Соҕотох харахтаах абааһы тугут эбит
Дьулустаан Слепцов, Муома улууһа, Сааһыыр нэһилиэгэ: - Кэпсиир киһим үйэтин тухары табаҕа үлэлээбит. Икки сүүстэн тахса кэтэх табалааҕа. Ол саҕана олус баай курдук көрөрбүт. Ыстаадатын үс уола уонна кэргэнэ көрөллөрө-истэллэрэ. Тыһыынча тоҕус сүүс табалаахтара иһиллэрэ. Кинилэр ол күһүн ыстаадаларын таба сайылыыр сириттэн, кыстыыр сиргэ көһөрөн испиттэр. Хас да хайаны, үрэҕи туораан, икки хайа икки ардыгар баар дьукчаҕа (хонор сирдэригэр) чугаһаабыттар. Киэһэ буолуута арай ыстаадалара биир сиргэ кэлэн тохтуу биэрбит уонна табалара өрө холоруктаан тула сүүр да сүүр буолбуттар. Ол курдук, табаларын иннилэрин диэки анньа сатыыллар да, букатын барбаттар үһү. Оннук балай эмэ өр булумахтаммыттар. Уолаттар уучахтарыттан түһэн, ыстаада ортотугар киирбиттэр. Көрдөхтөрүнэ, биир тугут ортолоругар туран эрэ, тугу эрэ ньааҕыныыр үһү. Маҥан да буолбатах, хайдах эрэ халлаан күөхтүҥү толбоннооҕо дииллэр. Үчүгэйдик сыныйан көрбүттэрэ, сүүһүгэр чороҥ соҕотох биир харахтаах эбит уонна киһини бэйэтиттэн тэйитэр туох эрэ аптаах үһү. Оннугу хаһан да көрбөтөх дьон соһуйан, уолуйан хаалан, оҕонньортон хайыыбыт диэн ыйыппыттар. Бары көхсүлэригэр саалаахтар эбит. Оҕонньор: “Киэһэрдэ, айанныаххайыҥ”, - диэбит. Ол курдук эрэй бөҕөнөн айаннаабыттар.
Ол түбэлтэ кэнниттэн кыһын бөһүөлэккэ киирэн баран кыра уоллара алҕас массыынаҕа киирэн өлбүт. Иккис уоллара көмүс сууйааччылартан кырбанан суорума суолламмыт. Үһүс уоллара ыстаадаҕа сылдьан тымныйан, сэбиргэхтэтэн тыына быстыбыт. Оҕонньор кэргэнэ олус кырдьаҕаһа суох дьахтар, ыалдьан балыыһаҕа сытан өлбүт. Ити кэнниттэн табаларын ыстаадата ыһыллан-тоҕуллан, сүтэн, ыалдьан, бөрө аймаан, бэрт аҕыйах ахсааннаах хаалан, оччотооҕу сопхуос салалтата ыксаан атын дьоҥҥо туттарбыт. Аҕалара оҕонньор ааспыт олох аһыытын, санаа баттыгын ыар таһаҕас оҥостон, хараҕыттан уу баһа-баһа олус кэмсинэр быһыылааҕа. “Ол тугуту бостуой миэстэтигэр ытан өлөрбөккөбүт. Дьоммун, оҕолорбун, кэргэммин, ыстаадабын сии кэлбит соҕотох харахтаах абааһы тугут бит буолбаат”,- диэн өлүөн иннинэ муҥатыйар, кэмсинэр сурахтааҕа.
