19.06.2020 | 11:56

“Сокуон сирэ” дьоҥҥо көмөлөһөр сыаллаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сандаара Кулаковская төрөөбүт тыл уонна суут-сокуон тиэмэтигэр сахалыы билиини тарҕатар медиатор юрист. Кини “Сокуон сирэ” ютуб ханаалын элбэх киһи сэргээтэ. Быраап уонна сокуон сахалыы быһаардахха, сиһилии кэпсээтэххэ ордук өйдөнүмтүөтүк тиийэр кыахтаах.

– Сандаара, бастаан “Сокуон сирэ” бырайыаккын кэпсээ. Туох санааттан үөскээбитэй? Граҥҥа бырайыак суруйары мээнэ киһи сатаабат эбэтэр саллар суола. Эйиэхэ хайдах этэй?

Бу бырайыакка мин соҕотох буолбатахпын. Саха сиринээҕи Медиация киинин салайааччыта Долгуйаана Николаевна Иванова өйөөбүтэ, кини бырайыак куратора буолар.

Хамаанда буолан үлэлиибит. Идеятын ааптара мин буолабын. Бэйэм юрист буоларым быһыытынан, үлэлиир эйгэм – сокуон. Сүрэҕим баҕатынан төрөөбүт тылбытын харыстааһыҥҥа эмиэ үлэлэһэбин. Ону таһынан сахалыы ютуб блогинг сайдыан наһаа баҕарабын. Ютуб блогинг аан дойду үрдүнэн олус сайынна, биһиги тылбытынан тоҕо сатаныа суоҕай дии санаабытым. Ити үс эйгэни – юридическай, төрөөбүт тыл уонна блогинг эйгэтин холбоон, бырайыак толкуйдаабытым.

Бастакыттан бырайыакпар наһаа итэҕэйэр этим. Ол эрэн төһө өйүөхтэрин билбэт этим. Федеральнай эйгэҕэ өйүөхтэрэ дии санаабатаҕым. “Создание ютуб канала на правовую тематику на родном языке” диэн бырайыак суруйан ыытан кэбиспиппит. Кыайыылаах буолбуппутугар олус үөрбүппүт. Мин билэрбинэн, бу маннык бырайыак Арассыыйа үрдүнэн суох.

Саамай сүрүн сыалбыт-сорукпут – дьон быраап өттүгэр билиитин хаҥатыы, дириҥэтии. Бырааптаах судаарыстыбаҕа олорорбут быһыытынан, дьон бэйэтин быраабын билиэхтээх уонна туһаныахтаах. Оччоҕо дьэ бэйэтин тирэхтээхтик уонна эрэллээхтик сананар.

Ити сыалы ситиһэргэ олус үчүгэй ньыманан төрөөбүт тыл буолар. Төрөөбүт тылынан киһи информацияны үчүгэйдик, хаачыстыбалаахтык ылынар. Киһи атын тылынан сүүстэ истибитин сахалыы тута өйдүөн сөп. Биһиги ону туһанабыт. Уонна икки куобаҕы тэҥҥэ өлөрөбүт – быраап да өттүнэн билиибит элбиир уонна төрөөбүт тылбытын үлэ эйгэтигэр таһаарабыт.

Тиэмэлэргин хайдах талаҕын? Ыйытыылары хайдах биэриэххэ сөбүй?

Биһиги барытын эрдэттэн барыллаан суруйан, бырайыакпытыгар киллэрбиппит. 13 тиэмэ тахсыахтаах. Барыта бигэргэтиллибит тиэмэлэр эрээри, син уларытыахха сөп дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, дьон интэриэһинэн салайынабыт.

Ыйытыылары инстаграмар суруйааччылар, “Сокуон сирэ” ханаалга комментарийга ыйыталлар, почтабар ыыталлар. Ким хайдах сатыырынан ыйытар. Төһө кыайарбытынан хоруйдуубут.

Оҕо үлэлиир бырааптаах

– Оҕо быраабын уонна эбээһинэһин быһаарыыга болҕомтоҕун уураҕын. Хас да биэриини таһаардыҥ. Билигин сайыҥҥы кэмҥэ оҕолор үлэлээн дохуот киллэриниэхтэрин баҕараллар. Үлэһит оҕо быраабын туһунан кэпсээ. Биһиэхэ оҕо бырааба төһө көмүскэллээҕий, сокуон төһө тутуһуллар дии саныыгын?

Оҕо 14 сааһыттан үлэлиэн сөп. Онуоха кини төрөппүттэрин көҥүлэ наада. Бэл, 14 сааһыттан оҕо бизнес тэриниэн, ИП буолан регистрацияланыан сөп. Оҕо үлэлиир быраабын кэһии биһиэхэ сокуону билбэт буолууттан тахсар. “Оҕону үлэҕэ ыллахпына, оҕо быраабын кэһиэм” диэн куттанан үлэҕэ ылбаттар. Ол кэриэтэ улахан киһини үлэҕэ ылбыт көнө дии саныыллар. Оҕо үлэҕэ олус тардыһыылаах, интэриэстээх буолар. Оҕо үлэлиир баҕатын улахан дьон  хааччахтаамыахпытын наада.

