21.06.2024 | 14:00

Ситиһии кистэлэҥэ

Ситиһии кистэлэҥэ
Ааптар: Макар Яковлев, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, Саха сирин тустууга федерациятын бастакы бэрэсидьиэнэ, ССРС тустууга федерациятын Президиумун  чилиэнэ (1989-1992 сс.)
Бөлөххө киир

Кэм-кэрдии аастаҕын аайы маҥнайгы көлүөнэ тустууктар тренердэрэ Иван Морозов, Арташет Карапетян, Василий Румянцев, Илья Павлов, Николай Давыдов, Семен Зедгенидзев, Кирилл Григорьев, ону тэҥэ улахан тустууга суолу аспыт, номоххо киирбит инники көлүөнэ тустууктар ахтыллыбат буолан бардылар.
“Уруккубутун  билбэт  буоллахпытына, билиҥҥибит суох, билиҥҥибит  суох  буоллаҕына,  инникибит суох” диэн өс хоһооно баар. Онон Москватааҕы  үрдүкү  тренерскэй  оскуоланы бүтэрбит дипломнаах, сахалартан бастакы тустуу тренэрэ, тустуу аҕата, профессора, дипломата Н.Н. Волков кэпсээниттэн кылгастык инники көлүөнэ тустууктар ситиһиилэрин сырдатары сөптөөҕүнэн ааҕабын.

