02.02.2023 | 18:00

Судаарыстыбаттан босхо дьиэ

(Дьиэни социальнай наймылаһыы диэн тугуй?)
Судаарыстыбаттан босхо дьиэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаттан босхо дьиэ көрүллэр биир ньымата –социальнай наймылаһыы.
Биллэн турар, уочарата уонунан сылларга тардыллыан сөп, ол эрээри чахчы дьиэлэнэр дьон бааллар. Судаарыстыбаттан босхо дьиэ ыларга дьиэҕэ-уокка наадыйаргытын, кыаммат ыал буоларгытын дакаастыахтааххыт. Социальнай наймылаһыы бу дьиэнэн туһанарга, дуогабарынан олорорго быраап биэрэр, ол эрэн атыылаабаккыт, нэһилиэстибэнэн биэрбэккит.

Дьиэни наймылаһыы диэн тугуй?

Социальнай наймылаһыы юридическэй быһаарыыта РФ Олох-дьаһах кодексатын 60 ыст. баар – кыбартыыранан болдьоҕо суох туһанаҕыт, дьиэ судаарыстыба эбэтэр муниципалитет пуондатыттан бэриллэр.

Ол эрээри аныгы үйэҕэ судаарыстыба бас билэр дьиэтэ быстар аҕыйах, суоҕун да кэриэтэ, ол иһин уочарата уһун. Дьокуускай куоракка бу хайысханы Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент сүрүннүүр.

 

Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент  аадырыһа:

677000, Дьокуускай к.,  Дзержинскэй уул.,21

 

Үлэ графига:
Бэнидиэнньик – бээтинсэ
8.30 - 17.30 чч.
Эбиэт: 13:00 — 14:00 чч.
Өрөбүл: субуота, баскыһыанньа

Судаарыстыбаттан босхо дьиэ ыларга туох ирдэнэрий?

– Дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга чахчы наадыйаргытын (ЕГРН), кыаммат ыал буоларгытын (Социальнай харалта уорганнара) дакаастыахтааххыт;

–  Сайаапканы биэрээччи учуокка туран баран, кыбартыыратын уочарата кэлэрин кэтэһиэхтээх (олох аҕыйах түгэҥҥэ быһалыы ылыахха сөп – ол эмиэ сиһилии үөһээ ыйыллыбыт сокуоҥҥа суруллар);

–  Социальнай дуогабары түһэрсибит кэннэ кыбартыыраны бас билэн туһаныы, олоруу эрэ көҥүллэнэр;

–  Социальнай наймылаһыынан ылыллыбыт дьиэҕэ атын дьону уһаабыта 6 ыйга пропискалыыр көҥүллэнэр;

–  Квартплата, ОДьКХ өҥөтө барыта төлөнүөхтээх. Нолуок уонна хапытаалынай өрөмүөн усунуоһа төлөммөт.

 

Социальнай наймылаһыы дуогабарынан бэриллибит кыбартыыра бас билии буолбат, болдьоҕо суох уһуннук туһаныахха сөп. Ол эрэн хаһан баҕарар бу дьиэни приватизациялыыр кыах баар. Приватизациялаат, баай-дуол нолуогун төлөөн бараҕыт, онтон дьиэни атыылыахха, бэлэхтиэххэ сөп буолар.

Социальнай дьиэҕэ тиксии уонунан сылларга субуллар уһун уочараттаах. Тоҕо диэтэххэ муниципалитет дьиэни атыылаһан ылар кыаҕа кыра. Оттон баар пуонда дьиэлэрэ босхолоноллоро ахсааннаах – наймылаһан олорбут киһи олохтон туораатаҕына, иэһэ элбээн холдьоҕулуннаҕына уонна да атын кэккэ биричиинэлэр баар буолаллар.

 

Уочаракка хайдах турабыт?

Босхо дьиэ уочаратыгар туруу быраабылата дойду үрдүнэн барытыгар биир:

–  2005 сыл кулун тутарын 1 күнүгэр диэри дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыы уочаратыгар турбуттар олорор сиргэ наадыйалларын дакаастыыллара наадата суох буолар;

–  Учуокка саҥа турааччылар социальнай наймылаһыынан уонна да  атын бас билэр кыбартыыралара суоҕун эбэтэр олорор дьиэлэрэ кыараҕаһын дакаастыыллар;

–  Кыаммат ыал статуһа социальнай харысхал уорганнарынан бигэргэнэр (босуобуйалары, чэпчэтиилэри анатар курдук бэрээдэгинэн).

 

Уочаракка турарга бастайааннай пропискалаах сиргитигэр сайаапка биэрэҕит. Норматив сир аайы араас.

Кыаммат, дьиэҕэ-уокка наадыйар ыал статуһун бигэргэтэргэ олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра дохуоту таһынан, бу дьоҥҥо баар дьиэ уонна массыына сыаната учуоттанар (ол суума дьиэ-уот 1 кв.м. орто сыанатын 10-ҥа төгүллээбиттээҕэр кыра буолуохтаах).

Сайаапка биэрээччи уонна кини дьиэ кэргэнэ ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буоллахтарына, уочаракка туруорар туһунан быһаарыы ылыллар. Уочараттан дьон бэйэтин баҕатынан эбэтэр кыаммат ыал буолан бүттэҕинэ тахсар.

 

Уочараттара кэлбит дьоҥҥо кыбартыыра бэриллэр:

–  Дьиэ кэргэн састааба кыбартыыра ылар кэмҥэ хайдаҕа булгуччу учуоттанар (кэргэнниилэр, бииргэ олорор оҕолоро уонна да атын иитиллэр дьон);

–  Регион аайы кыбартыыра иэнин нуормата тус-туһунан, Саха сиригэр биир киһиэхэ – 18 кв.м.

–  Дьиэ бэриллэр кэмигэр бу киһи эбэтэр дьиэ кэргэн дьиэҕэ-уокка чахчы наадыйара, ыал кыаммат араҥаҕа киирсэрэ учуоттанар;

–  Кыбартыыраҕа киирэргэ социальнай наймылаһыы дуогабара түһэрсиллэр.

Бэриллэр кыбартыыра нуорматтан улахан буоллаҕына, эбии төлөбүр ирдэммэт. Сорох түгэннэргэ (холобур, дьиэ кэргэҥҥэ инбэлиит, сытар ыарыһах баар буоллаҕына) эбии хос көрүллүөн сөп. Дуогабар түһэрсэн баран бастайааннай прописка оҥорторуохха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...