Спорт сонуннара
Ленскэй куоратыгар буолан ааспыт волейболга 1-кы лигаҕа өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар олохтоох хамаандата бастаата, намнар иккис, дьокуускайдар үһүс миэстэлэннилэр. Итинтэн салгыы миэстэлэри Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Амма хамаандалара ылаттаатылар.
Бастыҥ волейболистарынан Ленскэйтэн Антон Рыков, Евгений Черкасскай, Намтан Павел Обутов, Семен Васильев, Дьокуускайтан Василий Тум-Фа-Ли ааттаннылар.
Мини-футболга 2-ис лигаҕа бастыыр иһин “Кыайыы 50 сыла” Спорт дыбарыаһыгар 22 хамаанда күрэхтэстэ. Нерюнгрилэр бастаатылар, намнар, өлүөхүмэлэр иккис, үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Хаҥалас, Чурапчы, Амма, Таатта, Бүлүү аҕыс иһигэр киирдилэр. Намтан Михаил Ядрихинскэй, Дьулустаан Пестряков, Нерюнгриттэн Андрей Жуков, Игорь Замыслов, Өлүөхүмэттэн Ирек Мурсалимов бастыҥ футболистар ааттарын ылаттаатылар.
Дьокуускайга кулун тутар 5 күнүгэр Екатерина Никитина салайааччылаах “Чысхаан” хайыһары таптааччылар кулууптара Сайсары күөлгэ күрэхтэһии тэрийэн ыытта. 65 диэри уонна 65 үөһэ аҕам саастаах 34 хайыһардьыт кытынна. 16 дьахтар уонна 18 эр киһи классическай ньыманан сүүрүүгэ куоталастылар. 65 үөһэ саастаахтарга Василиса Слепцова дьахталларга, Афанасий Илларионов эр дьоҥҥо тэҥнээхтэрин булбатылар. 65 диэри саастаахтарга Екатерина Павлова уонна Константин Матаннанов кыайыылары ситистилэр.
Бу иннинэ Челябинскай уобалас Златоуст куоратыгар түмүктэммит норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ Галина Сырмолотова, Екатерина Никитина, Зинаида Андреева уонна Василиса Слепцова састааптаах Саха сирин хамаандата хайыһар 4х3 км эстафетатыгар үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланнылар.
Степан Абрамов үс кыһыл көмүс мэтээли, Хаттап Низамутдинов икки боруонса мэтээли ылары ситиспиттэрэ. Спордунан утумнаахтык дьарыктанар, чөл олохтоох бэтэрээннэр иккиэн 85 саастаахтар.
Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандата Калиниградка “Андрей Шумилин Кубогар” ситиһиилээхтик кытынна. Станислав Свинобоев 74 кг туһунна уонна утарсааччыларыгар биир да баалы биэрбэккэ, ыраас техническэйинэн хотуталаан, кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына буолла. 57 кг Айаал Белолюбскай үрүҥ көмүс мэтээллэннэ. 61 кг Харысхал Григорьев уонна саамай ыарахан 125 кг ыйааһыннаахтарга Никита Хабаров боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.
51 саастаах Чурапчы уҥмат тыҥалаах быһыйа Петр Захаров аан дойдутааҕы “Мэйжор марафоҥҥа” дьаныһан туран кыттар. Аҕыйах хонуктааҕыта Токиотааҕы 42 км классическай марафоҥҥа сүүрдэ. Кытаанах тургутуулары ааһан, икки сыл иһигэр биэс аан дойдутааҕы марафоҥҥа кытынна. Аны муус устар 23 күнүгэр Лондоннааҕы марафоҥҥа тиийэн кытыннаҕына, алта марафоҥҥа сүүрэн, Six Star Finisher мэтээлинэн наҕараадаланан, бэйэтин иннигэр туруоруммут сыалын-соругун толоруохтаах. Бу иннинэ Москва, Казань, Чикаго, Берлин, Нью-Йорк уонна ити Токио марафоннарыгар кыттыталаата. Бастыҥ көрдөрүүтэ 2:50:17. Кэргэннээх, үс оҕолоох Петр Захаров сүүрүүнэн дьарыктанар кыыһыгар доҕор буолаары алта сыллааҕыта саҕалаабыта уонна устунан сүүрүүнү сөбүлээн, аан дойду таһымнаах марафонец буола үүннэ-сайынна. Төһө да Арассыыйа спортсменнарыгар хааччахтааһын баарын үрдүнэн, Петр Захаров Лондоннааҕы марафоҥҥа кыттар баҕата улахан. Тренерэ 100 км марафоҥҥа аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, спорт үтүөлээх маастара Татьяна Юрьевна Жиркова.