19.04.2023 | 15:15

Өссө биир саҥа оскуола сыбаайата түстэ

Муус устар 12 күнүгэр, Космонавтика күнүгэр, Дьокуускайга 29-с нүөмэрдээх (биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр) орто оскуола саҥа дьиэтин бастакы сыбаайатын сиргэ түһэрии үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста.
Өссө биир саҥа оскуола сыбаайата түстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оскуолаҕа эбии тутуу быһыытынан олоххо киирэр эбийиэк 350 миэстэлээх, биир симиэнэнэн үлэлиирэ былааннанар. Үс этээстээх эбийиэк 8 тыһ. квадратнай миэтэрэ иэннээх. Бу дьиэ үрдүгэр оҕо балаһааккатын уонна спортивнай балаһаакканы, ону тэҥэ хаамыынан дьарыктанар анал зона оҥоруохтаахтар.

Оскуолаҕа эбии тутуу “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллар. Сакаасчыт “Главстрой” Муниципальнай хааһына тэрилтэтэ, тутааччы – “Оптима-Строй” Хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ.

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолбут тэрээһиҥҥэ “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак өҥөтүнэн билигин киин куораппытыгар 6 оскуола тутулла турарын эттэ – бу тустаахтарга рекорд буоларын санатта.

“Өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев дойду үрдүнэн оскуола үөрэхтээһинин көрдөрүүтүнэн  уонна материальнай-тэхиньиичэскэй хааччыллыытынан 15 бастыҥ регион иһигэр киирэр соругу туруорар. Дьокуускайга саҥа оскуолалары уонна номнуо үлэлии турар оскуолаларга эбии тутуулары олоххо киллэрии – биһиги оҕолорбут сайдыыларыгар, ол аата инники көлүөнэбитигэр, кэскилбитигэр тирэх буолуу”, - диэтэ Евгений Григорьев.

Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов киин куорат уонна өрөспүүбүлүкэ салалталара туох баар сатамньыларын уонна толкуйдарын ууран туран бииргэ үлэлииллэрин түмүгэр киин куораппытыгар социальнай суолталаах эбийиэктэри тутуу тэтимирбитин бэлиэтээтэ.

29-с оскуола кэлэктиибин аатыттан дириэктэр Марфа Яковлева тыл эттэ: “Биһиги оскуолабыт тутуута үс бэлиэ түгэни кытта сөп түбэспитин бэлиэтиир тоҕоостоох: бастатан туран, Космонавтика күнүгэр тутуубут бастакы сыбаайата түстэ, күргүөмнээх үлэ саҕаланна; иккиһинэн, Арассыыйаҕа биллэриллибит Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар сөп түбэстэ; үсүһүнэн, үлэ Саха сиригэр Үлэ сылыгар саҕаланна”.

Педагогическай кэлэктииби уонна оскуола үөрэнээччилэрин Ил Түмэн Дьиэ кэргэн кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Олег Шемякин эҕэрдэлээтилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...