10.02.2023 | 18:00

Спорт оскуолаларын өрөмүөнүгэр 80 мөл.солк. көрүлүннэ

Быйыл киин куорат физкультурнай хамсааһын саҕаламмыта 95 сылын бэлиэтиир. Бүгүн Олохтоох дьаһалта Физкултуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов үлэ сүрүн соруктарын сэһэргиир.
Спорт оскуолаларын өрөмүөнүгэр 80 мөл.солк. көрүлүннэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

– Эдуард Васильевич, кэпсэтиибитин спорт оскуолаларын үлэлэриттэн саҕалыахха.

– Бүгүҥҥү туругунан Дьокуускай куоракка аҕыс спорт оскуолата баар. Онно оҕолор спорт 19 көрүҥүнэн дьарыктаналлар, барыта 130-тан тахса тренер үлэлиир. Дьокуускай куорат оскуолаларыгар 53 тыһыынча кэриҥэ оҕо үөрэнэр эбит буоллаҕына, онтон 4800-тэн тахса оҕо муниципальнай спорт оскуолаларыгар дьарыктанар. Хас биирдии оскуолаҕа араас секциялар, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Дохсун” спорт комплексыгар футболга, “Өрөгөй” (“Триумф”) кииҥҥэ боксаҕа, “Чолбон” бассейҥҥа харбааһыҥҥа о.д.а. дьарыктар бааллар. Онон быһа холоон 15 тыһыынча оҕо спордунан утумнаахтык дьарыктанар. Инникитин даҕаны оҕо аймах, үүнэр көлүөнэ эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар улахан болҕомто ууруллуохтаах.

– Куорат баһылыга Евгений Григорьев быйыл спорт оскуолаларын хапытаалынай өрөмүөнүгэр 80 мөл. солк. көрүлүннэ диэбитэ. Ханнык эбийиэктэргэ үлэ ыытыллыаҕай?

– Бырайыагын, сметатын оҥорор үлэ түмүктэннэ, бэдэрээтчиттэр биллэ иликтэр. 6-с №-дээх Оҕо спорт оскуолатыгар (“Стерх”) хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа, бу эбийиэккэ эһиил “Азия оҕолоро” оонньууларын кыттааччылара волейболга күрэхтэһиэхтэрэ. 5-с №-дээх спорт оскуолата өрөмүөннэниэҕэ, онно волейболга хамаандабыт дьарыктаныаҕа, буулдьанан ытыыга күрэхтэһии буолуоҕа. 4-с №-дээх Оҕо спорт оскуолатын саалата эрэ мини-футбол стандартарыгар эппиэттиир, онон ити эбийиэк эмиэ хабыллыаҕа. Манна эбэн эттэххэ, быйыл Хатаска 7-с №-дээх Оҕо спорт оскуолата үлэҕэ киириэхтээх.

Кырдьык, өрөмүөҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх үп көрүлүннэ. Онон бу үлэни быйыл эрэ буолбакка, инникитин 8 спорт оскуолатын барытын өрөмүөннүүр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥорор санаалаахпыт.

Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн улахан эбийиэктэри тутууга уонна өрөмүөннүүргэ үп көрүллүбүтэ. Ол курдук, Ильменскэй уулуссаҕа улахан спорт саалата тутуллуохтаах. “Дохсун” комплекс, “Туймаада” стадион о.д.а. эбийиэктэр өрөмүөннэниэхтээхтэр.

– Нэһилиэнньэ спорт ханнык көрүҥүнэн ордук сөбүлээн дьарыктанарый? Ханнык хайысхаҕа саҥа сүүрээннэр киирэллэрий, туох үлэ барарый?   

– Футбол, волейбол, баскетбол көрүҥнэрэ хамаанданан оонньуулар буолан, ордук элбэх оҕону хабаллар. Кэнники кэмҥэ Людмила Валерьевна Николаева бэрэссэдээтэллээх Федерация күүскэ үлэлээн, художественнай гимнастика сайдан, саҥа таһымҥа тахсан эрэр. Скалолазание, дартс курдук сонун көрүҥнэри дьон-сэргэ сэҥээрэр, сэргиир буолла.