Оҕо быраабын кэһии баар да буоллаҕына биһиги ону билэр кыахпыт суох. Оҕо быраабын туруорсан сууттаһара аҕыйах. Арассыыйа статистикатын ылан көрдөххө, оҕо быраабын кэһии элбэх – хамнас төлөөһүнүгэр, үлэ чааһын тутуһууга, оҕону үлэҕэ ылыыга аккаастааһын, о.д.а. баар буолар.

– Оҕо быраабын таһынан эбээһинэстэрин билиэн наада. Сокуону билиһиннэрии, үөрэтии оҕоҕо хас сааһыттан барыан сөбүй? Төрөппүттэр хаһан кэпсээн саҕалыахтаахпытый?

Оҕо, биллэн турар, бэйэтин эбээһинэстэрин билэ улаатыахтаах. Мин “сокуон” диэн тылы оҕоҕо 3 сааһыттан билиһиннэриэххэ наада диибин. “Суох, маннык гыммаппыт – сокуон маннык” диэни оҕо истэ үөрэниэн наада. Мин уолум үстээх, сокуон диэн тылы истэр. Ис хоһоонун толору өйдөөбөтөр даҕаны, сокуон диэн быраабыла диэни билэ улаатар. Киһи оҕоҕо кэпсээри, бэйэтин билиитин хаҥатар.

Оҕолорго анаан 3 биэрии таҕыста: сокуон, быраап туһунан киирии биэрии; оҕо быраабын туһунан; сокуону кэһии туһунан. Ити кэнниттэн оҕо сокуоҥҥа интэриэһэ элбээн, бэйэтэ салгыы өссө хасыһыан сөп.

Юрист  дьон туһугар үлэлиэхтээх

– Юрист идэтэ муодунай буолбута ыраатта. Саамай улахан күрэстэһиилээх юридическай факультеттар буолаллар. Ол эрэн үгүстэрэ идэлэринэн үлэ булбаттара эмиэ баар суол. Абитура кэмигэр оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?

Юрист идэтэ, чахчы, муодунай буолбута ыраатта. Бастаан утаа быраап өттүгэр интэриэс күүһүрэн, 90-с сылларга судаарыстыбабыт сайдан, ити кэмнэргэ интэриэс үөскээбитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Билигин үлэ ырыынага юристарынан туолан турар. Юристар бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэһэн, миэстэ былдьасыһар кэмнэрэ кэллэ. Маны ылан көрдөххө, олох үчүгэй хаачыстыбалаах үөрэхтээх, билиилээх юрист элбэҕэ суох.

Мин юриһы аҥаардас билиитинэн эрэ сыаналаабаппын. Юристар социальнай эппиэтинэстээх дьоммут дии саныыбын. Уопсастыбаҕа, норуокка туһаны оҥорор, личность быһыытынан үлэлиир, сайдар юристар аҕыйахтар.

Бэйэм социальнай ситимнэргэ төрөппүттэри, оҕолору мээнэ юрист буолумаҥ диэн ыҥырабын. Тоҕо диэтэххэ, “олохпун суукка, сокуоҥҥа аныыбын. Докумуон, дуогабар, хадатаайыстыба, иискэ – бу мин дьылҕам” диэбит дьон эрэ юрист  идэтин талыахтаахтар. Дьону таптыыр, кинилэр тустарыгар үлэлиир, онтон алтыһартан сылайбат буолуохтаахтар. Үлэ буларга ыарахаттар бааллар, хамнаһа оччо улахан буолбатах.

Ол иһин төрөппүттэргэ оҕолоргутун юрист идэтигэр анньыбакка, аан дойду ханнык баҕарар муннугуттан үлэлиир кыаҕы биэрэр IT-эйгэҕэ салайыҥ диэн сүбэлээччибин.

– Нэһилиэнньэ юридическай билиитэ хаҥаата, бэйэбит бырааппытын эндэппэккэ билэр буоллубут диэххэ сөп дуо?

Дьон билиитэ чахчы хаҥаан иһэр. Интэриниэти хасыһан, ааҕан билсэр буолла. Ол эрэн тоҕоостоох кэмҥэ, ол билиини хостоон ылан туһанарын син биир ыарырҕатар. Онно көмө буолаары, “Сокуон сирэ” бырайыакпытын үлэлэппиппит.

– Киһи бэйэтэ сокуону туохтан саҕалаан үөрэтиэхтээҕий?

