«Snow Voice» Арассыыйа эстрадатыгар
“Snow voice” (снежный голос – англ.) уолаттар бөлөхтөрө элбэх кыыс кутун туппут буолуохтаах.
Омук артыыстарын курдук, тэбис-тэҥҥэ хамсанан ыллыыллара ордук кэрэхсибиллээхтик көстөр. “Snow voice” аан бастаан «Саҥа ырыа» куонкуруска иһиллибитэ. Онно уолаттар “Сыл арыйыыта” анал аакка тиксибиттэрэ. Билигин номнуо улаатаннар, ситиһиилээх дьон буолбуттар. Уолаттар аҕыйах хонуктааҕыта «Ангел земной» диэн саҥа ырыаларын сүрэхтээтилэр. Ырыаны Apple Music, Boom, Яндекс Music бырагыраамалар нөҥүө хачайдыахха сөп. Бу ырыа — бөлөх «Жара Music» лейблы кытта үлэлэһиитин бастакы дьоһун түмүгэ.
Ирина Нельсон уонна Москва
Уолаттар былырыын Москваҕа көспүттэрэ, онно айа-тута, ыллыы-туойа сылдьаллар. Ыам ыйыгар Ирина Нельсон «Давай танцуй» ырыатыгар килиипкэ уһуллубуттара ютуб-ханаалга тахсыбыта. Бу ырыа iTunes платформаттан хачайданар ырыалар ТОП-10 испииһэгэр киирэри ситистэ. Сотору килиип «Муз-ТВ» диэн Арассыыйа ханаалыгар сүрэхтэниэҕэ. ФОТО 2
«Snow Voice» уонна ВlackPink
Соҕуруу Корея биллэр BLackPink k-pop бөлөх ырыатыгар кавер уһулбуттара. Snow Voicе-тар ютуб-ханаалларыгар ый аайы саҥа видеолары уонна килииптэри уган, сүгүрүйээччилэрин үөрдэллэр. Манна устуудьуйаттан влогтары, челленджтэри, үҥкүүлэрин таһаараллар. Кэлиҥҥи кэмҥэ кавердара дьон биһирэбилин ылар буолла. Муус устар ыйга Соҕуруу Корея аатырбыт бөлөҕүн BLackPink «Kill This Love» диэн ырыаларын толордулар. Каверы (үтүктэн ыллааһын) биир чаас иһигэр 2,8 тыһ. киһи көрбүтэ. Бу түгэн уолаттары улахан ситиһиигэ кынаттаан турар.
«Snow Voice» уонна «Ангел земной»
Арассыыйа ырыаһыттарын кытта үлэлэһэр «Жара Music» лейблы кытта «Snow voice» бөлөх ыам ыйыттан үлэлээбитэ. Хампаанньа салайааччыларынан киэҥник биллэр артыыстар Эмин Агаларов уонна Бахтияр Алиев (рэпер Бахти) буолаллар. Кинилэр Джиганы, Rauf Faik, ЛСП, DJ SMASH, Влад Соколовскайы кытта үлэлииллэр. «Ангел земной» ырыаны уолаттар бастакыларын Дьокуускайга фан-көрсүһүүгэ ыллаабыттара. Манна «Санаам эйиэхэ» диэн киэҥник биллибит ырыаларын матыыбын туһаммыттар. Уолаттар билигин Арассыыйа таһымыгар тахсар тургутугу ааһа сылдьаллар. ФОТО 3
Талааннаах ыччаттарбытыгар Арассыыйа таһымыгар тахсарга ситиһиини баҕарабыт. Уопсайынан эттэххэ, «Snow Voice» бөлөҕү элбэх кэрэ аҥаар, ордук оскуола кыргыттара сэҥээрэн истэллэр. Бэйэбит ыччаттарбыт ситииһиилэринэн киэн туттабыт.