Биллэн турар, сүүрүү – саамай маассабай көрүҥ. Түгэнинэн туһанан, быйыл от ыйын саҕаланыытыгар куорат марафона ыытыллыаҕа диэн сонуну үллэстэбин. Онно Арассыыйа араас регионнарыттан кытта кэлиэхтэрэ. Билигин суолун быһаара сылдьабыт.

Аны туран, үгүс киһи хаамыы доруобуйаҕа туһалааҕын өйдөөтө, анаан дьарыктанар буолла, ол барыбытын үөрдэр. Манна даҕатан эттэххэ, куорат пааркатын тула 5 км усталаах “доруобуйа ыллыга” оҥоһуллуохтаах. Уопсайынан, куорат нэһилиэнньэтигэр сүүрүү уонна хаамыы күүскэ сайдар чинчилээх. Онно сөптөөх усулуобуйа эрэ баар буолуон наада.

– Оттон нэһилиэнньэни спорт эбийиэктэринэн хааччыйыы хайдаҕый? Инникитин туох сыал-сорук турарый?

– Киин куорат күн-түүн улаатар, сыл аайы нэһилиэнньэтэ элбиир. Маныаха спорт саалаларын элбэтии соруга күүскэ турар. Эһиил ыытыллыахтаах “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларынан сибээстээн быйыл Сайсары түөлбэтигэр Ильменскэй уулуссаҕа улахан спорт эбийиэгэ тутуллуохтаах.  Билигин бырайыагын, сметатын докумуоннара оҥоһуллар. Элбэх киһи дьарыктанарыгар, күрэхтэһэригэр табыгастаах, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир, 200-300 олорор миэстэлээх үрдүк, киэҥ саала тутуллуоҕа. Таһыгар эмиэ дьарыктанар балаһааккалаах буолуохтаах. 

17-с кыбаартал оннугар “Спортивнай” саҥа түөлбэ тутуллуохтаах. Онно эмиэ биир үчүгэй улахан эбийиэк оҥоһуллара күүтүллэр.

Залог, ДСК, Пригороднай диэки улахан спортивнай саала суох. Онон ити өттүгэр үлэ барыахтаах. 25 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх Марханы эмиэ хабыахтаахпыт.

Былырыын Арассыыйа спордун министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан, 20-тэн тахса мөл. солк. кыайбыппыт. Ол үбүнэн Петр Алексеев уулуссатыгар 200 миэтэрэ уһуннаах сүүрэр суоллаах, таһыгар тренажердаах, футбол хонуулаах, кыһыҥҥы өттүгэр хоккей кортаах балаһаакка тутар былааннаахпыт. Оччоҕуна куорат ити эҥээригэр олорор дьон дьарыктанарыгар табыгастаах усулуобуйа тэриллиэҕэ. Бу кулун тутар ыйга куонкуруһа биллэриллиэхтээх.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн кэнники сылларга элбэх воркаут балаһаакка тутулунна. Барыта 75 итинник эбийиэк тутуллара былааннанар. Бу балаһааккалары управалар көрөллөр-истэллэр. Маны сэргэ, киин куораппытыгар олорор тиэргэннэри тупсарыы бырагыраамата көдьүүстээхтик үлэлиир. Эбийиэктэр спортивнай балаһааккалаах, тренажердаах оҥоһуллаллар. Онон дьон дьиэтин таһыгар төһө баҕарар тахсан дьарыктанар кыахтаах буолла. Итиннэ эбии бииртэн биир үчүгэй чааһынай саалалар, фитнес-кулууптар арылла тураллар.

Биһиги соҕуруу куораттарга хайдах да тэҥнэһэр кыахпыт суох. Сылаас дойду олохтоохторо пааркаҕа, балаһааккаларга, аһаҕас халлаан анныгар төһө баҕарар дьарыктанар кыахтаахтар. Оттон биһиги уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор буолан, балаҕан ыйыттан саҕалаан ыам ыйыгар диэри саалаҕа, дьиэ иһигэр киирэргэ күһэллэбит. Ол эрээри маннык тэтиминэн бары сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ, хас биирдии түөлбэҕэ, тутулла турар саҥа кыбаарталга спорт саалалара баар буолуо этэ. Онуоха СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, куорат баһылыга Евгений Григорьев “2032 сылга диэри Дьокуускай куорат сайдыытын” стратегическай былаанын олоххо киллэрэргэ үгүс сыалы-соругу туруордулар. Нэһилиэнньэ чөл олохтоох, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар үлэ ыытыллар.