3 сааһыттан дьиэ кэргэнтэн, онтон оскуола, кэлин устудьуоннуур кэмнэригэр үөрэтэн барыахтаах. Сокуону билии – элбэхтик ааҕыы. Арассыыйа Конституциятыттан саҕалыахха наада. Наһаа үчүгэй ньыма баар – төлөпүөҥҥэр сыһыарыыны хачайдыыгын. Холобур, “Консультант+”, “Кодекс”, “Юрист” диэннэр бааллар. Тугу интэриэһиргээбиккин арыйан көрө сылдьаҕын. Холобур, “алимент” диэтиҥ да, туох баар элимиэҥҥэ сыһыаннаах сокуон барыта тахсан кэлэр.

Дьон өйдүүрүн тоҕо биһиги өйдүө суохтаахпытый диэхтээхпит. Барыта табыллар.

Ханнык баҕарар оскуолаҕа сахалыы кылаас арыйыахха сөп

– Сахалыы блогер буолар, халыҥ аудиторияны хабар төһө уустугуй? Сахалыы блогинг кэскиллээх дуо?

Мин санаабар, олус кэскиллээх. Биһиэнэ тоҕо сайдыа суоҕай? Блогинг эрэ сайыннаҕына, биһиги тылбыт сайдыа дии саныыбын. Саха тыла диэн аҥаардас дьиэ кэргэн уонна кинигэ тыла эрэ буолуо суохтаах, аныгылыы эйгэ тыла буолуохтаах. Ылсан туран, дьаныардаахтык дьарыктанарым буоллар түмүгэ көстүө этэ. Билигин сүрүн үлэбин кытта эбии илдьэ сылдьар буоламмын, кыралаан эрэ дьарыктанабын. Ол да үрдүнэн дьон эппиэтэ үчүгэй, аудитория улаатар сибикитэ баар.

– Саха тылын өрө тутар, сахалыы суруйар киһигин. Эн санааҕар, тылбытын харыстыырга төрөппүт уонна дьиэ кэргэн оруола хайдаҕый?

Саамай бастакы улахан хардыыны төрөппүт уонна дьиэ кэргэн оҥороллор. Мин дьиэ кэргэним – патриот уонна тылы өрө туппут дьон. Оннук дьонтон атын оҕо төрөөбөт.

Чуолаан ИЙЭ оруола үрдүк. Ийэ киһи төрөөбүт тылын улахаҥҥа уурбат буоллаҕына, оҕотугар оннугу тиэрдэр. Ол иһин мин ийэлэри кытта үлэни ыытыахха наада дии саныыбын. Хомуурунньук кинигэ бэлэмнээбитим хаһыс да ыйыгар барда. “Бииргэ ааҕыахха” диэн бырайыакка ийэлэри аахтарыахпын наһаа баҕарабын. Ийэ сахалыы аахтаҕына, сахалыы ааҕыы наһаа да үчүгэй, баай эбит диэтэҕинэ, оҕотугар тапталы иҥэрэр.

Төрөөбүт тылбытын анаан-минээн, дьаныһан туран оҕоҕо сыһыарбатахпытына иҥпэт. Тоҕо диэтэххэ, тулалыыр эйгэбит 80 бырыһыана барыта нууччалыы. Кыһаллыы, үлэ, дьарык, кэпсэтии наада.

Бэйэҥ сахалыы саҥарыаххын наада. Үлэ туһунан буолла даҕаны, киһи нууччалыы саҥаран барар. Ону туттунан, туох-баар дьыаланы барытын сахалыы кэпсэтиэххэ сөп диэни өйдүөхтээхпит. Ол олус ыарахан.

– Саас оскуолаларга суруйтарыы буолан ааста. Аны күһүн ону төттөрү-таары көһөрөн, араас албастарынан атастаһан, саха тылын талааччылар оҕолорбутун “сахалыы үчүгэй оскуолаҕа” биэрэ сатыахпыт... Маныаха биһиги сокуонунан мэктиэлэнэр туох өрүттэрдээхпитий? (Холобур, өскөтүн пропискабытынан тиксибит оскуолабыт сахалыы кылааһа аҕыйах буоллаҕына). Оҕо уһуйааныгар бу эмиэ сыллата хатыланар хартыына...

Оҕолорун дьаныһан туран сахалыы тыллаах уһуйааҥҥа, оскуолаҕа биэрэр төрөппүттэргэ барыгытыгар махтанабын. Олус үчүгэйдик толкуйдуугут, оҕоҕутугар улахан бэлэх оҥороҕут. Оҕоҕут улаатан баран, төрөөбүт тылыттан араарбакка, киһи гыммыккытыгар махтаныаҕа.

Сахалыы кылаас, уһуйаан сахалыы бөлөҕө тиийбэтэр да,  оҕолорбутун сахалыыга биэрэ сатыырбыт үчүгэй. Ханнык баҕарар оскуолаҕа төрөппүттэр туруорсан, кылааһы сахалыы гынар бырааптаахтар. Оскуола салалтатыгар, салгыы олохтоох дьаһалтаҕа тиийэллэр. Онно түмсүү уонна төрөппүт дьаныара көстүөхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...