27.12.2020 | 13:09

Сокуоннайа суох олоруу – сарсыҥҥыга эрэлэ суох

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үйэбит уларыйан эбитэ дуу эбэтэр олохпут сайдыыта манныкка тиэртэ дуу? Билиҥҥи олоххо сокуоннайа суох, ол эбэтэр сокуонунан бигэргэммэтэх эр-ойох буолуу элбээтэ. Дьиэ кэргэн сыаннаһа ханна барда? Ол туһунан кэпсэтиини бүгүн эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарыам.

Сокуоннайа суох эр-ойох буолуу, бу аата бэйэ икки ардыгар туох да эбээһинэс, эппиэтинэс сүктэриллибэт диэн өйдөбүллээх. Ол аата “бүгүн кыыһырыстыбыт, сарсын чымыдааммын тутан баран, икки аҥы арахсабыт” диэн чэпчэки санаа сорох дьон өйүгэр иҥэн хаалар. Ол эбэтэр, “бүгүн таптаһабыт, сырсыныгар эйэлээхтик олоробут, нөҥүө күнүгэр арахсабыт” диэн өйдөбүллээх олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһаллар. Сокуоннайа суох ыал буолан олорууга ордук оҕолор көмүскэлэ суох хаалаллар. Маннык статустаах ыалга ийэлээх аҕа бэйэ икки ардыгар сыһыаннара арахсыыга тиэрдэр. Ону тэҥэ, төһө да сокуонунан холбоспокко да олордоллор, баай-дуол үллэстиитигэр уустук балаһыанньаны көрсөллөр. Ол түмүгэр төрөппүт уонна оҕо эрэйи көрөллөр. Иккистээн-үһүстээн ыал буолууга, ааспыт олохторун хара мэҥэ хааллаҕа ол. Бэйэ баҕа өттүнэн, эрдэ ыал буолбут дьон 5-7 сылынан арахсаллар эбит.

Сокуоннайа суох эр-ойох буолууну икки хайысхаҕа араарыахха сөп. Ол эбэтэр, үтүө уонна мөкү өрүккэ. Холобура, үтүө өрүккэ киирэр: хаһан баҕарар туох да мачайа суох икки аҥы тарҕаһыахха сөп. Дьахтар оҕолонноҕуна “соҕотох ийэ” статустанар уонна судаарыстыба аныыр чэпчэтиилэринэн туһанар. Мөкү өрүтэ: төһө да бииргэ олордоллор, бэйэ-бэйэлэригэр туора дьон буолаллар. Маннык түгэҥҥэ, өйдөспөт сыһыан таҕыстаҕына, дьахтар эр киһитин дьиэттэн үүрэригэр, тахсар аана мэлдьи аһаҕас буолар. Оннук сыаллаах, куоракка да, тыаҕа да сокуоннайа суох ыал буолан олорор көстүү, бу бүгүҥҥү олохпутугар баар. Ону ким да мэлдьэһиэн сатаммат. Таах таҕылы ханнарыынан олоруу, күнү-дьылы халтайга ыытыы, чычаас өй-санаа, дьиэ кэргэн өйдөбүлэ суох буолуу оннукка тиэрдэр.

Саахсаланыаҥ – дьиэ кэргэҥҥэ бигэ тирэхтэниэҥ

Мария Дьяконова, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:

- Тыа сиригэр олоробун. Кэргэмминиин биэс оҕолоохпут, үс кыыс, икки уол. Оҕолорбут этэҥҥэ улаатан, билигин олохторун оҥостон, ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн этэҥҥэ олороллор. Үс оҕо куоракка,  икки оҕобут бэйэбит аттыбытыгар олохсуйан олороллор.  Оҕолорбутун кыраларыттан бэйэҕэ эппиэтинэстээх буоларга үөрэппиппит. Онон анал орто уонна үрдүк үөрэхтэргэ киирэннэр, талан ылбыт идэлэрин этэҥҥэ бүтэрэн, үлэлии сылдьаллар. Кыра саастарыттан үлэҕэ үөрэнэн, олох сыаннаһын өйдүү, билэ улааппыттара. Бэһиэн ыаллар. Хас биирдиилэригэр уруу киэһэтин тэрийбиппит. Сокуонунан ыал буолан, хастыы да оҕолоохтор. Онон сиэннэрбитинэн баай дьоммут. Бу буоллаҕа төрөппүт олоххо кэлбит сирдээҕи ытык аналын толоруута. Кэргэмминиин ааспыт үйэ 70-с сылларыгар ыал буолбуппут. Оччолорго төһө да кырыымчык олох буоллар, кийиит быһыытынан боростуой маҥан былаачыйа кэппиппин бу бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн. Уруубут сэмэй киэһэтигэр дэриэбинэ дьоно үксэ ыҥырыллыбыттара.  Сүрдээх үчүгэйдик ааспыта. Ол дьоро киэһэҕэ дьон баҕа санаата, алгыс курдук этиллибит истиҥ тыллара биһиги дьиэ кэргэни үйэбит тухары сомоҕолоон кэллэҕэ. Онтон икки сыл арыттаах биэс оҕону төрөтөн ийэ, аҕа дьолун билбиппит.  Кэмэ оннук эбитэ дуу, ол саҕанааҕы ыччат, ыраас сыһыаннаах сылдьан, ыал буолаллара. Сокуонунан саахсаланан холбоһоллоро. Биир эмит кыыс оҕо сулумах сылдьан оҕолонноҕуна, кыбыстыылаах дьыала курдук буолара. Арахсыы суоҕун кэриэтэ этэ. Онон оҕолорбутун эмиэ бэйэбит холобурбутугар ииппиппит. Сэбиэскэйдии өй-санаа кытаанахтык иҥпитэ. Төрөппүттэрбит олох ыараханын билбит буоланнар, олоҕу көрүүлэрэ да оннук этэ. Кэргэмминиин биир кылааска үөрэммиппит. Төрөөбүт төрүт сирбитигэр ыал буолан, билиҥҥэ диэри бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн олоробут. Олох аартыгар сирдээбит уруубут киэһэтин саһархай хаартыскаларбыт туоһулууллар.