Тыҥырахтаах кыылы мээнэ тыыппат куолу
Ондьук сиэнэ:
- Бу дьиҥнээхтик олоххо буолбут түбэлтэ. 60-с сыллар ортолоругар биир киин улуус нэһилиэгин сопхуоһугар сайын от биригээдэтигэр сиэрэ суох быһыы тахсыбыт. Оскуола оҕолоро кырдьан, сатаан көппөт буолбут тойон кыыл олорорун булбуттар. Уонна өлөрөргө санаммыттар. Уолаттар хотой кырыйдаҕына өлөттөрөөрү дьоҥҥо чугаһыыр диэн кэпсээни истибиттэрэ эбитэ дуу, эбэтэр көр-оонньуу оҥосторго санаммыттара эбитэ дуу, биллибэт. Урут сэбиэскэй кэмҥэ сайын аайы оттуур биригээдэлэргэ оскуола оҕолоро улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Уот куйааска үлэ үөһүгэр сылдьан оҕо-оҕо курдук мэниктээн, оонньоон аралдьыйаллара. Күтэри, баҕаны арааһынайдаан сордуур, өлөрөр адьынат баара. Бу да түбэлтэҕэ соннук мэник бэдиктэр көрүдьүөс, көр-нар курдук санаабыт, оонньуу оҥостубут буолуохтарын сөп. Ол эрээри тыҥырахтаах кыыл обургу кинилэри кыралар диэн аһымматах, оҕолор диэн бырастыы гымматах. Уолаттар хас күн аайы омурҕан ахсын ханна эрэ баран сүтэллэр эбит. Кинилэр тугунан дьарыктаналларын улахан дьон билбэтэхтэр. Бастакы күнүгэр биир уол тааһы быанан дьаакырдаан, кырдьаҕас хотой моонньугар баайан, тимирдибит. Уута булдьугураан, салгына тахсан бүтүөр дылы кэтэһэн олорбуттар уонна «өллө быһыылаах» диэн барбыттар. Сарсыныгар кэлбиттэрэ, кыыллара кытылга олорор эбит. Онтон иккис уол уматааччы буолбут. Түүтэ барыта умайан, буруолаан, хотой бүтэһик мөхсүүтүн кэннэ хамсаабат буолбут. Сарсыныгар көмөөрү оҥостон кэлбиттэрэ, эмиэ бу олорор үһү. Үһүс уол ыйаабыт. Хотой эмиэ өлбүт курдук буолбут. «Сарсыҥҥа дылы турдун», — дии санаан барбыттар. Нөҥүө күнүгэр кырдьаҕас көтөр бу хороллон олорор эбит. Төрдүс уол атырдьаҕынан үөлбүт. Хотойдоро өлбөт үөстээх өксөкү буолан биэрбит. Онтон атаҕыттан быалаан баран соһо сырыттахтарына, улахан дьон түбэһэ көрөн, улаханнык аймаммыттар.
Биригээдэҕэ баар кырдьаҕас оҕонньоттор уолаттары үнтү мөҥөн баран, ытык көтөрү бэйэлэрэ сиэри-туому тутуһан дьаһайбыттар. Тыллара тиийэринэн алҕаан, бырастыы гыннаран баран, киһини көмөр курдук ытыктаан харайбыттар. Өбүгэ үгэһинэн, тумсугар түүтүн кыбыппыттар. Бу уолаттар бары улааппыттар, туруу үлэһит дьон буолан тахсыбыттар. Сорохтор эрдэ кэргэннэммиттэр, оҕоломмуттар. Онтон урукку оҕо сылдьан оҥорбут буруйдарын боруостуур кэмнэрэ... эмискэ тиийэн кэлбит курдук буолбут. Утуу-субуу аҕыйах сыл иһигэр төрдүөн суорума суолланаахтаабыттар. Урут оҕо сылдьан кырдьаҕас хотойу хайдах өлөрө сатаабыттарай да, соннук дьылҕаламмыттар. Ууга тимирдибит уол бэйэтэ ууга былдьаммыт. Умаппыт — умайбыт. Ыйаабыт уол моҥнон кэбиспит. Онтон саамай дьиктитэ — атырдьахтаабыт уол эмиэ соннук барбыт. Сайын биригээдэҕэ үлэлии сылдьан от түстээччинэн (кэбиһии үлэтигэр от үрдүн чөмчөтөөччү) сылдьыбыт. Кыдамаһыттар үлэ бүппүтүн кэннэ атырдьахтарын бары биир сиргэ турбут окко өйөннөрү уурар идэлээхтэр. Онно тоҕо эрэ биир киһи атырдьаҕын салаатынан үөһэ гына туспа уурбут. Үөһэттэн түһээччи ону өйдөөн көрбөтөх. Оттон сырылаан түһэн иһэн, ол атырдьахха үөлүллэн хаалбыт. Оҕолоор, айылҕаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһар буолуҥ. Уонна биири өйдөөҥ: тыҥырахтаах кыылы бэйэтин да, уйатын, оҕотун да тыытымаҥ, чугаһаамаҥ. Кыайан көппөт буолбут кырдьаҕас хотойу сиэрин-туомун билэр, толору куттаах кырдьаҕас киһи харайыахтаах. Маннык уустук дьыала көр-оонньуу курдук буолуо суохтаах.
