СУБСИДИЯ ОҤОРТОРУУ БОЛДЬОҔО УҺААТА
Коммунальнай өҥөҕө бэриллэр субсидия 2021 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри уһатылынна. Пандемиянан сибээстээн бу иннинэ субсидияны 2020 сыл бүтүөр диэри уһаппыттара. Аны сааскыга диэри болдьоҕун уһатан биэрдилэр. Ол аата субсидияны уһатар туһунан сайаапканы суруйар наадата суох.
Бу уһатыы кимиэхэ сыһыаннааҕый? 01.01.2021-01.04.2021 с. кэм иһигэр субсидияларын болдьоҕо бүтэр дьоҥҥо. Бу дьоҥҥо субсидия 6 ыйга уһаан биэрэр.
Оттон бастакытын субсидия оҥорторор дьон “Агентство субсидий” тэрилтэ эбэтэр МФЦ нөҥүө оҥорторуохтарын сөп. Быйылгыттан, саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, субсидияны оҥорторорго ОДьКХ өҥөтүгэр иэһэ суоххут туһунан ыспыраапка илдьэр наадата суох. Наадалаах информацияны судаарыстыбаннай уорганнар бэйэлэрэ ирдииллэр. ОДьКХ өҥөтүгэр субсидиянан гражданин эбэтэр дьиэ кэргэн ыйдааҕы төлөбүрүгэр дохуотун 15 бырыһыаныттан ордуга барар буоллаҕына туһанар бырааптаах.
Субсидияны туһаныы сүрүн усулуобуйата:
- ОДьКХ төлөбүрэ дохуот 15 бырыһыаныттан элбэҕин ылар.
- Кыбартыыраҕа бастайааннай пропискалаах буолуохтааххыт.
Бастаан оҥорторорго маннык докумуоннар наадалар:
- Кыбартыыра докумуоннара.
- Ааспыт 6 ый устата ылбыт дохуоккутун туоһулуур ыспыраапка.
- Счеккут реквизитэ.
Иэһэ суоххут туһунан ыспыраапка аны ирдэммэт.
Быһаарыыны “Агентство субсидий” тэрилтэ 10 үлэ күнүн иһинэн таһаарар.
Субсидия сыл аҥаарыгар оҥоһуллар.
Субсидия кээмэйэ хас биирдии ыалга тус-туһунан суоттанар. Субсидия калькулятора subsidii-jku.ru сайтка баар.