Билиҥҥи ыччат ортотугар сокуоннайа суох ыал буолан олоруу элбээбититтэн киһи хомойор. Ону оҕолордоох, сиэннэрдээх киһи сиэринэн туох диэн этиэмий?  Маннык сыһыан бэйэҕэ эппиэтинэс суох буолбутун туоһулуур. Аныгы оҕолор оскуоланы нэһиилэ бүтэрээт, бииргэ олорон бараллар. Сокуонунан холбоспоттор. Оҕолоноллор. Дьэ, мантан саҕаланар, кинилэр дьиэ кэргэн олоҕун укулаатын оҥостоллоругар төһө бэлэмнэрэ. Эдэрдэр саахсалана сатыахтарын наада. Биллэн турар, бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэн көрөллөрө мэһэйдээбэт. Онтон саастаах дьон, кэргэттэриттэн арахсыбыт эбэтэр огдообо дьон бу өттүгэр сэрэнэн сыһыаннаһыахтарын наада.

Чэпчэки олоҕу батыһыаҥ – суобаскын сүтэриэҥ

Анна Ильина, Дьокуускай куорат:

- Саахсата суох олорор дьон ханнык ыалга төрөөбүттэрин үөрэтэн билэр киһи. Толору ыалга дуу, аҥаардас ийэҕэ, аҕаҕа дуу? Мин санаабар, ол элбэҕи кэпсиирэ буолуо. Саахсата суох олоруу икки өттүттэн эппиэтинэһи сүгэртэн саллар дьон ини. Баҕар, кэлин өйдөспөтөхпүтүнэ арахсыахпыт диэн сыаллаах көннөрү олоруохтарын эмиэ сөп. Туох да диэбит иһин, саахсаланнаххына, саатар сокуонунан көмүскэллээх буолаҕын ээ. Сахалыы сиэр-туом быһыытынан саатар алгыс ылан, маннык ыал үөскээтэ, онон үрдүк айыыларбыт көрө-истэ сылдьан араҥаччылааҥ, арчылааҥ, оҕото биэриҥ диэн көрдөһүүлэрин ылынар, билэр бэлиэтэниигэ киирэллэр дии саныыбын. Били, нууччалар бэргэһэлэнэллэрин курдук.

Онон булгуччу сүүһүнэн киһини ыҥыран уруу тэрийбэккэ эрэ, чугас аймахтарыҥ ортотугар алгыс ылан ыал буолуу – дьоллоох олох мэктиэтэ. Ааспыт үйэ сылларыгар арахсыы аҕыйах этэ. Ойоҕуттан, эриттэн арахсыбыт киһи хара мэҥнээх курдук буолара. Үлэҕэ киирэригэр, карьератын оҥосторугар харгыстары көрсөрө. Билигин буоллаҕына хайдаҕый? Көҥүл олох кэллэ дии-дии, олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһыы баар буолла.  Бу ордук эдэрдэр өттүлэриттэн тахсар. Бэйэ-бэйэни үчүгэйдик билбэккэ сылдьан, алҕаска эбэтэр мээнэ сылдьыһыыттан оҕолоноллор. Соҕотох ийэ кэккэтин хаҥаталлар. Инники олохторун оҥосто сатаабаттар. Оҕолорун эрэ иннигэр олорор курдук турукка киирэн хаалаллар. Онтон эдэр киһи салгыы чэпчэки олоҕу батыһан, хас кыыс олоҕун алдьатара буолуой... Ону силимниир, чөлүгэр түһэрэр ыарахан. Чэпчэки олоҕу батыһыаҥ – суобаскын сүтэриэҥ диэн эдэр ыччакка тоһоҕолоон этиэм этэ. Олоххо эппиэтинэстээх сыһыан дьиэ кэргэни бигэ туруктуо.