Кыһалҕалаах олох элбэххэ үөрэппитэ
Клавдия Моисеева,тыыл, үлэ бэтэрээнэ,Дьокуускай куорат: - Сунтаар оройуонугар бастакы сопхуостар тэриллиилэрин саҕана мин “Элгээйи” сопхуос Сиэйэ отделениетыгар Уранайдаах диэн сиргэ пиэрмэҕэ үүт эрийээччинэн хас да сыл үлэлээбитим.Биир сарсыарда арыы собуотугар сүөгэй тутааччынан үлэлиир Прокопий Пахомов отчуот буоларынан сүөгэйи эрдэ туттарарбытыгар сорудах биэрбит этэ. Сарсыарда эрдэ сүөгэйбин туттаран баран төннөн испитим. Оччолорго көлөбүт диэн ат, оҕус буолара. Массыына, тыраахтар хантан кэлиэй. Кэлэр сирим үрэх туорааһыннаах. Үрэҕи туорааты кытта улахан бэс үүнэн турар, биир лабаата сиртэн тэҥҥэ үүммүт курдуга. Ол онно кэлэн оҕуһум туохтан сиргэммитэ эбитэ буолла, миигин илгэн кэбиспитигэр, ол лабааҕа баран түспүт этим.Киэһэ күн киирбитин кэннэ өйдөнөн туран, оҕуспун миинээт пиэрмэҕэ тиийбитим. Оҕуспун миинэрбэр тугум да ыалдьыбат курдуга, оттон тиийээппин кытта отой хамсыыр да кыаҕа суох буолбутум. Миигин көтөҕөн түһэрэн баран, балыыһаҕа илпиттэрэ. Хаҥас илиим тахсыбыт этэ. Ону дьуотунан сотоллор уонна тугу да гымматтар. Оннук сытан Сиэйэ балыыһатыгар уон күн эрэйи көрбүтүм. Арыт ыарыытыттан күлэбин, арыт ытыыбын.Ол сыттахпына, миигин “төбөтүнэн ыалдьан эрэр” диэн кыра дэриэбинэ иһэ сураҕынан туолбут этэ. Уон көстөөх сиргэ баар оройуон киинигэр грузовой массыынанан түүннэри айаннаан балыыһаҕа киирбитим. Кылаабынай быраас Федор Филиппович Семенов тутатына балыыһаҕа сытыарбыта. Онно аҥаар хараҕым кыайан көрбөт, аҥаар кулгааҕым кыайан истибэт, эбиитин хаҥас илиим тахсыбыт буолан, балыыһаҕа 17 ый эмтэммитим. Бырааһым өссө да сытыаран эмтиэҕин, дьонум ыалдьан төттөрү ыҥыттаран ылбыттара.
Оччолорго дьонум Сиэйэттэн ыраах сытар Нөөрүктээйигэ олороллоро. Аҕам саҥа дьыл киэһэ сүрэҕинэн эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ийэм туруга отой мөлтөх этэ. Аҕам өлбүтүн кэннэ миигин 9 оҕолоох атыыһыттаан олорбут дьоҥҥо атыыһыт гыммыттара. Ийэбин көрө-көрө атыыһыттыы сырыттахпына, саас ыам ыйын 1 күнүн бырааһынньыгар ийэм өлбүтэ. Соҕотох буоламмын өлбүт киһини быраҕан хайдах атыыһыттыы барыахпыный, үлэбэр барбатаҕым. Биир сыл иһигэр ийэлээх аҕабын тэҥинэн сүтэрэн, тулаайах хаалбытым.Ол онно этэ түөрт эр киһи ааным холуодатыттан тирэнэн баран көҥү тардан киирбиттэрэ: “Өлбүт киһини сиибит дуу, арыгы атыылыыгын дуу?”- дии-дии остуолбун, олоппоспун үлтүрүтэ тутан, түөрэ садьыйан барбыттара. Саҥа дьыл күн аҕам өлө сыттаҕына, эмиэ итинник быһыыламмыттара. Ол иһин маҕаһыыным күлүүһүн тылын, харчытын этэрбэһим иһигэр укта сылдьыбытым уонна быыс булан куотан өрүскэ киирбитим. Хата, тыы баар эбит этэ. Тыыга олороот, эрдинэн уҥуор туораатым уонна сүүрүүнэн дэриэбинэҕэ тиийэн сэбиэккэ, райкопка тыллаатым. Ийэбин көмөр киһини буллум. Бу тухары отой ытыы сылдьабын.Киэһэ сэттиэ буолан Нөөрүктээйигэ тахсыһан, көрөн-истэн, акт оҥорбуттара, күлүгээннээбит дьон тылларын-өстөрүн истибиттэрэ, аны маннык быһыыны оҥорботторугар тылларын ылбыттара. Ийэбин харайа кэлбит киһи көмпүтэ уонна үс хонон баран дьиэтигэр төннүбүтэ.Мин чороҥ соҕотох хаалбытым.
