сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу
Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдэннэххинэ туолар эбит диэн санаатын үллэстэр Дьокуускай куорат олохтооҕо Василий Афанасьев:
- Мин 65 хаарбар үктэнним. 30 сааспар ыал буолбутум. Кэргэннэнэн, үс оҕолонон, сиэннэрдэнэн дьоллоох олоҕу олорбутум. Хомойуох иһин кэргэним 60 сааспар сырыттахпына, орто дойду олоҕуттан ыалдьан туораабыта. Саха сиэринэн кэргэммин үс сыл кэриэстээн, соҕотох сылдьыбытым. Эр киһи дьахтара суох аҥаардас сылдьыбат эбитин бэйэбинэн билбитим диэххэ сөп. Ол иһин табаарыстарым, чугас дьонум сүбэлэрин ылынаммын, төһө да испэр кыбыһыннарбын таҥха тэрээһинэ култуура киинигэр ыытылларын истэммин, инники миигин туох күүтэрин билээри сэрэбиэйдэтэ диэн ааттаан тиийдим. Онно киһи элбэҕин сөҕө көрбүтүм. Хаартынан сэрэбиэйдэтэр баҕалааҕым. Хараҕым сэҥээрэ көрбүт Далбар хотуҥҥа тиийэн, инникибин таайан биэриэҥ дуо диэн баҕа санаабын сэмээр этинним. Испэр туох да аһара кыбыстабын. Дьахтарым миигиттэн тугу да ыйыппакка, хаартытын араастаан эриллэҥнэтэ-эриллэҥнэтэ, талбыт хаартыларгын оротолоон остуолга уурталаа диэтэ. Били мин олохпун кэпсиэм дии олорбут киһи соһуйан ходьох гына түстүм. Испэр соһуйдум, ол эрээри ороһуйбут санаабын биллэрбэтим. Эппитин курдук хас да хаартыны ылан остуолга ууран биэрдим. Тугу да ыйыппаппын, саҥарбаппын.
Арай дьахтарым хаартыны көрөн олорон, олохпун оруобуна кэпсээн киирэн барбата дуо? Огдообо эбиккин, оччо оҕолооххун, бачча сиэннээххин дэтэлээтэ. Мин диэки улаханнык көрбөт даҕаны. Умса көрөн олорон хаарты маатысканан инники буолуохтаах дьылҕабын кэпсээн субурутта. Мин истибиппин итэҕэйбэтим. Испэр “ама дуу...” дии саныы олордум. Бу сылга айан эйигин күүтэр. Ханна эрэ айанныахтаах суолуҥ тахсан кэллэ. Олоххор улахан уларыйыы күүтэр. Онтон мичик гына түһээт “даамаланыыһыккын” диэн этэн соһутта. Быһа холоон ыал буолуоҥ диэбэтэ. Тугу кистиэхпиний, төһө да бытыкпын үктүүр сааһым аастар, иккистээн олох оҥостубут киһи диэн баҕалаахпын этинним. Испэр тоҕо түргэнэй бу сылга буола-буола дии санаатым. Бэйэм илин эҥээр улуустан төрүттээхпин. Онон сотору буола-буола кииним түспүт сиригэр, төрөөбүт дэриэбинэбэр баран ахтылҕаммын аһаран кэлээччибин. Ордук бу сааһыран баран... Ол айаны эттэ ини диэн улахаҥҥа уурбатым, итэҕэйбэтим. Ол да буоллар, үөрүүбүттэн, сэрэбиэйим үчүгэй өттүнэн табыллыбытыттан үөрэн тураммын, ботуччу сууманы төлөөн тахсан бардым. Ол сыл сааһыары бииргэ аармыйаҕа сулууспалаабыт табаарыһым, бэйэтин олорор улууһугар ыалдьыттата ыҥырда. Кэргэнин 60 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр. Хайаан да кэлэн ыалдьыттаан бар, хайдах-туох олорорбун көрүөҥ этэ диэн. Оччо ыҥырыыны тутан бараммын, биэнсийэлээх оҕонньор олоруом дуо... Сонун сири көрөөрү ыраах айаҥҥа туруннум. Урут кыра хонтуора, дьоҕус тойоно буолан олорбут киһи биэнсийэм да ботуччу соҕус ээ.
