01.03.2021 | 05:22

Сонун бүлүүдэлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха киһитэ этэ, балыга суох сатаммат. Этэргэ дылы, отунан-маһынан аһылыктаммат. Ол эрээри мэлдьи биир астан – миинтэн, торуойтан киһи түргэнник хал буолар. Эти, балыгы, быары оҕуруот аһын кытта булкуйан, арыый сонун уонна минньигэс бүлүүдэлэри астыахха сөп.

Тайскайдыы буспут эт

Туох наадата: эт, минньигэс биэрэс, үүт, карри, соевай соус, туус, мас арыыта (ыһаарылыырга)

Астааһына:

1. Эти синньигэс гына кырбыыбыт. Биэрэһи эмиэ хайдах сөбүлүүрбүтүнэн быһабыт.

2. Хобордоохпутун итийиэр диэри сылытабыт, мас арыытын кутабыт. Онно эти кыратык ыһаарылыыбыт, онтон бытаан уокка бэйэтин симэһинигэр буһара түһэбит.  

3. Онтон үүт кутабыт. Үүтэ паар буолан көтүөр диэри бытаан уокка туруорабыт.

4. Салгыы биэрэспитин кутабыт, сымныар диэри буһарабыт.

5. Онтон карри, соевай соус уонна туус эбэбит. Эмиэ бытаан уокка буһарабыт.

Гарнирга рис буһарыаххытын сөп.

Ынах эттээх, хортуоппуйдаах азу

Туох наадата:

Ынах этэ — 500 г,

Хортуоппуй — 5 -7 устуука,

Моркуоп — 2 устуука,

Тууһаммыт оҕурсу — 2-3 устуука,

Эриэппэ луук — 1 устуука,

Чеснок — 3 өлүүскэ,

Томатнай соус — 2 ост. ньуоска,

Мас арыыта

Астааһына:

1. Ынах этин кырбыыбыт, хобордооххо орто уокка 7 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт, үчүгэйдик булкуйабыт.  

2.  Эриэппэ луугу бытархай гына кырбыыбыт уонна эккэ кутабыт. Ыһаарылыыбыт.

3. Моркуобу уһун синньигэс гына быһабыт, эккэ кутан, 2-3 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт.

4. Оҕурсуну соломолуу быһабыт, эмиэ хобордоохпутугар кутан, 1-2 мүнүүтэ сырдьыгынатабыт. 

5. Томатнай паастаны эбэбит, туус кутабыт уонна үчүгэйдик булкуйабыт.

6. Маны барытын сабар курдук уу кутабыт. Оргуйдаҕына, бытархай гына кырбаан чеснок эбэбит.

7. Хобордоохпутун хаппахтаан, аспытын бытаан уокка 40-50 мүнүүтэ туруоран буһарабыт.

8. Хортуоппуйу соломолуу быһабыт уонна туспа хобордооххо саһарчы буһуор диэри ыһаарылыыбыт. 

9. Тэриэлкэҕэ хортуоппуйбутун, ол үрдүгэр бэлэм эппитин кутабыт.

Маринадтаах быар

Маннык буспут быар олус сымнаҕас, минньигэс буолар. Айахха киирэн ууллан хаалар.

Туох наадата:

600 г ынах быара,

1 сымыыт,

3 өлүүскэ чеснок,

1 ч.ньуоска туус,

1 ч.ньуоска саахар,

0,5 ч. ньуоска суода,

1 эриэппэ луук,

мас арыыта (ыһаарылыырга),

кукуруза бурдуга (булкуйан ыларга)

Астааһына:

1.Ынах быарын сууйабыт, куурдабыт, пленкатын ылан быраҕабыт уонна улахан куһуок гына кырбыыбыт.

2. Маринадын бэлэмниибит: миискэҕэ сымыыт алдьатан кутабыт, онно саахары, суоданы уонна кыра гына кырбаммыт чесногу эбэбит.

3. Барытын холбоон, үчүгэйдик ытыйабыт уонна быарга кутабыт. Кылгаабыта икки чаас эбэтэр түүнү быһа  холодильникка туруорабыт.

4. Луугу төгүрүк гына кырбыыбыт уонна арыыга ыһаарылыыбыт. Тэриэлкэҕэ кутабыт. Быары бурдукка булкуйан, луук ыһаарыламмыт арыытыгар саһарчы буһарабыт (хас биирдии өттүн 3-түү мүн.). Арыытын эбэн биэриэххитин сөп.

