30.06.2023 | 12:00

Ситим быстыбат. История салҕанар

Бэс ыйын 23 - 30 күннэригэр Саха тыйаатырыгар М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище (институт) күннэрэ ыытыллаллар. Бу күннэргэ тыйаатыр сүгүрүйээччилэрэ саҥа бүтэрэн кэлбит алтыс көлүөнэ саха устуудьуйатын оҕолорун дипломнай үлэлэрин көрөр дьолго тигистибит.
Ситим быстыбат. История салҕанар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 22 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо саалатыгар М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены (институт)  саҥа бүтэрэн кэлбит оҕолор уонна кинилэр уһуйааччылара кыттыылаах пресс-конференция буолан ааста.

СӨ норуодунай артыыһа, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Анатолий Николаев бэлиэтээбитинэн, кэлбит уһуйааччылар биир сүрүн уратылара – бары тыйаатырга үлэлии, айа-тута сылдьар артыыстар.

Арассыыйа норуодунай артыыһа, Маалай тыйаатыр артыыһа Людмила Титова иһитиннэрбитинэн, оҕолор уһуйааччыларын кытта биэс испэктээги бэлэмнээбиттэр. Нуучча уонна аан дойду драматургиятын хаба сатаабыттар. «А.Н. Островскай үбүлүөйдээх сылыгар туруорбут «Гроза» испэктээкпит – улуу драматург талааныгар сүгүрүйүүбүт бэлиэтэ», – диэтэ кини. Бу туруорууга күн аайы бэлэмнэммиттэр, сороҕор аудитория көстүбэккэ,  Людмила Владимировна үлэлиир Маалай тыйаатырыгар дьарыктаммыттар. Кини пандемия кэмигэр устудьуоннар, учууталлар кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэрин, дистанционнай үөрэххэ ууга-уокка түспүттэрин үллэһиннэ. Уһуйааччы оҕолор түөрт сыл устата артыыс быһыытынан үүммүттэрин, сайдыбыттарын, чочуллубуттарын, үҥкүү араас көрүҥүн, фехтованиены баһылаабыттарын, улахан сыаналарга тахса үөрэммиттэрин киэн тутта кэпсээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Судаарыстыбаннай эксээмэн хамыыһыйатын чилиэннэрэ саха устуудьуйатын  оҕолорун олус хайҕаабыттар.  «Улахан аҥаардарын Москва тыйаатырдара үлэҕэ үөрэ-көтө ылыахтарын сөп», – диэбиттэр.

Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин искусстволарын үтүөлээх деятелэ, профессор Наталия Макарова: «Алта көлүөнэ саха устуудьуйатын оҕолорун дипломнай үлэлэрин барыларын көрбүт дьоллоохпун», – диэтэ. Уһуйааччы национальнай устуудьуйаны кытта үлэлиир уратылааҕын, хоһоонунан үөрэтии кистэлэҥнэрин арыйда. Кини Дьуон Дьаҥылы А.С. Пушкин айымньыларын уһулуччу тылбаастаабытын сөхпүт-махтайбыт. Профессор Саха сириттэн тиийэн үлэлээбит Лена Васильевна Тимофеева көмөтө улаханын бэлиэтээтэ, дириҥник махтанна.

Арассыыйа норуодунай артыыһа, А.С. Пушкин аатынан Москватааҕы драматическай тыйаатыр артыыһа Тамара Лякина бу эйгэҕэ 63-с сылын үлэлии сылдьар, билиҥҥэ диэри сыанаҕа тахсар, 34-с сылын институкка национальнай устуудьуйалары үөрэтэр. Кини: «Хас биирдии оҕо – таабырын. Ону таайан арыйар күлүүһү көрдүүр – биһиги, уһуйааччылар, сүрүн сыалбыт-сорукпут. Күндү оҕолорум! Дьоллоох буолуҥ!» – диэн алгыс тылларын анаата.

Москватааҕы Моссовет аатынан тыйаатыр артыыһа Анна Гарнова саха устуудьуйатын иккис куурустан үөрэппит. Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт ыһыахха ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбытын сылаастык аҕынна, саха култуурата барҕа баайын кэрэхсээбитин кэпсээтэ. «Оҕолор дойдуларыгар, төрөөбүт тылларыгар, төрүт култуураларыгар бэриниилээхтэрин бэлиэтии көрдүм, ону  Шекспир «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл» пьесатынан испэктээккэ киллэрэ сатаатыбыт. Саха оҕолорун кытта үөрэ-көтө үлэлээтим, кинилэртэн элбэххэ үөрэнним, бэйэм нуучча култууратын өссө күүскэ интэриэһиргиир буоллум», – диэн билиннэ.

Арассыыйа норуодунай артыыһа, ССРС, Саха АССР, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов бу көрсүһүү историяҕа киирэр ураты суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини ыалдьыттары Саха тыйаатырыгар үгэскэ кубулуйбут сиэри-туому тутуһалларыгар – хобо чуорааны тыаһаталларыгар ыҥырда.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...