08.11.2022 | 15:20

Спорт сонуннара

Спорт сонуннара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Германия Франкфурттааҕы марафонугар Сардаана Трофимова 2 чаас 28 мүн. 58 сөк.  көрдөрүүлээх алтыс миэстэҕэ тигистэ уонна аан дойду чемпионатыгар кыттар быраабы ылла. Быһый кыыспыт бу көрдөрүүтүнэн астымматын биллэрдэ. “Тренербин кытта хайдах сүүрбүппүн, туох сыыһалаахпытын ырытыахпыт уонна сыыһаларбытын көннөрөргө дьулуһуохпут”, – диэтэ. Сардаана Трофимова инники күөҥҥэ сылдьар Кения уонна Италия быһый дьахталларын кытта билистэ, уопут атастаста.

Украинаҕа бара турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттарга баҕалаах доброволецтар  хамсааһыннара бүтүн дойду үрдүнэн тэнийэр. Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх, ирдэнэр көрдөбүлгэ толору эппиэттэһэр, чэгиэн-чэбдик туруктаах дьон Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэрин хаҥаталлар. Кинилэр ортолоругар спорка солбугу бэлэмниир Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киинин дириэктэрэ, кикбоксиҥҥа Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Василий Иванович Егоров бэйэтин баҕа өттүнэн анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барарга тылланан, “Боотур” бойобуой этэрээт хамандыырынан ананан Украинаҕа көттүлэр. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

Алтынньы 29 күнүттэн Саха сиригэр бу сыл от ыйыгар тэриллибит “Боотур” добровольческай этэрээт бирииһигэр баскетболга, буулдьанан ытыыга, хабылыкка-хаамыскаҕа, канат тардыһыытыгар, аптамааты ыһан баран хомуйууга түөрт түһүмэхтээх 18-35 саастаах ыччаттар спартакиадалара саҕаланна. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барар доброволецтары өйүүр сыаллаах-соруктаах тэрээһин ыччаты чөл олоххо,  байыаннай-патриотическай иитиигэ, физкультуранан уонна спордунан утумнаахтык дьарыктанарга туһуланар.

2024 сыл от ыйыгар Дьокуускайга буолар “Азия оҕолорун” VIII Спортивнай оонньууларын бырагырааматыгар спорт саҥа көрүҥнэрэ киирдилэр. Оҕолор истиэндэбэй ытыыга, саахымакка, үҥкүү спордугар, кикбоксиҥҥа күрэхтэһиэхтэрэ. Ити түөрт көрүҥү таһынан, үгүс дойдуларга сэҥээриллэр киберспорду, ол эбэтэр көмпүүтэр оонньууларын  киллэрэргэ кэпсэтиилэр бараллар. Азия дойдулара санкцияны билиммэттэр. Онон икки сылы кыайбат кэм хаалбыт оонньууларга  Азия 40 дойдута, Арассыыйа 7 региона кэлэллэрэ былааннанар. 3000 кэриҥэ спортсмен оҕо кыттыаҕа.

Екатеринбург куоракка түмүктэммит Арассыыйа дзюдоҕа чемпионатыгар 48 кг Аина Моисеева боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна. 78 кг Ольга Лихота уонна 52 кг Карина Ефимова бэһис буоллулар.

Бокска Арассыыйа биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду үрүҥ көмүс медалиһа Василий Егоров “Триумф” спорка бэлэмниир кииҥҥэ маастар-кылаас ыытта, ыйытыыларга хоруйдаата. Маастар-кылааска сылдьыбыт боксердар сэтинньи 12 күнүгэр Санкт-Петербурга ыччаттарга Арассыыйа Кубогар кыттыахтара. Сорох боксердар Хабаровскай  уонна Уссурийскай турнирдарын  рингэлэригэр тахсыахтара. 

Арассыыйа спортиҥҥа чемпионатыгар Сахабыт сирин бэргэн ытааччылара Евгений Иванов 188 очколаах  уонна Айаал Макаров 185 табыылаах иккис-үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Россия самбоҕа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Сергей Елисеев Саха сиригэр кэлэ сырытта. “Славутич” кулууп  иитиллээччилэрин кытта көрүстэ. Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов уонна Сергей Елисеев самбо көрүҥүн кэлэр сылтан өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин Спартакиадатын бырагырааматыгар киллэрэр туһунан биир санааҕа кэллилэр. 

Бороҕоннооҕу Саха сирин норуоттарын биир сүрүн дьоруойа, Уус Алдан улууһун уҥмат тыҥалаах быһыйа Артур Бурцев Сочига “Марафон-2022” кытынна уонна 5 км дистанцияны 15 мүн. 43 сөк. түмүктээн, кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Арассыыйа 71 регионуттан уонна 10 омук дойдутуттан 5200 кыттааччы дойду курорт куоратын сүүрэр суолугар таҕыста.