1959 с. от ыйын 1 күнүгэр Ленинград куоракка Арассыыйа норуоттарын II спартакиадата буолбута. Онно сахалартан бастакынан Н.Н. Волков судьуйалыыр чиэскэ тиксибитэ. Манна Николай Гоголев (52 кг), Сергей Иванов (57 кг), Владимир Варламов (62 кг), Дмитрий Данилов (73 кг) уонна Василий Румянцев (87 кг) кыттыбыттара. Биллэрдик-көстөрдүк Николай Гоголев уонна Дмитрий Данилов тустубуттар. Николай Гоголев үс киһини утуу-субуу хотон полуфиналга тиийэр. 4 киһи хаалар, ол иһигэр оччолорго 1 разрядтаах, кэлин аан дойду 5 төгүллээх чемпиона буолбут Али Алиев баара. Николай сэрэбиэй быһыытынан Сойууска биллэр Арассыыйа чемпиона Асхат Шайхутдиновы кытта тустар. Оччолорго тустуу 12 мүн. уонна хайаан да партердаах тустуу хапсыһыыта икки өттүттэн киириилээх-тахсыылаах буолар.
Биһиги бөҕөспүт Асхаты икки атаҕыттан ылаат, өрө кулахачытан таһааран, көбүөргэ муостаппакка да лаппаакытыгар уурар. Утарылаһааччы, киитэрэйдээн, дөйбүтэ буолан хаалар, айдаан бөҕө буолар. Асхаты биһиги киһибит төбөтүнэн быарга  охсон  уҥна диэн быһаараннар, Гоголевы устан кэбиһэллэр. Гоголев итиннэ балыллыбатаҕа буоллар, бастыан сөп эбит. Ол оннугар 1962 с. Гоголев итэҕэтиилээхтик сахалартан бастакы Арассыыйа чемпиона буолар.
Ити күрэхтэһиигэ Дмитрий Данилов Арассыыйа чемпиона Тотрову (Хотугу Осетия), Цокаевы (Омскай) тэбэн түһэртээн, лаппаакыларыгар ууран, элбэх киһини соһутар. Ити сыл “Труд” общество киин сэбиэтин күрэхтэһиитигэр 3-с миэстэҕэ тахсан, сахалартан аан маҥнай спорт маастара буолар.
1961 с. ССРС чемпионатыгар Таллин уонна Минскэй куораттарга 7 саха уола кыттар. Хамаанданы Н.Н. Волков салайан илдьэр. Барыларыттан ордук Дмитрий Данилов тустар. Кини Сойуус чемпиона Владимир Горбатенколыын тэҥнэһэр. Сойуус призера Коханы (Эстония) кытта тэҥнэһэр. Уолаттар Арассыыйа көбүөрүгэр тэҥҥэ анньыһар буолбуттара көстөр. 1962 с. Семен Дмитриев Сойуус чемпионатыгар, аан дойду чемпиона Айдын Ибрагимовы хоппутун биэрбэтэхтэрин үрдүнэн, төрдүс миэстэ буолар. Ити сыл Н.Гоголев, А.Захаров, Э.Гегеев Арассыыйа чемпионнара уонна призердара буолаллар. Итинтэн ыла саха уолаттара аан дойду көбүөрүгэр тахсан бараллар.
Аан маҥнай 1963с. Махачкалаҕа Николай Гоголев, Алкивиад Иванов, РСФСР хамаандатыгар киирсэн, Иран пехлеваннарын (бухатыырдарын) кытта тустубуттара. Онтон 1964 с. РСФСР хамаандатыгар киирсэн, Монголияҕа тустубуттара. Хамаандаҕа Алкивиад Иванов, Петр Алексеев, Елькан Тедеев, Юрий Шахмурадов, Юрий Аветисян, Курбан Агаев, Бимбулат Дзуцев, Геннадий Андиев (Сослан Андиев убайа, аҕалара Андиев оҕонньор, Александр Иваницкай суруйуутунан, 2 м 28 см үрдүктээх бухатыыр эбит) киирбиттэр. Бу  күрэхтэһиигэ Н.Н. Волков тренер уонна судьуйа быһыытынан тахсыбыта.
1964 с. сайыныгар, Н.Н. Волковтаах туруорсан, Арассыыйа чемпионата Саха сиригэр буолбутугар, түөрт чемпион, түөрт призер Саха сириттэн пьедесталга тахсыбыттара. Ити сыл Н.Н. Волков аан дойду устудьуоннарын чемпионатыгар Болгарияҕа саха түөрт уолун илдьэ тахсар. Николай Захаров иккис, Константин  Леонтьев үһүс буолаллар.
1966 с. аан дойду кыра чемпионатыгар аан маҥнай Тбилисситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга Н.Н. Волков Сойуус старшай  тренерэ Дякиннааҕы кытта быһа кэпсэтэн, түөрт саха уолун илдьэ тахсар. Грузиннары кытта сыһыан олохтуур сыалтан, муоска толору ханньаах кутан биэрбиттэрин, тост этэн баран, түгэҕэр диэри түһэрэн кэбиспит уонна охтон түспүтэ үһү  диэн номох баар. Онтон ыла грузиннарга олох ытыс үрдүгэр сылдьыбыта эбитэ үһү. Бэйэтэ, ыйыттахха, мүчүк гынан баран, арыый сымнатан кэпсиир этэ. Вячеслав Карпов, Петр Алексеев, Петр Попов улахан ситиһиилээхтик тусталлар. Эдэр уолаттар В.Карпов, А.Ермолаев, И.Федосеев, С.Морфунов, С.Макаров уо.д.а. Сойууска оҕолорго уонна ыччаттарга чемпион буолбуттара.

