18.07.2019 | 10:38

СУОЛ КЫҺАЛҔАТЫН ХОНТУРУОЛГА ЫЛЛЫЛАР

СУОЛ КЫҺАЛҔАТЫН ХОНТУРУОЛГА ЫЛЛЫЛАР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

*

Суол – сайдыы аартыга. От ыйын 8 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей КОЛОДЕЗНИКОВ уонна куорат баһылыга Сардаана АВКСЕНТЬЕВА баһылыктаах бөлөх киин куорат суолларын тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.

Эриэйдэ «Безопасные и качественные автомобильные дороги» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн буолан ааста. Ааспыт нүөмэрдэргэ суруйбуппут курдук, быйыл сайын суол оҥоһуутугар уопсайа үс бүддьүөттэн 1 млрд 496 мөл. солк. көрүллэн турар: өрөспүүбүлүкэ – 500, олохтоох бүддьүөт – 500, РФ бүддьүөтэ – 496.

Ханнык эбийиэктэр?

Дьокуускай куорат дьаһалтатын суолга-иискэ салалтатын баһылыга Валерий Домотов үлэлиир хамыыһыйаны сорох эбийиэктэри кытта билиһиннэрдэ. Ол курдук: Бүлүүлүүр трактан, Хатыҥ Үрэҕи хабан туран, Курнатовскай уулуссаҕа тиийэ. Салҕыы Экспрементальнай уонна Жорницкай уулусса өрөмүөннэнэр уонна Марха оройуонугар – «Мархинка” үрэх муостата.

Санаттан эттэххэ, «Безопасные и качественные автомобильные дороги» национальнай бырайыак Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Сардаана Авксентьева күүстээх үлэлэрин түмүгэ. Манна биһиги Уһук Илин регионугар биир бастыкынан киирбиппит.

Хатыҥ Үрэх

Ф

Быйыл сайын саамай улахан үлэ Хатыҥ Үрэххэ ыытыллар. Бэдэрээччигинэн «Дорисс» хампаанньа үлэлии сылдьар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эргэ аспаалы уста сылдьаллар, ол кэннэ бордюр ууран баран, суол тирэхтэниитин оҥоруохтара. Кылгас сайыны, кураан күннэри баттаһа, үлэ быыстала суох барар. Сырыыга хаарчах олохтоммокко, массыыналар хамаҕытык сылдьаллар.

Эскпрементальнай уулусса

Экпрементальнай уулусса Марха оройуонугар баар. Марханы уонна Кирзаводу холбуур. Бэдэрээччик – «Монтаж Сервис» ХЭУо. Бүгүҥҥү туругунан буор үлэтэ, сатыы дьон хаамар сирэ уонна бордюр укулаата үмүрүтүллүбүт. Кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар аспаалын ууран, үлэни бүтэрэр былааннаахтар.

ФОТО АЛЕКСЕЙ КОЛОДЕЗНИКОВ (КРУЖОЧЕК)

“Бэдэрээччиктэргэ алтьынньы ыйга диэри үлэни түмүктээҥ диэн соругу туруордубут. Дьыл кэлэ илигинэ үлэ  бүтэрэ ордук”, – диир Алексей Колодезников.

“Мархинка” муоста

«Мархинка” муоста хаарбах туруктаах. Сырыы тохтотуллубут. Оннооҕор сатыы киһи аллараа курулаан хаалыах курдук. Муоста өрөмүөнэ графиктан лаппа хаалыылаах. Куорат быһылыга үлэ хаамыытын өссө икки нэдиэлэ аннараа өттүгэр билсэн турар. “Турбутун курдук турар, уларыйыы суох”, - диэн эттэ. Былаантан хаалыы биричиинэтин бэдэрээччик тимир-бетон сваялар хойутаан кэлиилэрин кытта ситимниир. Оттон тутар хампаанньа сваяны олордуу уонна конструкциялары туруоруу элбэх бириэмэни ылбатын этэр. Ханныгын да иһин эбийиэги бигэргэтиллибит болдьоххо үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнэрин этэллэр. Оттон Баһылык Сардаана Владимировна үлэ хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиир эппиэттээх дьону аныах буолла. Бырайыак быһыытынан, муоста икки балаһалаах уонна тротуардаах, тимир-бетон бүрүөһүннээх буолуохтаах.

Салҕыы аатырбыт Жорницкай уулуссаҕа айанныыбыт.