– Мантан саас хайыһар сезона саҕаланыаҕа. Куорат олохтоохторо Күөх хонууттан атын дьарыктанар сирбит суох курдук. Владимировкаҕа хайыһар суола оҥоһуллар диэни истибитим...

– Оннук. 2,5 км усталаах хайыһар суола оҥоһуллуохтаах. 5 №-дээх Оҕо спорт оскуолата сирин докумуонун оҥорторо сылдьар. Бу сир суолтан чугас, дьон кэлэригэр-барарыгар табыгастаах. Инникитин куорат олохтоохторо, оҕолор тахсан хайыһардыыр, дьиэ кэргэнинэн сынньанар буолуохтара. Сайыҥҥы өттүгэр, кыаллар буоллаҕына, лааҕыр үлэлэтэр баҕа санаалаахпыт.

– Түмүккэ быйылгы былааҥҥытын кылгастык билиһиннэрэ түһүөҥ дуо? Ханнык бөдөҥ тэрээһиннэр ыытыллалларый?

Быйыл Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылын, Дьокуускай куоракка 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит. Ол чэрчитинэн, архыып матырыйаалларын хасыһан, эһиил куорат спордун историятын кэпсиир улахан кинигэ бэлэмнээн таһаарар былааннаахпыт. Ону сэргэ, Уһуйааччы сылынан олохторун спорт сайдыытыгар, оҕо иитиитигэр анаабыт, үгүс ситиһиилэрдээх дьоммутун сырдатар үлэни ыытыахпыт. Петр Александрович Нечаев курдук чэпчэки атлетикаҕа хас да Арассыыйа маастарын, элбэх чемпиону иитэн-үөрэтэн, үүннэрэн, такайан таһаарбыт үтүөкэн тренердэрдээхпит. Хас биирдии көрүҥҥэ итинник киэн туттар дьонноохпут, кинилэр ааттарын, үлэлэрин үйэтитиэхпитин наада.  

Сайыҥҥы өттүгэр лааҕырдар үлэлэрин күүһүрдүөхпүт. Оҕо оҕону кытта бодоруһан сайдар. Сайын үчүгэйдик аһаан-сиэн, эрэсиими тутуһан дьарыктаннаҕына, күүс-уох эбинэр, доруобуйата да тупсар. 5-8 кылаас оҕолоро эт-хаан, өй-санаа өттүнэн уларыйаллар, улааталлар, ол кэми мүччү тутумуохпутун наада. Бу хайысхаҕа сөптөөх үлэ ыытыллыахтаах дии саныыбын.

Биллэн турар, сүрүн болҕомто – эһиилги “Азия оҕолоро” VIII-с норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга. Бэлэмнэнии бара турар, оҕолорбут Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэллэрин курдук, хас биирдии көрүҥҥэ туспа былааннарынан сирдэтиниэхпит. Дьарыктары быспат курдук, өрөмүөннэнэр эбийиэктэргэ үлэ болдьоҕор түмүктэнэрин ситиһэргэ дьулуһуохпут.

Мантан сайын Дыгын оонньуулара, марафон үгүс сэҥээриини ылыахтара. Куоракка спорт 30-ча көрүҥэр араас чемпионаттар буолуохтара. Сайын Аммаҕа спорт адаптивнай көрүҥнэригэр Спартакиада ыытыллыахтаах. Түгэнинэн туһанан, куорат сүүмэрдэммит хамаандата ситиһиилээхтик кыттарыгар, кыайыы көтөллөнөрүгэр баҕарабыт. 

Онтон салгыы Д.П. Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар, Р.М. Дмитриев сырдык кэриэһигэр аналлаах көҥүл тустууга улахан күрэхтэһиилэр буолуохтара.

– Эдуард Васильевич, киин куораппыт көстүүтүн сэргэ нэһилиэнньэ эт-хаан өттүнэн сайдыытын тупсарар аналлаах саҥа эбийиэктэрбит болдьоҕор үлэҕэ киирэллэригэр уонна ону сүрүннүүр үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...