Социальнай ситимнэргэ кытаанах цензура киирэр
Олунньу 1 күнүттэн роскомнадзор интернет-ресурсалары “социальнай ситимнэр” реестрдэригэр киллэрэр буолуоҕа. Социальнай ситим ирдэбиллэригэр эппиэттиир сайтар бары реестргэ киириэхтэрэ. Биир сүрүн ирдэбил – сууккаҕа 500 тыһ. киһи киирэр буоллаҕына сайт “социальнай ситим” аатын сүгүөхтээх.
Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, социальнай ситимнэргэ цензура үлэлиэхтээх. Ситимнэр бэйэлэрэ сокуону кэһэр контены (Оҕо порнографията, наркотик оҥоруутун туһунан видеолар о.д.а) бэйэтэ быһыырыахтаах уонна сотторон иһиэхтээх. Маны тэҥэ политическай хайысхалаах этиилэри булуохтаах, холобур, былааһы утарар ааксыйалар туһунан информацияны цензуралыахтаах.
Маны таһынан, социальнай ситимнэргэ маатыралыыр бобуллар. Ол эрэн сокуон маны хайдах хонтуруоллуоҕа чуолкай быһаарылла илик.