Ситим быстыбат...
Баҕар, сорохтор бу тиэмэни сөбүлүөхтэрэ суоҕа да буоллар, үйэлэр тухары олох уонна өлүү арахсыспат аргыстар. Хас биирдии киһи биирдэ эбит ол туһунан сэмээр толкуйдуур, кистэлэҥ быыһы сэгэтэн көрүөн, олох кэнниттэн туох күүтэрин билиэн баҕарар. Бу олохтон барбыт чугас дьоммут сүтэн-симэлийэн хаалбакка биһигини арчылыы, араҥаччылыы сылдьалларын саныахха да үчүгэй. Түүлбүтүгэр киирэн көстөн, кэпсэтэн ааһаллара күндү. Биир аймах кыыспыт аҕата балыыһаҕа киирэн эмискэ суох буолбута. Салгыы бэйэтин кэпсээниттэн суруйабын.
Татьяна: Биһиги суох кэммитигэр аҕам балыыһаҕа киирэн соһуччу суох буолбута. Кэлээппитин кытта балыыһаҕа пааспара наада диэн эппиттэрэ. Биһиги дьиэбитигэр тиийэн көрдүү сатаабыппыт да пааспара ханна да суох. Ханна сүппүтүн толкуйдуу сатаатым да төбөбөр туох да киирбэт. Айаннаан кэлэн сылайан, ытаан-соҥоон баран утуйан хаалбыппын. Арай утуйа сыттахпына аҕам түүлбэр киирдэ уонна пааспара дьаабылакалаах суумкаҕа баарын эттэ. Уһуктаат эмиэ толкуйга түстүм, тугу этэрий, дьаабылака ойуулаах суумка баарын өйдөөбөппүн. Инньэ гынан айманан, ыйыталаһан, ирдэһэн ол суумкабытын буллубут. Аҕам суох буолаатын кытта балыыһаттан муорга таһаарбыттар. Аймахтара балыыһаҕа аһылык аҕалалларыгар дьаабылака кэһиилэммиттэр. Онтун сиэхтээбэккэ суумкатыгар уктубут. Ол суумкатын муорга илдьэ тахсан ууран баран быһыыта умнан кэбиспиттэр. Пааспара онно сылдьыбыт эбит. Ол иһин аҕам барахсан миигин эрэйдээмээри түүлбэр киирэн этэ сатаабыт.