17.05.2021 | 21:34

Суһал штаб 286 эбийиэги бэрэбиэркэлээтэ

Киин куорат коронавируһу утары охсуһар суһал штаба ыам ыйын 11-16 күннэригэр 286 эбийиэккэ рейдэ ыытта. Онно атыы-эргиэн, үөрэх, нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥорор, саататар-аралдьытар тэрилтэлэр хабылыннылар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 15 күнүгэр анал бөлөх уонна олохтоох салайыныы уорганнара атыы-эргиэн 95 эбийиэгин бэрэбиэркэлээбиттэр, ол түмүгэр 10 кэһии баара бэлиэтэммит. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Ыам ыйын 16 күнэ үүнэр түүнүгэр 64 сынньалаҥ киинигэр бэрэбиэркэ ыытыллыбыт. 7 эбийиэккэ кэһии биллибит, 7 аакта оҥоһуллубут уонна 19 боротокуол толоруллубут. Ол курдук, «Dream», «Pizza Beer», «Overtime» баардарга, «Geография» караоке-баарга, «Новый Пекин» сынньалаҥ киинигэр уонна «Panem» рестобарга ирдэбили тутуспаттара чуолкайданна.

“Суһал штаб отчуотугар мэлдьи биир тэрилтэлэр көстөллөр. Кинилэргэ ыстатыйанан боротокуол толоруллара, үлэлэрин тохтоторго уолдьаста”, – диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев. Кини Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын кытта рейдэ ыытарга соруйда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....