боллур устун баран иһэн охтон түһүөн сөп. Куорат үрдүнэн маннык көстүү элбэх.

Соторутааҕыта Якутскай уулуссанан 17-с кыбаарталга сатыы хааман иһэн суол быыла үһүс этээскэ диэри көтөрүн бэлиэтии көрбүтүм. Мин онно дьон хайдах тулуйан олороллорун өйдөөбөппүн. Нэһилиэнньэ барытын тулуйа сатыыр, ирдэбилэ олус намыһах, ким да улаханнык кыыһырбат, абарбат. Ол иһин биһиги манна: "Уой, 17-с кыбаарталга биһигиннээҕэр өссө куһаҕаннык олороллор" — дии саныыбыт уонна саҥарбаппыт. Оттон, дьиҥэр, мин сылдьыбыт куораттарбар тэҥнээтэххэ, Владивостокка, Сахалиҥҥа маннык хартыына суох. Биллэн турар, онно ирбэт тоҥ суох эрээри, биһиги куораппыт хаһаайыстыбата үлэтин ыарырҕатар дии саныыбын. Олорор зоналарга мониторины куһаҕаннык ыыталлар дуу,  эбэтэр олох да ыыппаттар дуу?

 

Светлана Владимировна:

— Поярков уулуссата өрөмүөн кэннэ тубуста, суол көнө буолбута бэрт. Ол эрээри чопчу түмүктэри бириэмэ көрдөрүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ билигин үлэ саҥа бүтэн, суол үчүгэй туруктаах. Онтон, баҕар, сыл аҥаара ааспытын кэннэ барыта дьаама буолан хаалыа. Санаан көрүҥ: суолга кыра хайаҕас үөскүүр, ону өрөмүөннүүллэр, онтон хаттаан үөскүүр. Ардыгар үчүгэй учаастакка туох да кыһалҕата суох айанныыгын, оттон сороҕор сатыы да сылдьар ыарахан. Арай суол үлэһиттэрэ аспаалы хаачыстыбалаахтык уураллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Көрдөххө, чалбах ортотугар эбэтэр суол тутуутун кыһын субу кэлбитин кэннэ биирдэ саҕалыыллар. Дьэ, ити курдук үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Суолу тутар тэрилтэлэр бэйэлэрин учаастактарын туруктарын кэтээн көрө сырыттыннар диэн санаалаахпын.

Островскай уулуссата

Эбийиэккэ ууну ыытар лотуоктар туруорулуннулар, уулусса икки өттүгэр тротуардар оҥоһулуннулар. Итиэннэ сырдатыы үлэтэ ыытылынна, икки араҥалаах аспаал, бетон бүрүөһүннээх суол уурулунна. Ону таһынан Орджоникидзе уулуссатыттан киирэр кэрчиккэ уһаты клумбалары оҥорбуттар. Тоҕо диэтэххэ уулусса ортотунан канализация ситимэ ааһар. Билиҥҥи туругунан тротуар күрүөтүн уонна суол бэлиэлэрин туруорар үлэ хаалбыт.

Лиза:

— Суолбутун өрөмүөннээбиттэрэ үчүгэй, ол эрээри биир кыра кыһалҕа баар. Суолу араарар балаһаны туруорбуттарыттан сылтаан, манна сарсыарда аайы массыына харыыта тахсар. Холобур, бүгүн сарсыарда “пробкаҕа” түбэспит массыыналар сигналлыы туралларыттан уһуктан кэллим.

Егор Максимов:

— Сатыы сылдьарга бэртээхэй буолбут. Ол гынан баран суол икки гына араарыллыбыта үөрүйэҕэ суох суоппардарга кэккэ ыарахаттары үөскэтиэн сөп. Ону таһынан, мин көрөрбүнэн, өрөмүөн үлэтэ бүтэ илик. Элбэх тутуу бөҕө хомуллубакка сытар. Маны барытын ыраастаан, үлэни ситэрэн-хоторон бүтэриэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Андрей:

— Өрөмүөн оҥоһуллубута үчүгэй даҕаны, суолу икки гына араарбыттара кып-кыараҕас буолбут. Ити балаһа таһыгар оҕо килииникэтэ турар, онно наһаа элбэх массыына тохтуур уонна хаайтарар. Биһиги түннүгүнэн көрөбүт ээ: кэлэллэр, хаайтараллар — дьон ньиэрбэтэ баранар. Урут суол киэҥ эрдэҕинэ массыыналар туох да кыһалҕата суох эргийэллэр этэ.

Ленин проспега

2021 сыл алтынньы ыйыттан саҕаламмыт куорат киин уулуссатын өрөмүөнэ бу күһүн түмүктэниэҕэ. Быйыл Орджоникидзе болуоссатын уонна Дежнев уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэри суол кэрчигин чөлүгэр түһэрэн, массыына сырыытын астылар. Хапытаалынай өрөмүөн толору түмүктэннэҕинэ, анал хамыыһыйа эбийиэги туттаҕына, оптуобустар сырыылара сөргүтүллүөҕэ.

Петр Иванов:

— Өрөмүөн кэнниттэн куорат киинэ биллэ тубуста, манна бэлэсипиэт суоллара баар буолбуттарыттан үөрэбин. Ол эрээри дьон кинилэргэ үөрүйэҕэ суох, сатыы сылдьаччылар наар ити ыллыктарынан хаамаллар уонна бэлисипиэттээх дьоҥҥо мэһэйдииллэр.

Сорох сиринэн ардах уутун ыытар “ливневкалар” үлэлээбэттэрэ, турбалар тротуар анныттан чоройон тураллара эмиэ соччото суох. Суолга аспаал бүрүөһүнэ намтаан хаалан, ардах түстэҕинэ, чалбах тахсар. Соторутааҕыта "Илин эҥэр" аттыгар оннук учаастагы өрөмүөннүү сылдьалларын көрөн үөрбүтүм. Арай сотору-сотору маннык бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур эбиттэрэ буоллар, суол туруга, үлэ хаачыстыбата быдан тупсуо этэ.

Сайаана Никифорова:

— Ленин проспега оҥоһуллубута олус үчүгэй. Улахан, элбэх лаампаны туруорбуттара уонна бэлисипиэт суоллара баар буолбута үөрдэр. Тырааныспар суолун эттэххэ, көнө, суоппардарга, айанньыттарга да олус табыгастаах.

Суоллар, уулуссалар оҥоһуллаллара, тупсаллара биһигини наһаа үөрдэр!

 

Любовь Кычкина:

Ленин проспега наһаа хаачыстыбалаахтык өрөмүөннэммит. Бүгүн Эстрада тыйаатырын иннигэр мас олордо сылдьалларын көрөн үөрдүм аҕай. Тротуардары уларыппыттара, сонун быһыылаабыттара олус үчүгэй. Мин санаабар, өрөмүөн түмүгэ үчүгэй курдук. Уонна мантан ордук хайдах буолуоҕай?

 

Куорат олохтоохторо суол-иис тупсарыттан үөрэллэр, үлэ хайдах ыытылларын көрө-истэ сылдьаллар. Биллэн турар, итэҕэстэр бааллар. Онон куорат дьаһалтата итиннэ болҕомтотун ууран, Дьокуускайбыт өссө тупса туруо диэн эрэнэбит. Итиэннэ олорор сирбит бэйэбититтэн эмиэ тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...