08.04.2023 | 14:00

Степан Бурнашев: «Көрөөччү барыта биир тэҥник ылыныа суоҕа...»

Степан Бурнашев:  «Көрөөччү барыта биир тэҥник ылыныа суоҕа...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кулун тутар 30 күнүттэн киинэ тыйаатырдарыгар көстө турар “Айта” барыбытын долгутта, уопсастыбаҕа баар чахчылары, сытыы кыһалҕалары таарыйда, элбэҕи толкуйдатта. 
Ааспыт нэдиэлэҕэ киинэ тула пресс-конференция буолан ааста. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр онно тугу билбиппитин-көрбүппүтүн, сэргии истибиппитин ааҕааччыларбытыгар кэпсииргэ сананныбыт. 

«Айта» туһунан интэриэһинэй чахчылар:
Киинэ бүддьүөтэ – 4 мөл. солк.
 Бу – Степан Бурнашев 13-с киинэтэ.
Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр уһуллубут.
Ардахтаах сыаналарга оператордар дьиҥнээх сөҥүү түһэрин күүтэ сатаабыттар. Ону баара үксүн буруолаах сайыҥҥы күннэр турбуттар. Күүстээх хамаанда үлэтин түмүгэр саамай ардахтаах киинэ буолан тахсыбыт. Онуоха 60 туонна уу туттуллубут. Ол утары кууран иһэр эбит.
Афоня оруолун толорбут Андрей Фомины үгүстэр олохтоох артыыс дии санаабыттар. “Саха сиригэр Андрей элбэх, Фоминнар да аҕыйаҕа суохтар”, – диэтэ режиссер.
“Соморсун” ТХПК быраҕыллыбыт дьиэтин көҥүллэтэн, полиция учаастага оҥорбуттар. 
Полиция үлэһитин оонньуур Людмила Малыкайцева чахчы быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлиир.  

 

«Сөпкө өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбин...»

“Айта” сценарийа табыллыбытын бу киинэ сүрүн ситиһиитэ буоларын элбэх киһи бэлиэтээтэ. Ол курдук, көрөөччү хара маҥнайгыттан хартыына бүтүөр диэри биир кэм иннэ үрдүгэр олорор. Манна даҕатан эттэххэ, сценарий ааптардара – режиссер Степан Бурнашев уонна Светлана Таайко. “Светлананы кытта түөрт сценарийы суруйбуппут, бэркэ табыллан үлэлиибит”, – диэн кэпсээтэ режиссер. Музыкатын композитор Тео Тао айбыт.   Режиссер туруорааччы оператор Данила Горюнкову кытта “Биһиги кыһыммыт” киинэттэн доҕордоһоллор.

“Айтаны” уһуларбытыгар кумаар олус элбэх этэ. Хата, улаханнык мэһэй-дээбэтэхтэрэ, бэркэ “доҕордоспуппут”, – диэн күллэртээтэ оператор.

Киинэ трейлерин көрбүт дьон тута педофилия, национализм боппуруостара таарыллаллар эбит диэн сыыһа өйдөөн, быстах санааларга ылларыахтарын сөп.

Степан Бурнашев, режиссер:

– Дьиҥэр, киһи киһиэхэ сыһыанын, билиҥҥи кэмҥэ информация олус түргэнник тарҕанан, олохпутун уларытар кыахтааҕын, куһаҕан сонун киһиэхэ хайдах курдук дьайарын көрдөрө сатаатыбыт. Үгүс киһи социальнай ситимнэргэ итэҕэйэр. Манан биһиги кырдьыгы сымыйаттан араара үөрэниэхтээхпит диэн этэргэ холоннубут.

Көрөөччү барыта киинэни биир тэҥник ылыныа суоҕа. Ким эрэ бэйэтин булуоҕа, ким эрэ сөбүлэһиэ суоҕа. Ол эрээри бары сөпкө өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Биһиги киһи киһиэхэ сыһыанын, тапталы инники күөҥҥэ таһаарарга дьулустубут. Дьиктитэ баар, сороҕор дьон киинэ оҥорон таһаарааччылардааҕар ордук элбэҕи өйдөөн көрөллөр ээ.  