Мини-футболга Дьокуускай куорат баһылыгын Кубогар “Ирбис-99” бастаата, “Арктика” уонна “Барс” хамаандалара иккис-үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. “Бастыҥ вратарынан” Владимир Захаренко (“Ирбис-99”), “Бастыҥ көмүскээччинэн” Альберт Даниялов (“Барс”), “Бастыҥ кимээччинэн” Роман Бондаренко (“Арктика”), “Бастыҥ бомбардирынан” Иван Сергеев (“Верфут”), “Бастыҥ оонньооччунан” Максим Кан (“Ирбис-99”) ааттаннылар.

Хайыһар сезона саҕаланан, сир ахсын хайыһар кэтэн дьарыктар, күрэхтэһиилэр буолуталыыллар. Хаар түһээтин кытта, үгэс курдук,  Алдаҥҥа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын хайыһардьыттара кэлэн эрчиллэллэр. Хатастааҕы спортоскуола тренерэ Степан Контоев Алдаҥҥа иитиллээччилэрин сыллата илдьэн, олимпиецтары кытта бииргэ түһэ-олоро сылдьан дьарыктаналлар. Бүтүн Арассыыйатааҕы күүстээхтэр турнирдарыгар Башкортостантан Олимпиада призера биатлонист Эдуард Латыпов 10 км, дьахталлар 5 км сүүрбүттэригэр Санкт-Петербургтан Евгения Крупницкая бастаатылар. Инники күөҥҥэ Коми, Красноярскай, Казахстан, Татарстан хайыһардьыттара сырыттылар.

Сэтинньи 5 күнүгэр Арктикатааҕы агротехнологическай университет ипподромугар Бүтүн Арассыыйатааҕы “Лыжне все возрасты покорны” диэн девизтээх бырайыак чэрчитинэн тэриллибит хайыһар күрэхтэһиитигэр 18-82 саастаахтар, ол иһигэр ыччат, улахан дьон, бэтэрээннэр (барыта 200-кэ кыттааччы) ахтылҕаннаах хайыһардарын суолугар астына-дуоһуйа илин-кэлин түһүстүлэр.

Күрэхтэһии кыттыылаахтарын спорт миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Роман Оконешников, “Чысхаан” бэтэрээн хайыһардьыттар кулуубун  бэрэссэдээтэлэ Екатерина Никитина, Дьокуускай куорат спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов, Арктикатааҕы агротехнологическай университет физическэй култуураҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Дмитрий Платонов, сүрүн судьуйа Альберт Трофимов эҕэрдэлээтилэр.

5 км дьахталларга 18-29 саастаахтарга Наталья Новгородова (ХИФУ), 30-34 сс. Прасковья Татаева 35-39 сс.  Марина Соловьева (Дьокуускай), 40-44 сс. Дарья Варламова (Нам), 45-49 сс. Мария Семенова (Горнай), 50-54 сс. Мария Эверстова (Чурапчы), 55-59 сс. Светлана Прокопьева (Мэҥэ Хаҥалас), 60-64 сс. Екатерина Павлова (Чурапчы), 65-69 сс. Ирина Дегтярева (Дьокуускай), 70-74 саастаахтарга 3 км Василиса Слепцова (Дьокуускай) бастаатылар.

10 км 18-29 сс. Иван Ховров (ХИФУ), 30-34 сс. Константин Голоков (Дьокуускай), 35-39 сс. Роман Слепцов (Дьокуускай), 40-44 сс. Евгений Дьячковскай (Нам),   45-49 сс. Егор Иванов (Дьокуускай), 50-54 сс. Владимир Яковлев (Хаҥалас),  55-59 сс. Валерий Кривошапкин (Дьокуускай), 60-64 сс. Аркадий Лиханов (Хаҥалас),  65-69 сс. Роман Васильев (Дьокуускай), 70-74 сс. Иван Саввинов (Мииринэй), 75-79 сс. Андрей Кононов (Хаҥалас), 80-84 сс. Степан Абрамов (Дьокуускай) биэтэккэ бастакынан кэллилэр.

 

“Дохсун” спорткомплекска  саха многоборьетыгар өрөспүүбүлүкэ 18-21 саастаах ыччаттара күрэхтэстилэр. Намтан Вячеслав Дьяконов “тутум эргииргэ” 73-тэ эргийэн, мас тардыһыытыгар, оҕунан ытыыга, 400 м сүүрүүгэ, хапсаҕайга уонна тааһы көтөҕүүгэ бастаталаан, абсолютнай чөмпүйүөнүнэн буолла. Сунтаартан Алексей Соколов иккис, Кэбээйиттэн атах оонньуутугар бастаабыт 18 саастаах Артем Дьяконов  үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...