Социальнай хантараагы хайдах түһэрсэбит?
Социальнай хантараак диэн социальнай көмүскэл уорганнарын уонна олох алын таһымын кээмэйиттэн (прожиточный минимум) кыра дохуоттаах киһи эбэтэр дьиэ кэргэн икки ардыларыгар түһэрсиллэр сөбүлэҥ. Судургутук быһаардахха, судаарыстыба кыаммат араҥаны өйүүр миэрэтэ. Бу көмөнү ылааччылар кэккэ эбээһинэстэри сүгэллэр, холобур, үлэҕэ киириэхтээхтэр, бэйэ дьыалатын арыныахтаахтар, кэтэх хаһаайыстыбаларын тэриниэхтээхтэр.
Ханна? Хайдах?
Социальнай хантараагы социальнай көмүскэл управлениетыгар эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа тиийэн түһэрсиллэр. Сайаапканы e-yakutia портал нөҥүө онлайн ыытыахха эмиэ сөп.
Хайысхалара
СӨ Бырабыыталыстыбата 2022 сыллаахха муус устар 6 күнүгэр бигэргэппит «Об оказании государственной социальной помощи малоимущим семьям и малоимущим одиноко проживающим гражданам на основании социального контракта в Республике Саха (Якутия)» диэн 203№-дээх уурааҕыгар олоҕуран, судаарыстыба өттүттэн көрүллэр социальнай көмө маннык хайысхаларынан оҥоһуллар:
а) үлэ көрдүүргэ;
б) бэйэ дьыалатын саҕалыырга;
в) кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ;
г) олох очурдарыгар оҕустарбыт дьон ыарахан балаһыанньаттан тахсалларыгар онтон да атын оҥоһуллар тэрээһиннэр (“социальнай пакет” иитинэн);
д) үлэлиир саастаах инбэлииттэргэ анал бырагыраама;
е) 2024 сылтан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ анал бырагыраама киирдэ.
Үлэ көрдүүргэ
Социальнай хантараак түһэрсиллиэҕиттэн гражданиҥҥа олох алын таһымын биир кэриҥ кээмэйигэр тэҥнэһэр харчы (арктика оройуоннарыгар – 29 758 солк., киин улууустарга – 24 925 солк.) бэриллэр.
Салгыы бу көмөнү ылбыт киһи 3 ыйтан уһуна суох болдьоххо анал үөрэҕи ааһыан/эбии атын идэни баһылыан сөп. Үөрэх төлөбүрэ толору төлөнөр, ол эрээри 30 000 солк. куоһарыа суохтаах. Үөрэх тэрилтэтэ хайаан да анал лицензиялаах буолара ирдэнэр. Гражданин үөрэнэр кэмигэр ый аайы истипиэндьийэ бэриллэр (кээмэйэ – олох алын таһымын кээмэйин аҥаара).
Маны сэргэ үлэни биэрээччигэ (судаарыстыбаннай (муниципальнай) тэрилтэлэртэн ураты) стажировка харчыта компенсацияланар, кээмэйэ үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) куоһарыа суохтаах, страховой усунуос кээмэйэ учуоттанар. Төлөбүр болдьоҕо 3 ыйтан ордук уһаабат.
Гражданин үлэҕэ киирбит күнүттэн социальнай харысхал уоргана 3 ый устата ый аайы харчынан төлөбүрү ыытар, ол олох алын таһымын биир кэриҥ кээмэйигэр тэҥнэһэр.
Ол курдук, көмө муҥутаабыта 355 тыһ. солкуобайтан (киин улуустарга) 404 тыһ. солк. (арктика оройуоннарыгар) тиийэ халбаҥныан сөп.
Бэлиэтээн эттэххэ, социальнай хантараак болдьоҕо социальнай адаптация бырагырааматыгар киирэр тэрээһиннэртэн тутулуктаах, ол эрээри 9 ыйтан уһуо суохтаах.
Кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ
Харчынан көмө кээмэйэ 500 солк. ордук буолбат. Ол кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии былааныттан быһаччы тутулуктаах. Маныаха социальнай хантараак болдьоҕо 12 ыйтан уһаабат.
Сүрүн усулуобуйа – сайаапканы биэрээччи “кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэригэр” диэн сирдээх буолуохтаах.
Социальнай хантараак түһэрсибит киһи саҥа идэҕэ үөрэниэн эбэтэр эбии үөрэх ааһыан сөп. Социальнай харысхал управлениета онуоха анаан элбээбитэ 30 тыһ. солк. көмө харчы биэрэр.
Гражданин социальнай хантараактаах кэмигэр Федеральнай нолуок сулууспатын олохтоох уорганыгар ИП эбэтэр “самозанятай” быһыытынан учуокка турар эбээһинэстээх.
Бэйэ дьыалатын (ИП) арыйарга
Социальнай хантараак болдьоҕо 12 ыйтан уһаабат.
Маныаха биир кэмнээх төлөбүр 500 тыһ.солк. элбэх буолбат, суума хамыыһыйа бигэргэппит бизнес-былааныттан тутулуктаах. Судаарыстыба оҥорор көмөтүнэн үлэҕэ тутуллар оргтиэхиньикэ эбэтэр тэрил-тээбирин ылыахха сөп.
Социальнай хантараак түһэрсибит киһи саҥа идэҕэ үөрэниэн эбэтэр эбии үөрэх ааһыан сөп. Управление онуоха анаан элбээбитэ 30 тыһ. солк. көмө харчы биэрэр.
Гражданин социальнай хантараактаах кэмигэр Федеральнай нолуок сулууспатын олохтоох уорганыгар ИП эбэтэр “самозанятай” быһыытынан учуокка турар эбээһинэстээх.