Н.Н. Волков бэһис кинигэтин сүрэхтэниитигэр

1960-с сылларга Н.Н. Волков көҕүлээһининэн Саха сирин хамаандата Дагестан хамаандатын кытта матчевай көрсүһүү оҥорон тураллар. Көрсүһүү 4:4 тэҥнэһиинэн түмүктэммит. Кэлин мин ССРС көҥүл тустууга федерациятын Президиумун чилиэнин быһыытынан Дагестаҥҥа Сойуус күрэхтэһиитигэр сырыттахпына, Деги Багаев, Дагестан номох буолбут улуу тренерэ, Н.Н. Волкову итиитик ахтан, эҕэрдэ ыыппыта. Биир дьиктитэ диэн, ол матчевай күрэхтэһиигэ Дагестан тустууктарыттан биир да киһи үрдүк үөрэҕэ суох эбит. Биһиги тустууктарбыт бары үрдүк үөрэхтээх буолан биэрбиттэр. Аҕыйах сыллааҕыта Дагестан биир биллэр-көстөр учуонайа Дагестан тустууктара наар тустуунан эрэ үлүһүйэллэр диэн кириитикэлээн турар.
Биһиги инники көлүөнэ тустууктарбытын ырытан көрбүппүт, маннык хартыына буолан таҕыста:
- Максим Сибиряков — нуучча тылын учуутала, биллэр-көстөр партийнай деятель. Түөрт оройуоҥҥа райком 1  сэкирэтээринэн үлэлээбитэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үс  уордьаннаах, 89 сааһыгар диэри олорбута, бүтэһик күннэригэр диэри хаһыаттарга сүрдээх проблемнай ыстатыйалары суруйар этэ;
Николай Гоголев — сахалартан Арассыыйа маҥнайгы  чемпиона, устуоруйа билимин хандьыдаата, историко-юридическай факультет маҥнайгы декана, СГУ проректора этэ;
Петр Гаврильев — геолого-минералогическай билим дуоктара, профессор, СӨ биир биллэр-көстөр учуонайа. Научнай үлэлэрэ дойду уонна тас дойдулар сурунаалларыгар бэчээттэнэллэрэ.
Сергей Иванов — геолог, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, көмүс промышленнаһын бэтэрээнэ этэ;
Николай  Алексеев — физика-математика билимин хандьыдаата, ХИФУ профессора. Көҥүл тустуу талааннаах пропагандиһа. Кини аатынан Нам оройуонугар сыллата ыытыллар турнир кыайыылаахтара Азия, Европа, аан дойду чемпионнара буолуталаабыттара;
- Владимир Данилов — самбоҕа бэтэрээннэргэ аан дойду хас да  төгүллээх   чемпиона. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тойуксут, оһуохай таһаарааччы. Хас да хоһоон кинигэтин ааптара;
Дмитрий Данилов — сахалартан маҥнайгы спорт маастара, үөрэҕирии министиэристибэтин ытыктабыллаах үлэһитэ, тутаах дуоһунастарга үлэлээн сылдьыбыта. Дириҥ ис  култууралаах, духуобунай баайдаах интеллигент киһи этэ;
Петр Попов — Сэбиэскэй Сойуус биир саамай техникалаах тустууга, Арассыыйа, ССРС сэбилэниилээх күүстэрин чемпиона. Райисполком, партком, райком сэкирэтээрдэринэн, спорт миниистиринэн үлэлээбитэ. Харчытын-үбүн бэйэтэ булан, көҥүл тустуу туһунан түөрт кинигэни таһаартарда. Тустуу бэтэрээннэрин бырабылыанньатын биир актыыбынай чилиэнэ;
Николай Босиков саамай талааннаах, тустуу ымпыгын-чымпыгын иһиттэн билэр, күн бүгүнүгэр диэри тэҥнээҕэ суох радиокомментатор этэ. Биология билимин хандьыдаата, үгүс научнай үлэтэ интэриэһи тардара;
Владимир  Варламов өрөспүүбүлүкэ биир биллэр-көстөр, ытыктанар суруналыыһа этэ.
Кинилэр үгэстэрин салҕаан, кэлин көлүөнэ тустууктар өссө илин кирбиигэ таҕыстылар. Олимпийскай оонньуулар кыайыылааҕа Роман Дмитриев — СӨ норуодунай дьокутаата, “Полярная Звезда”, Бочуот Знага  уордьаннар  кавалердара, Арассыыйа уонна ССРС үтүөлээх тренерэ. Павел Пинигин — СӨ норуодунай дьокутаата, “Полярная Звезда”, Бочуот Знага уордьаннар кавалердара, Украина үтүөлээх тренерэ. Александр Иванов — «Полярная  звезда» уордьан кавалера, Мииринэй куорат  бочуоттаах  гражданина. Кинилэр бары Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданнара. Василий Гоголев — ССРС хас да  төгүллээх  чемпиона, аан дойду чемпионатын призера, “Үтүө дьулуур оонньууларын” кыайыылааҕа, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина, үтүөлээх тренер.
Петр Юмшанов — аан дойду чемпионатын призера, СӨ норуодунай дьокутаата, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, Нам улууһун бочуоттаах гражданина, Арассыыйа спорткомитетын тустууга биир сүрүн отделын салайааччыта. Аан дойду чемпионнара бырааттыы Контоевтар — Горнай улууһун бочуоттаах гражданнара, Леонид Спиридонов — «Азия оонньууларын» кыайыылааҕа, икки төгүллээх олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, аан дойду призера, СӨ спордун миниистирэ. Виктор Лебедев — аан дойду икки төгүллээх чемпиона, олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, СӨ норуодунай дьокутаата, “Саханефтегазсбыт” генеральнай  дириэктэрэ. Евгений Слепцов Орто Халыма оройуонун баһылыгынан үс болдьох үлэлээбитэ. Николай Чукров саамай ыарахан ыйааһыҥҥа Арассыыйа эдэрдэргэ абсолютнай чемпиона, Орто Халыма куоратын мээрэ. Николай Неустроев ССРС чемпиона, Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Бастакы эрээт: хаҥастан уҥа: Николай Волков, Андрей Захаров, Макар Яковлев, Николай Неустроев. Тураллар биллибэттэр