5. Быар буһарын саҕана үрдүгэр ыһаарыламмыт луугу кут, булкуй уонна хаппахтаан баран, өссө 5 мүн. бытаан уокку туруора түс.

6. Буспутун быһан көрөн бэрэбиэркэлээ.

Духуопкаҕа буспут ойоҕос

Туох наадата:

ынах ойоҕоһо,

4 ост. ньуоска майонез,

1/3 ч.ньуоска туус,

лимон аҥаарын суога,

3 өлүүскэ теркаламмыт чеснок,

1 ост.ньуоска хартыыһа,

2 ост.ньуоска соевай соус

Астааһына:

Ынах ойоҕоһун куһуоктарга кырбыыбыт. Үөһэ этиллибит састаабы барытын булкуйан, симиэс оҥоробут. Ойоҕоһу онон сыбыыбыт. 1-2 чаас туруора түһэбит. Пергамеҥҥа суулаан 180 кыраадыс итии духуопкаҕа 1 чаас 50 мүнүүтэ буһарабыт.

«Хе» селёдка

Туох наадата:

3 устуука тоҥоруллубут селёдка,

3 устуука моркуоп,

2 эриэппэ луук,

2 өлүүскэ чеснок,

200 мл 9 бырыһыаннаах уксуус,

1 ч.ньуоска туус,

2 ост.ньуоска мас арыыта,

4 ост.ньуоска соевай соус,

2 ост.ньуоска кунжут

Астааһына:

1.Селёдканы ириэрэбит, уҥуоҕун ыраастыыбыт, куһуоччуктарга бысталыыбыт. 

2. Үрдүгэр уксуус кутан, чаас аҥаара туруора түһэбит. ⠀

3. Луукпутун тиэрбэстии кырбыыбыт, моркуоппутун теркалыыбыт. 4. Чесногу ыраастыыбыт, илдьиритэбит.

5. Селёдкаттан уксууһун тоҕобут. Дуршлагтыахха сөп.

6. Балыкпытыгар луук, моркуоп, мас арыыта, соевай соус, туус уонна кунжут кутабыт.

7. Барытын булкуйабыт уонна икки чаас холодильникка туруора түһэбит.

Горшочекка буспут хаппыысталаах гуляш

Гуляш билиитэҕэ да бустаҕына үчүгэй. Оттон горшочекка өссө минньигэс буолар. Эт уонна оҕуруот астара бэйэ-бэйэлэрин симэһиннэрин ситэрэн, ураты амтаннаах аска кубулуйар.

Туох наадата:

600 г ынах этэ,

300 г сибиэһэй хаппыыста,

200 г тууһаммыт хаппыыста,

1 помидор,

1 моркуоп,

1 эриэппэ луук,

туус,

мэлиллибит хара биэрэс,

паприка,

душистай биэрэс,

лавр сэбирдэҕэ

Астааһына:

1. Ынах этин кыра куһуоччуктарга бысталыыбыт. Паприка, биэрэс кутан саһарчы ыһаарылыыбыт.

2. Горшочек түгэҕэр 1 араҥа тууһаммыт хаппыыста уурабыт. Лавр сэбирдэҕин, душистай биэрэһи табыгынатабыт.

3.  Ол үрдүгэр ыһаарыламмыт эти кутабыт.

4. Эти сабарын курдук уу кутабыт. Туустуубут.

5. Горшочегы итии духуопкаҕа угабыт.

6. Луугу ыһаарылыыбыт. Онно моркуоп кутан булкуйабыт.

7. Хаппыыстаны уһун синньигэс гына кырбаан хобордоохпутугар кутабыт. Булкуйа-булкуйа ыһаарылыыбыт. Туус кутабыт.

8. Чаас аҥаарынан горшочегы духуопкаттан таһаарабыт. Онно хобордооххо ыһаарыламмыт аспытын кутабыт. Хаппахтаан баран, 20 мүн. духуопкаҕа угабыт.

9. Горшочегы таһааран, онно помидор эбэн баран, аны 10 мүнүүтэ духуопкаҕа угабыт.

10. Гуляш бэлэм буолла. Хортуоппуйу кытта олус минньигэс. Күөх үүнээйини үрдүгэр кутуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....