Хаһаайыстыбабар сэттэ ынах сүөһүлээх, биир сибиинньэлээх, 25 кууруссалаах этим. Маҕаһыыным олорор дьиэбиттэн ыраах турар буолан, күнүскү аһылыкпар бэрт түргэнник сылдьан сүөһүлэрбин бэрийэрим. Ынахтарбын аһара сөбүлүүрүм, онон хотоҥҥо таҕыстахпына, наар кинилэри кытта кэпсэтэ сылдьарым. Соҕотохпун диэн толлон турбат этим. Сэттэ сүөһү кыстыыр отун сайын оттоон, чөкөтөн кэбиһэрим. Ол быыһыгар уокка оттор маспын, хаппыт маһы булан ону охторон, пиэрмэ оҕуһа босхолонноҕуна, сыарҕаҕа тиэйэн киллэрэн, мастаан кыһыны туоруурум.Бултуурга эмиэ үөрүйэҕим. Куһу, куобаҕы, куруппааскыны, тайаҕы аһара бултуур этим. Онон кыһын, саас, сайын, күһүн сиир эппин булунарым. Биир үтүө киэһэ ынахтарбын ыы тахсан иһэн, ыт үрэрин иһиттим. Өйдөөн иһиттэхпинэ куртуйаҕы, куобаҕы үрэриттэн отой атын этэ. Биэс ботуруоннаах туоһапкабын ылан, ыт үрэр сирин диэки хааман тиийбитим, үрэх уҥуор тыһы тайаҕы хаайан турара. Оччону көрөн баран аллараа түһэммин иккитэ ыттым, үс ботуруон эстибэтэ, тайаҕым икки кэлин атахтарыгар олоро түстэ. Дьиэбэр сүүрэн тиийэн биир хаа ботуруон ылан төттөрү сүүрдүм. Тайах икки илин атаҕар тирэнэн турар эбит. Мин хаста ыппыппын билбэппин, тайаҕым отой сытынан кэбистэ. Хабарҕатын хайа сотуохпун быһаҕым суох эбит, онон дьиэбэр төттөрү сүүрдүм. Ол иһэн өйдөөтөхпүнэ, астаһар киһи наада эбит. Чугас сылгыһыттар олорор этилэр, олорго тиийэн эппиппэр, итэҕэйбэтэллэр да, барсыбыттара. Тиийэн астаабыппыт. Бу охторбут тайахпын дьиэбиттэн икки килэмиэтир тэйиччи сиргэ бултаабытым.Оттуур сирбэр күөл баар этэ. Ол сиргэ оҕонньоттор, эмээхситтэр сиэннэрин кытары оттууллара. Арай биирдэ от мунньа сырыттахпына күөлгэ туох эрэ устар, көрбүтүм тайах оҕото эбит. Биир уол туоһапкалааҕын билэммин ыҥыран ыллым уонна күөл икки өттүгэр тураммыт ыттыбыт. Бултпутун аҥаардаһан кэбистибит. Бултуур кэмнэрбэр биир кырдьаҕас киһи сүбэтэ ордук туһалаабыта. Кини этэр этэ: “Кими эмит кытта кыттыгас бултаатаххына, үллэстэргэр, төбөтүн бэйэҥ ылар буол”, - диирэ. Булчут киһи булт төбөтүн буһаран сиэхтээх, онон тайахтарым төбөлөрүн бэйэм ыларым.Бэйэм курдук тулаайах киһилиин ыал буолан, түөрт оҕолонон, дьоллоохтук олорбуппут. Кэргэним ыалдьан өлбүтэ.Билигин күтүөт, кийиит, сиэн элбэх, ону аахпаппын. Бэйэм улахан кыыспар олоробун. Сааһым 85-һим. Олорбут олоҕум умнуллан хаалбатын диэн сурукка тистим. Оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр уура сылдьан ааҕыахтара турдаҕа.