Жорницкай уулуссата

Бу – куорат биир «кыһалҕалаах» уулуссата диэтэхпинэ, бука, сыыспатым  буолуо. Улахан ыйааһыннаах массыыналар сылдьар буоланнар, сыл ахсын мөлтөөн иһэр. Бу күннэргэ манна “Сахатранснефтегаз” гаас тарда сылдьар. Ол бүттэр эрэ «Дорисс” үлэҕэ киирээри турар. Валерий Домотов этэринэн, үлэ былаантан хаалыыта суох баран иһэр.

«Гаас турбатын тардыы биир саамай эппиэтинэстээх үлэ буолан, элбэх бириэмэни эрэйэр. Ол эрэн хас биирдии тэрилтэ бигэргэтиллибит болдьох иһинэн үлэлиэхтээх. Жорницкай уулусса сүрүн өрөмүөнэ алтынньы ыйга диэри бүтүөхтээх. Хаалбыт үлэ кыра тымныыларгы да оҥоһуллуон сөп,  онон олохтоохторго куттал суох. Урукку сыллар курдук ким даҕаны алтынньы ыйга аспаалы ууруо суоҕа», - диир Валерий Домотов.

Биир сайын 25,8 км усталаах суолу тутуу куорат историятыгар суоҕа. Биһиги саамай сүрүн кыһалҕабыт – айылҕа уутун аһардар ситим суоҕа. Аны туран, аныгы олох ирдэбилинэн сатыы дьоҥҥо булгуччу тротуар баар буолуохтаах, оҕо кэлээскэлээх дьоҥҥо, доруобуйаларынан хаарчахтаахтарга эмиэ табыгастаах усулуобуйа олохтонуохтаах. Ким баҕар куорат хайа баҕар муннугар харгыһа суох сылдьыахтаах, айанныахтаах, ону хаачыстыбалаах, үйэлээх суоллар, уулуссалар хааччыйыахтаахтар. Оруобуна биир сыл аннараа өттүгэр мин Жорницкай уулусса олохтоохторугар суолгутун оҥотторуом диэн мэктиэ тылбын эппитим, ол иһин бу суол, атын даҕаны  өрөмүөннэнэр уулуссалар үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаахтар ” – диэтэ Баһылык Сардаана Авксентьева.

Валерий Домотов иһитиннэрбитинэн, аспаалы ууруу атырдьах - балаҕан ыйдарыгар ыытыллар. Билиҥҥи туругунан, бу улахан эбийиэктэргэ 20-25% үлэ оҥоһуллан турар.

Уопсай түмүк

Эриэйдэ кыттыылаахтара «ресайклин» диэн саҥа технологияны быһаарыстылар. Эргэ бетонунан сабыллыбыт аспаалы хаттаан бөҕөргөтөн, тирэхтээн биэрэр аналлаах ньыма эбит. Биһиги куораппытыгар аан бастаан туттан эрэллэр. Ону былаан быһыытынан Билибин уулуссатыттан саҕалыыллар. Эриэйдэ биир түмүгэ –технадзордары элбэтэргэ сүбэлэстилэр. Ону кытта нэһилиэнньэ суол оҥоруутугар эмиэ кыттыһыан наадатын бэлиэтээтилэр.

Онон, күндү куорат олохтоохторо, суолбут кыһалҕата барыбыт кыһалҕабыт буоларын өйдүөххэ!

Маны бил, көр, хонтуруоллаа!

Быйыл уопсайа 19 эбийиэк былааҥҥа турар. Ол эбэтэр, 2019 сылга тыырыллыбыт 1 млрд 496 мөл. солк. суумаҕа маннык уулуссалар өрөмүөннэниэхтэрэ:

Автодорожнай уокурук – Автодорожнай бары уулуссалара, Иван Арбита уонна Красильников уулуссалара;

Гагаринскай уокурук – Пилоттар уулуссалара;

Губинскай уокурук – Ларионов уонна Суорун Омоллоон уулуссалара;

Промышленнай уокурук – Бестужев-Марлинскай уулуссата;

Сайсары уокуруга – Чайковскай уулуссата;

Строительнай уокурук  - Жорницкай, Петр Алексеев уулуссалара, Хатыҥ Үрэх шоссета;

Марха оройуона – Газовиктар, Школьная, Экспрементальная уонна Яков Петерс уулуссалара. Маны таһынан, «Мархинка” муоста, Сатал оройуонун кэннигэр “Северный” уонна куорат таһыгар “Шестаковка” муосталар.

Өрөмүөн үлэтэ хантараак быһыытынан алтынньы 31 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...