Хомойуох иһин, аныгы кэмҥэ шовинизм боппуруоһа сытыытык турар. Ити ньүдьү-балай буолууттан, иитииттэн, стереотипка кубулуйбут сыыһа өйдөбүлтэн о.д.а. тахсар. Дьиҥэр, суох буолуохтаах. Ол туһунан киинэ нөҥүө көрөөччүнү кытта аһаҕастык кэпсэттибит. Билигин баҕалаах киһи хайа баҕарар норуот тылын-өһүн, култууратын, үгэстэрин үөрэтиэн, билиэн-көрүөн, элбэх омугу кытта биир тылы булуон сөп. Омос көрдөххө, бары атын-атын курдукпут, ол эрээри биирбит. Уопсастыбаны бэйэбит оҥоробут. Биир бэйэм иллээх-эйэлээх, доруобай уопсастыбалаах буолуохха диэн баҕа санаалаахпын.    

Элбэх омук олорор сиригэр атааннаһыы, арахсыы, бэйэҕиттэн атыттары туоратыы – уопсастыбаҕа баар кыһалҕа, “ыарыылаах” чахчы. Режиссер эрэ барыта таарыйбат (үгүстэр тумна сатыыллар) сытыы тиэмэтэ. Ол “Айта” киинэҕэ туох да күүркэтиитэ суох, баары-баарынан көрдөрүллүбүт.   

 

«Хаһан да кыыһырсыбаппыт. Арай мөккүһэн туруохпутун сөп...»

Бырайыакка артыыстартан бастакынан Георгий Бессонов ыҥырыллыбыт.

“Сороҕор сценарийы суруйа олорон ким ханнык оруолу толоруохтааҕын хараххар көрөҕүн. Айаал Слепцов уобараһын Георгий Бессонов арыйыаҕа дии санаабытым.

Спартак Ларионов эдэр баһылык оруолугар бүтэһигинэн бигэргэтиллибитэ. Атын артыыс оонньуохтааҕа, коронавирустаан хаалбыта. Онон Спартагы ыҥырбытым. Кини комедияҕа эрэ буолбакка, атын оруолга да табыллан оонньуурун эрдэ билэр этим. Мин санаабар, персонаһын бэркэ арыйда”, – диэн кэпсээтэ режиссер.  

Артыыс Георгий Бессонов уонна талааннаах режиссер доҕордоспуттара ыраатта. Чахчы, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэрэллэр. “Степаны кытта ыкса доҕордоһуубут 2012 сылтан, “Кута” бырайыактан саҕаламмыта. Хаһан да кыыһырсыбаппыт. Арай мөккүһэн туруохпутун сөп. Киинэбит хаачыстыбалаах буоларын туһугар үлэлиир буоллахпыт”, – диэн күллэртээтэ Георгий. 

Уопуттаах артыыс оруолун ыарырҕаппатах. “Үлэбит оннук. Эрдэ бэлэмнэммитим”, – диэтэ быһа-бааччы.

Аны туран, Георгий оруобуна “Айта” киинэҕэ уһуллаары сырыттаҕына Москваттан кастинг дириэктэрэ эрийэн, биир бырайыакка ыҥырбыт. “Хайыахпыный, аккаастаннаҕым дии”, – диэн кэпсээтэ.

Итиннэ эбэн эттэххэ, “Айта” киинэҕэ ийэ оруолун толорбут Ильяна Павлова ол бырайыакка эмиэ ыҥырыллыбыт. Ол эрээри кини атын кэмҥэ уһуллуохтаах буолан, сөбүлэспит, баран кэлбит.

     

Москва артыыһа саха режиссеругар махтанар

Афоня оруолун толорорго Москваттан ыҥырыллыбыт артыыс Андрей Фомин Саха сиригэр үһүс сырыыта. Кини Олег Табаков тыйаатырыгар үлэлиир. Степан Бурнашев айар үлэтин биир бэстибээлгэ сэргии көрбүт, онно режиссер “Хара хаар” киинэтинэн кыттан кыайбыт.