Дьэ, оннук айаннаан табаарыспар тиийдим. Сарсыҥҥы күнүгэр тыа сирин кулуубугар үбүлүөй бырааһынньыгар оҥостон тиийдим. Били көрбүөччү эппитин дьөрү умнан кэбиспиппин. Табаарыһым ыраах сиртэн ыалдьыт кэллэ диэн, миигин бастакынан мустубут дьон иннигэр таһааран билиһиннэрдэ. Олохпун сырдатта быһыылаах. Мин саҥа сонун, билбэт сирбэр кэлбит киһи долгуйдаҕым дии. Кыратык “тэп” гыннарыы да ханна барыай... Сынньалаҥ быыһыгар табаарыһым биир дьахтары аҕалан билиһиннэрдэ. Көрдөхпүнэ, бэйэм саастыы быһыылаах. Эдэр оҕолор курдук кэмчиэрийэн туруохпут дуо, сааһырбыт дьон быһыытынан билистэхпит дии. Олус үчүгэй үбүлүөй буолбута. Табаарыспар хас да хоммутум. Эр дьон тыаҕа үүтээҥҥэ тахсан сынньаммыппыт. Сааскы ылааҥы күннэр тураннар, айылҕа барахсан кэрэтин онно көрөн сөхпүтүм. Табаарыһым билиһиннэрбит дьахтара кэргэнин чугас дьүөгэтэ эбит. Онон үүтээҥҥэ сытан, миэхэ билиһиннэрбит дьахтарын олоҕун туһунан барытын кэпсээн биэрбитэ. Кырдьар сааскар соҕотох сылдьыма, саатар утары олорон чэй иһэр киһилэниэҥ этэ буоллаҕа диэн, кулгаахпар элбэхтик дыыгынаабыта. Онон табаарыспар хас да хонор кэммэр, ол “даамабын” кытта чугастык билистим. Дьахтарым эмиэ кэргэнэ өлөн, соҕотоҕун олорор эбит. Оҕолоро туһунан ыаллар, сиэннэрдээх. Хаһаайка быһыытынан чэнчиһин бэлиэтии көрдүм. Үйэтин тухары оскуолаҕа учууталлаабыт буолан, нэһилиэгэр убаастанар киһи эбит. Салгыы билсэ туруох буоламмыт, мин куоратым диэки айанныы турдум.
Ол күһүнүгэр дьахтарбын куораттааҕы кыбартыырабар көһөрөн аҕалан, билиҥҥитэ этэҥҥэ ыал буолан олоробут. Икки өттүттэн оҕолордоох, сиэннэрдээх дьон холбостохпут дии. Кини да, мин да куоракка кыбартыыралаахпыт. Онон улахан мэһэйи көрсүбэккэ саасхаланныбыт. Оҕолорбут да үөрүүлэрэ сүрдээх. Дьэ, сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу диэн баарыгар итэҕэйэбин. Таайтарыылаах таҥха кэмигэр сэрэбиэй таттарар күүһэ, мин олохпор улахан сабыдыалы оҥорон турар. Күндү ааҕааччылар, итэҕэйиҥ, итэҕэйимэҥ. Ол бэйэҕит дьыалаҕыт. Онтон мин дьылҕа хаан ыйааҕынан иккистээн олохпун оҥостоммун, бит-билгэ туолар диэни бэйэбинэн биллим. Урут таҥха диэни улаханнык билиммэт, ахсарбат киһи этим. Ол эрэн олох кыһарҕана киһини ханна баҕарар тиэрдэр эбит. Үтүө ыра санаа киһини үрдүккэ сирдиир, чугас дьонуҥ эйиэхэ үчүгэйи баҕарыылара, ол барыта үтүөнэн бэйэҕэр эргиллэн кэлэрин умнумаҥ диэхпин баҕарабын.