Социальнай хантараак түһэрсиллибит кэмигэр, итиэннэ социальнай хантараак болдьоҕо бүппүтэ 12 ый иһигэр баҕа өттүнэн үлэ тохтуур түгэнигэр, гражданин судаарыстыбаттан ылбыт социальнай көмөтүн харчынан толору төннөрүөхтээх. Болдьоҕо ИП үлэтэ тохтуоҕуттан уһаабыта 30 күн.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгыттан бэйэ дьыалатын арынарга биир кэмнээх төлөбүр гражданин нолуок уорганнарыгар ИП эбэтэр бэйэ дьарыктаах (“самозанятай”) быһыытынан регистрацияны ааспытын эрэ кэннэ бэриллэр.
Олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсарга онтон да атын тэрээһиннэр
Маннык хантараак ыарахан балаһыанньаттан тахсарга анаан түһэрсиллэр. Бастатан туран, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ (соҕотох дьоҥҥо эмиэ буолуон сөп) көмө оҥоһуллар. Онуоха туһааннаах социальнай уорганнар арыаллыыллара булгуччулаах.
Бу хайысханы олоххо киллэрии иитинэн гражданнарга бэлэм “социальнай пакеттар” бааллар. Холобур, 2024 сылга манныктар: «Точка опоры», «Кочевая семья», «Забота», «Социальный навигатор», «Верный шаг».
Үлэлиир саастаах инбэлииттэргэ анал бырагыраама
Бу кыаммат араҥа дохуотун үрдэтэригэр, эбии харчыланарыгар көмө буолар. Биир кэмнээх төлөбүр 500 тыһ. солк.тиийиэн сөп. Маныаха социальнай хантараагы түһэрсээччи икки тэрээһинтэн биири талар – “кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии” эбэтэр “бэйэ дьыалатын арыйыы”.
Гражданин Федеральнай нолуок сулууспатын олохтоох уорганыгар ИП эбэтэр “самозанятай” быһыытынан учуокка турар эбээһинэстээх.
Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ анал бырагыраама
Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэри өйүүр, кинилэр дьарыктаах буолалларын көҕүлүүр, дохуоттарын таһымын үрдэтэр сыаллаах анал бырагыраама.
Социальнай хантараак 70-тан тахса илик биэнсийэлээхтэри кытта түһэрсиллэр.
Дьиэ кэргэн биир киһитигэр тиксэр орто дохуот олох алын таһымын кээмэйиттэн 1,5 кэриҥ үрдүк буолуо суохтаах. 2024 сылга бу кээмэй тэҥнэһэр:
I зона – 40 951,5 солк.
II зона – 34 300,5 солк.
Биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 500 тыһ.солк. тиийиэн сөп. Маныаха социальнай хантараагы түһэрсээччи икки тэрээһинтэн биири талар – “кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии” эбэтэр “бэйэ дьыалатын арыйыы”.
Ханнык докумуоннары ирдииллэрий?
Сайабылыанньаҕа эбии бу докумуоннары сыһыараҕыт:
а) сайабылыанньа биэрээччи уонна кини дьиэ кэргэнин чилиэннэрин пааспардарын эбэтэр атын докумуоннарын куоппуйалара;
б) уруу-аймах сыһыаннарын бигэргэтэр докумуоннар (эр-ойох буолбуттарын туһунан сибидиэтэлистибэ, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ, оҕону иитэ ылбыт туһунан, суут быһаарыылара);
в) үс кэнники ыйга дьиэ кэргэн чилиэннэрин дохуотун бигэргэтэр ыспыраапка;
г) олохтоох дьаһалтаттан кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ сөптөөх сир учаастага баарын бигэргэтэр быыпыска;
д) үлэ киниискэтэ эбэтэр үлэ туһунан сибидиэнньэлэр;
е) тус счет реквизиттэрэ;
ж) урбаан үлэтин саҕалыырга бизнес-былаан, былааннаммыт тэрээһиннэри, олоххо киллэрэр болдьохтору ыйан, ону толорорго төһө үп-харчы наадатын (смета) суоттаан-учуоттаан туран кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы былаана;
з) олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспити бигэргэтэр докумуон;
и) урбаанньыт компетенциятын таһымын быһаарар тургутугу бигэргэтэр докумуон (дьоҕус уонна орто урбааҥҥа уонна бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо).
Өскөтүн социальнай хантараагы түһэрсибит буоллаххына:
- социальнай адаптация бырагырааматыгар көрүллүбүт тэрээһиннэри толорор эбээһинэстээххин;
- ый аайы управлениеҕа социальнай хантараагы толорон иһэриҥ, ол иһигэр харчынан төлөбүрү тус сыалга туттарыҥ, ону сэргэ социальнай хантараакка көрүллүбүт тэрээһиннэргэ туттуллубут харчы туһунан иһитиннэриини тиэрдиэхтээххин;
- ханнык эрэ биричиинэнэн социальнай хантараагы болдьоҕун иннинэ тохтотор түгэҥҥэ, управлениеҕа эрдэ сэрэтэр эбээһинэстээххин;
- социальнай хантараак болдьоҕо бүппүтүн кэннэ 3 сыл устата управление ирдэбилинэн бэйэҥ олоҕуҥ (дьиэ кэргэниҥ) услуобуйатын туһунан иһитиннэриини биэриэхтээххин;
- эбээһинэскин толорбот түгэҥҥэр, судаарыстыбаттан ылбыт көмө харчыгын толору төннөрүөхтээххин.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспатын матырыйааллара туһанылыннылар