Субсидия туһунан өссө биирдэ
Ханнык баҕарар дьиэ кэргэн эбэтэр гражданин Олох-дьаһах коммунальнай өҥөлөрүн иһин төлөбүрэ уопсай дохуотун 15 %-тан элбэҕи ылар буоллаҕына, субсидия оҥорторуон сөбүн туһунан өссө биирдэ санатабыт. Субсидия төһө эмэ эбилик буолар кыахтаах, судаарыстыбаттан көмө буолар харчы.
Субсидияны туһаныы олус судургу – “Агентство субсидий” тэрилтэҕэ эбэтэр МФЦ-га докумуоннаргытын туттаран баран, 10 күн быһаарыы тахсарын кэтэһэҕит. Биэрдэхтэринэ ый аайы картаҕытыгар харчы түһэр.
Субсидияны ОДьКХ төлөбүрүгэр дохуоккут 15-тэн саҕалаан, бырыһыана барар буоллаҕына ылаҕыт. Холобур, дьиэ кэргэн уопсай дохуота 70 тыһ. солк. буоллаҕына (нолуогу, босуобуйалары, биэнсийэни, хамнаһы, о.д.а. барытын ааҕан туран), ОДьКХ төлөбүрүгэр 12 тыһ. солк. барар буоллаҕына, 15 бырыһыантан тахсар, ол аата дьиэ кэргэн субсидияҕа сайаапка биэриэн сөп.
Кыбартыыра хайаан да бас билиигэ буолара наадата суох. Куортамнаан эбэтэр социальнай наймҥа олорор да буоллаххытына туһаныахтааххыт. Ол эрэн прописка булгуччулаах. Субсидия кээмэйэ хас биирдии киһиэхэ атын-атыннык ананар. 6 ыйга оҥоһуллар, сыл аҥаара буола-буола саҥаттан сайаапка бэриллэр.
Пандемия кэмигэр киирбит уларыйыылар:
- 01.04.2020 - 01.10.2020 болдьохтоох субсидия бэйэтэ уһаан биэрэр. Саҥа сайаапка биэрээччилэр e-yakutia портал нөҥүө биэриэхтэрин сөп;
- Ааспыт сыл дохуота учуоттаммат буолла. Бу 31.12.2020 эрэ диэри ылыллыбыт миэрэ.
Субсидияны оҥорторуу усулуобуйата:
- ОДьКХ төлөбүрүгэр дохуоккут 15-тэн саҕалаан элбэх бырыһыана барар буоллаҕына;
- Субсидия ылар кыбартыыраҕытыгар бастайааннай пропискалаах буолуохтааххыт;
- ОДьКХ өҥөтүгэр иэһэ суох буолуохтааххыт.
Ирдэнэр докумуоннар:
- Дьиэ докумуоннара (бас билии туһунан эбэтэр социальнай найм докумуоннара);
- 6 ыйдаах дохуоту көрдөрөр докумуоннар;
- ОДьКХ өҥөлөрүн төлөөбүккүт туһунан квитанциялар;
- Иэһэ суоххут туһунан ыспыраапка;
- Счеккут реквизиттэрэ.
Быһаарыы тахсар болдьоҕо – 10 үлэ күнэ.
Субсидия кээмэйэ хас биирдии киһиэхэ атын-атын буолар. Калькулятор subsidii-jku.ru сайтка баар.
ГКУ «Агентство субсидий» төлөпүөнэ: 88002225070