Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө төлөбүр усулуобуйалара
- “Госуслуги” портал нөҥүө төлөөбүт иэстэрбин тоҕо төлүү иликкин диэн көрдөрөрүй?
- Арассыыйаҕа нолуок төлөбүрүн систиэмэтэ 10 үлэ күнүн устата ыытыллар. 10 үлэ күнүн ааспытын кэннэ оннунан хаалбыт буоллаҕына, сайт нөҥүө билсэргэ тиэтэйиҥ.
- Госпошлинаны 30% чэпчэтиинэн хайдах төлүүбүн?
1. “Госуслуги” портал нөҥүө электроннай сайабылыанньаны биэрбит эрэ буоллаххына, 30% чэпчэтии көрүллэр.
2. Электроннай сайабылыанньаны ыытан баран, тустаах салаа эһиги сайабылыанньаҕытыгар счет ыытарын кэтэһиҥ.
3. Эппиэт кэллэҕинэ, “Оплатить” диэн төлөбүрдээх кнопканы баттааҥ.
Электроннай үлэ киниискэтин тула ыйытыктар
- Электроннай үлэ киниискэтин оҥортор диэтилэр, ол аата дааннайым барыта интэриниэккэ сытар буолар дуо?
- 2020 сылтан үлэ биэрээччилэр үлэһиттэрин туһунан иһитиннэриилэри Арассыыйа биэнсийэтин пуондатыгар (ПФР) биэрэллэр. Электроннай үлэ киниискэтэ 2020 с. тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбит эбэтэр кэлин үлэҕэ киирбит дьоҥҥо барыларыгар баар буолуохтаах. Өскөтүн киһи кумааҕы киниискэтиттэн аккаастаннаҕына, үлэ туһунан иһитиннэрии электроннай көрүҥҥэ харайыллар.
- Электроннай киниискэбэр сыыһа дааннайдары хайдах көннөрүөххэ сөбүй?
- Электроннай үлэ киниискэтигэр үлэ туһунан иһитиннэрии барыта дьиҥнээх, сыыһата суох буолуохтаах. Өскөтүн үлэ туһунан дааннайдаргыт сыыһалаах киирбит эбэтэр букатын даҕаны ыйыллыбатах буоллахтарына, чугастааҕы ПФР отделениетыгар уларыттара, көннөттөрө тиийэҕит.
Маныаха эһиги урукку киниискэҕитин, дуогабардары, үлэҕэ ылыы уураахтарын куоппуйалаан илдьэ барыҥ.