Суһал штаб бааннары уонна атыы-эргиэн кииннэрин бэрэбиэркэлээтэ
Дьокуускай куорат суһал штаба атыы-эргиэн, ас-үөл, сынньалаҥ, үөрэх, онтон да атын тэрилтэлэргэ санитарнай ирдэбил төһө тутуһулларын салгыы бэрэбиэркэлиир.
Кулун тутар 1-5 күннэригэр 13 атыы-эргиэн эбийиэгэр уонна офиска рейдэ ыытылынна. Онтон иккитигэр кэһии баара бэлиэтэннэ, 1 боротокуол толорулунна, 4 сэрэтэр кэпсэтии ыытылынна.
“Азиатскай-Тихоокеанскай баан” офиһыгар дезинфекция сурунаала суох, онон аакта оҥоһулунна. «Газпромбанк» (Аммосов уул.), «Открытие», «Сбербанк» уонна «Алмаасэргиэнбаан» (Ленин пр.) офистарыгар санитарнай ирдэбил тутуһуллар.
Маны сэргэ, суһал штаб атыы-эргиэн уонна сынньалаҥ тэрилтэлэригэр сырытта. «Туймаада», «Азия», «Вектор» кииннэрин, «Best» супермаркеты, «Подкова» баары, «Хижина» лаундж-руму көрдө-иһиттэ. Кэһии баара бэлиэтэммэтэ.