“Ити киинэни олус сөбүлээммин, Степаны кытта үлэлиэхпин баҕарбытым. Онон киниэхэ бэйэм суруйан тылламмытым. Степа ол кэмҥэ оруобуна Афоня оруолун толоруохтаах нуучча артыыһын көрдүү сылдьар этэ. Хас да сорудаҕы биэрбитин онлайн уһулан ыыппытым. Ол түмүгүн бэйэҕит көрөҕүт”, – диэн кэпсээтэ Олег Табаков тыйаатырын артыыһа.

Андрей устар үлэ саҕаланыан иннинэ, дьону-сэргэни, нэһилиэнньэ хайдах олорорун билсээри, саха тылын истээри, эрдэ кэлбит. Өрөбүллэргэ Амма өрүскэ астына-дуоһуйа сөтүөлээбиттэрин, балыктаабыттарын, сыа балыгы амсайбыттарын кэпсээтэ. Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар, Олоҥхо тыйаатырыгар ыалдьыттаабыт, “Орто Дойду” зоопаарканы, Ирбэт тоҥ саарыстыбатын кэрэхсии көрбүт. “Саха сиригэр өссө уһулла кэлиэхтээхпин. Онтон олус үөрэбин. Эрдэ кэпсииртэн туттунабын”, – диэтэ.

“Айта” киинэ тахсаатын кытта режиссердар кэскиллээх артыыһы араас бырайыактарга ыҥырар буолбуттар, онон Андрей Фомин саха режиссеругар муҥура суох махтанар.

***

Режиссер Степан Бурнашев былаана, идиэйэтэ элбэх. “Дмитрий Давыдовтыын “Ыт” альманах иккис чааһын уһулуохтаахпыт. Сценарийа бэлэм. Барыта үбүлээһинтэн тутулуктаах. Атын бырайыактарбын эрдэ кэпсээбэппин, продюсердары кытта үлэ салҕанар. Туох табылларынан тахсан иһиэҕэ”, – диэн үллэһиннэ.

 

Сардаана Авксентьева, Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата:

– Киинэни хаста да көрүөххэ, ол тухары саҥаттан саҥаны арыйа туруохха сөп дии саныыбын. Көлүөнэлэр сыһыаннара, төрөппүт оҕотугар таптала, уопсастыбаҕа баар чахчылар көстөллөр. Кырдьык, билиҥҥи үйэҕэ информация көрүөх бэтэрээ өттүгэр тарҕанар, сороҕор кырдьыгы сымыйаттан араарарбыт ыарахан. Киһи уордайыыга түргэнник бэринэрэ, бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйбэт, эрэммэт буолуу – олоххо баар улахан кыһалҕа.

Айаал оруолун итэҕэтиилээхтик толорбут Георгий Бессоновы бэлиэтиэхпин баҕарабын. Оҕотун сүтэрбит аҕа ыарыытын, абатын, алдьархайын олус да чаҕылхайдык тиэртэ! Аҥаардас сирэйин-хараҕын көрүҥ!

Киинэни ситэрэр-хоторор бытархай элбэҕин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ылан көрүҥ сордоох-муҥнаах полиция учаастагын. “Нива” массыына, суол-иис суоҕа, дьахталлар аан кирилиэһигэр кэпсэтиилэрэ, этиһиилэрэ – барыта олоххо баар. 

Туруорааччы режиссерга, сценарий ааптарыгар аныгы кэм уһулуччулаах артыыһа Иннокентий Луковцевы атын өттүттэн арыйбыттарыгар махтанабын. Композитор, тыас-уус режиссерун үлэлэрин үрдүктүк сыаналыыбын.

“Айта” – хаачыстыбалаах, дьоһун, киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ кыбыстыбакка  кэпсиир киинэтэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...