Эппиэтинэһэ суох буолуу көҥүлү сүтэрбиккэ тэҥнээх

Николай Борисов, Нам улууһа:

- Саахсата суох олоруу сокуоннайа суох. Бу ыал хаһан баҕарар үрэллэр. Былыр өбүгэлэрбит барахсаттар кытаанахтык илии тутуһан, бэйэлэрин икки ардыгар энньэ аныыллара. Бу ыал буолаары сылдьар уоллаах-кыыс ыраас сыһыаннарын туоһулуур. Мин саахсата суох ыал буолан олорору олох утарабын. Ол аата кинилэр дьиҥнээх таптала, эппиэтинэһэ суох таҕылы эрэ таһаараары холбоспут дьон буолаллар. Олорон көрүөхпүт дииллэр. Тугуй ол аата? Ыал буола оонньууллар дуо? Бэйэ-бэйэҕэ эрэммэт буоллахха, тоҕо ыал буола сатыылларый? Өр олорбут кэргэнниилэр иитиилээх дьон. Кинилэри арахсыҥ диэтэххэ, арахсыахтара суоҕа. Аныгы ыччаты “Дом-2” биэрии буорту оҥордо диибин. Дьиҥэр арахсары саахса боппот ээ. Үчүгэй, өйдөһөр пааралар саахсата да суох олоруохтарын сөп. Ол эрэн, олоххо бигэ сыһыаннарын бигэргэтэн, киһилии сиэринэн саахсаланаллара ордук ээ. Үйэҕэ биирдэ олох олороҕун. Ол олоххун чиэһинэйдик олоруохтааххын. Бэйэҕэ эппиэтинэс диэн баар буолуохтаах. Онто суох көҥүлү сүтэрбиккэ тэҥнээх.

Истиҥ сыһыан алаһа дьиэбитин сылаас тыынныыр

— Билиҥҥи үйэҕэ саахсата суох олоруу үгэскэ кубулуйан эрэр курдук көрөбүн. Оннук элбэх дьиэ кэргэттэри билэбин. Мин төрөппүттэрим 55 саастаахтар. Күн бүгүҥҥэ диэри саахсата суох олорон кэллилэр. Ол эрэн, мин төрөппүттэрбин туох да диэбэппин. Мин саныахпар, саахсаланан олоруу ыал буолуу туругун күүһүрдэр, бөҕөргөтөр. Киһилии сиэринэн саахсалаах олорор саныахха да үчүгэй буоллаҕа. Урут даҕаны саахсата суох бииргэ олоруу баара. Бэйэм ыалбын, туйахпын хатарар, сыдьааммын тэнитэр үс уол оҕолоохпун. Кэргэмминиин улахан тапталынан ыал буолбуппут. Саха сиэринэн, элбэх киһилээх уруу киэһэтин тэрийбиппит. Билигин төрөөбүт нэһилиэкпитигэр дьиэ-уот туттан, оҕо-уруу төрөтөн, кэтэх хаһаайыстыба тэринэн, быр-бааччы олоробут. Мантан ордук дьол, сир үрдүгэр баар үһүө... Оҕолорбут туһугар олоробут. Кэргэмминиин истиҥ сыһыаммыт, алаһа дьиэбитин сылаас тыынныыр.

Уларсык сыһыан туох үчүгэйдээх үһүө...

Алексей Иванов, Чурапчы улууһа:

- Мин төрөппүттэрим 40-ча сыл бииргэ олорон баран саахсаламмыттара. Кэргэним дьоно уонча сыл буолан, алта оҕолонон баран биирдэ сыһыаннарын сокуонунан бигэргэппиттэрэ. Онон тугу этээри гынабыный? Арааһа, дьиҥ сыһыаҥҥа кумааҕыга бэчээт улахан оруолу оонньообот ини. Ол эрэн, уларсык, быстах таҕылы таһаарарга саахсаламмакка эр, ойох буолар туох үчүгэйдээх үһүө... Таах күнү-дьылы бараан. Кэнники соҕотох хаалаары. Сокуоннай аата сокуоннай. Кэргэннээх киһиэхэ ким да чугаһаабат, атаҕастаабат. Мин сокуонунан ыал буолбутум. Биһиги дэриэбинэҕэ чугас дьонум кыыстара табаарыһыныын көннөрү бииргэ олороллор. Табаарыспыттан “оҕолоруҥ хаһан сыа сиэтэллэрий?” диэн ыйыттахха, курус гына түһээхтиир. “Сотору-сотору холбоһор, арахсар оҕолор бааллар. Аныгы оҕолор туохтарын быһыыта эбитэ буолла? Кэргэмминиин саахсата суох син бачча сааспытыгар диэри этэҥҥэ олорон кэллибит ээ. Эбэтэр төрөппүт суолун оҕото эмиэ утумнуур дуу диэн санаалар ардыгар киирэн ааһаллар” диэн хом санаатын үллэстэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....