28.09.2022 | 12:00

Судаарыстыбаннас күнүгэр үс игирэ дьиэлэригэр таҕыстылар

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр, национальнай медицина киинин перинатальнай кииниттэн үс игирэни төрөппүт Петровтар-Боескоровтар дьиэ кэргэттэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаарыы буолла диэн иһитиннэрдэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ.
Судаарыстыбаннас күнүгэр үс игирэ дьиэлэригэр таҕыстылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Анна уонна Денис – Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо. Ыал ийэтэ атырдьах ыйын 24 күнүгэр үс игирэни – икки кыыһы, биир уолу төрөттө. Кырачааннар болдьохторун иннинэ күн сирин көрбүттэр, онон төрүүллэригэр ыйааһыннара киилэттэн эрэ ордук эбит.

«Ый иһигэр кырачааннар исписэлиистэр кэтэбиллэригэр сылдьан ыйааһыннара эбилиннэ, балыыһаттан тахсар кыахтаннылар», - диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Төрөппүттэр оҕолорун Денна, Аркадий уонна Эльмира диэн ааттаатылар. Денис Боескоров ХИФУ алтыс кууруһун устудьуона, Анна Петрова – олохтоох оскуола дириэктэрин солбуйааччы.

Санатар буоллахха, 2022 сыллаахха төрөөбүт оҕолор төрөппүттэрэ «Үйэ оҕолоро» целевой хапытаалы ылаллар. Саха АССР төрүттэммитэ сүүс сылынан кинилэргэ 100-түү тыһыынча солкуобай бэриллэр. Ити сириэстибэни дьиэни-уоту саҥардыыга, тырааныспары атыылаһыыга, оҕолору үөрэхтээһиҥҥэ, медицинаҕа, сынньалаҥҥа уо.д.а. сыалга тутталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...