23.01.2023 | 23:51

Строительнай уокурук «Спортивнай» тутулларын күүтэр

Строительнай уокурук «Спортивнай» тутулларын күүтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 21 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун иннигэр отчуоттаата. 
2022 сылга Строительнай уокурукка 20, 23№№-дээх оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөн, 182 №-дээх «Подснежник», 17 №-дээх  «Күнчээн», 86 №-дээх «Колокольчик» оҕо саадтарыгар өрөмүөн ыытыллыбыта. Быйыл бу хайысханан Улаатан эрэр оҕолор кииннэрэ уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи психолого-медико-социальнай киин өрөмүөннэниэхтэрэ, маны таһынан аһаҕас чэбдигирэр комплекс тутуллуоҕа. 
«Куттала суох суоллар» нацбырайыагынан Пирогов уулуссатыгар өрөмүөн ыытылынна, Поярков уулуссатын өрөмүөнэ саҕаланна. 2023 сылга итини сэргэ Дзержинскэй уулуссатын Ленин проспегыттан Кальвица уонна Рыдзинскай уулуссаларыгар диэри кэрчигэ оҥоһуллуоҕа.
«Лера» автоырыынак», «Свердлов», «2-ис дамба», «Жорницкай» сылаас тохтобуллар оҥоһулуннулар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 152 киһи 61 кыбартыыраҕа көстө. С. Данилов, 2/1, 3, Халтурин, 67/1, Якутская, 31 уулуссаларга түөрт хаарбах дьиэ көтүрүлүннэ. Маннык муниципальнай бырагырааманан 16 гражданин 6 кыбартыыраҕа көстө, Рыдзинскай, 15, Якутская, 37/1 аадырыстарга икки дьиэ көтүрүлүннэ. Тутуу ыытыллыахтаах сирдэриттэн Свердлов, 3, 5, 7 аадырыстарга үс дьиэ көтүрүлүннэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бырагырааманан 503 киһи 156 кыбартыыраҕа малааһынныыра күүтүллэр, муниципальнай бырагырааманан 143 киһи 50 кыбартыыра күлүүһүн тутуохтаах.
Ааспыт сылга итини сэргэ Жорницкай, 7/4, 7/5, 7/6, 7/6А, 7/9, 7/10, 7/11, 7/12, 7/18, 7/19, 7/20, 7/31, Рыдзинскай, 18/1, 18/3, 18/4, 18/6, 18/7, 18/8, 18/9, 18/10, 18/11, 18/12, Халтурин, 14/3 дьиэлэр тиэргэннэригэр тупсарыы үлэтэ түмүктэммитэ, 2023 сылга итинник үлэ Халтурин, 14, 4, Петр Алексеев, 12, 12/1, 10 аадырыстарга күүтүллэр.
Пионерская, 16, С. Данилов, 30/2, Дзержинскэй, 61 аадырыстарга оҕо оонньуур балаһааккалара өрөмүөннэммит, Чернышевскай, Набережнай уулуссаларыгар дьоҕус архитектурнай формалар турбуттар.
Космонавтар, Халтурин, 7, 11, 15, 15/1, 15/2 (олбуор иһигэр) уулусса лаампалара туруоруллубут.
Отчуот кэнниттэн олохтоохтор үгэс быһыытынан бэйэлэрин ыйытыыларын биэрдилэр. Толору хааччыллыыта суох дьиэлэр олохтоохторо итиинэн, уунан хааччыллыы кыһалҕаларын, инженернэй тиһиктэр эргэрбиттэрин этиннилэр, Салайар хампаанньалар, уопсастыбаннай тырааныспар үлэлэрэ мөлтөҕүн бэлиэтээтилэр. 16 №-дээх оскуолаҕа саҥа дьиэ тутуллара наадатын, 9 №-дээх оскуола хапытаалынай өрөмүөнү ирдиирин эттилэр. Уокурук биир олохтооҕо куоскаларга приют тэрийэргэ сир учаастагын көрдөөтө. 
Биллэн турар, «Спортивнай» дьоҕус оройуон тутуутун интэриэһиргээтилэр. 2022 сыл түмүгүнэн уокурук олохтоохторо киин куорат Олохтоох дьаһалтатын үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...