Соторутааҥҥа диэри сахалар кыра ыйааһыҥҥа эрэ тусталлар диэн  өйдөбүл  баара. Павел Пинигин эрэ 68, 74  кг  ССРС  чемпиона, аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Олимпийскай оонньуулар чемпионнара буолбута. Билигин Айаал Лазарев супер ыарахан ыйааһыҥҥа 120 кг тустууктардаах дойдуларга Азия оонньууларын кыайыылааҕа, аан дойду чемпионатын үһүс призера, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх кыттыылаахтара. Никита Хабаров Ярыгин турнирыгар аан дойду ыарахан ыйааһыҥҥа ааттаахтарын кыайан үһүс буолла, Арассыыйаҕа супер ыарахан 120 кг лиидэрдэргэ киирдэ. Өссө сатаан тутан-хабан эрчийбит киһи, ити ыйааһыҥҥа Горнай ыччата Эдуард Максимов тахсыан сөп. Ити курдук сахалар осетиннар курдук ханнык баҕарар улахан ыйааһыҥҥа тустууктары таһаарар кыахтаахтара көһүннэ.
Билигин көбүөргэ эрчийэ сылдьар тренердэр Федот Соловьев, Иннокентий Кочкин бэтэрээннэргэ аан дойду чемпионнара буоланнар, бэйэлэринэн холобур биэрэллэр.
Аныгы көлүөнэ тустууктар кинилэр холобурдарыгар олоҕуран бэрээдэктээхтэр, үөрэххэ, билиигэ дьулуһаллар. Күүстээх уонна техникалаах эрэ буолбакка, көбүөргэ эр санаалаах, куттаммат буолууга, кыайыыга дьулуһууга үөрэнэллэр. Сиэрдээх, чиэһинэй, эйэлээх буолууга тардыһаллар. Билиҥҥи тустуу таһыма олус улааппыт буолан, ити этиллибит хаачыстыбалары таһынан мэйии, толкуй хапсыһыылара баар буолла. Ол иһин билиҥҥи тустуук интеллектуальнай сайдыылаах, киэҥ билиилээх буолуохтаах.

Александр Иванов, Макар Яковлев, Василий Гоголев

Улуу тренер Дмитрий Коркин ситиһиитин олуга туохха этэй диэн толкуй киирэр. Кини бэйэтэ баара суоҕа бастакы разрядтаах тустуук этэ. Кини ситиһиитэ бэрээдэккэ, дьулуурдаах буолууга, билимҥэ олоҕурар этэ. Саха сирин араас  муннуктарыттан мэник-тэник, бэрээдэктэринэн оччо ырааппатах оҕолор кэлэн, тосту уларыйан тахсаллара, Коркины ытыгылаан Петрович эрэ диэн ааттыыр буолаллара. Дмитрий Коркин научнай тэтэрээттэрэ өссө да ситэ үөрэтиллэ иликтэр. Сорох өттүн ылан  көрөр  буоллахха, бэрээдэги уонна билиини бастатан туран ирдиир эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...