Сирэй массааһа төһө туһалааҕый?
Массаас былыр
Киһи аймах массааһы былыргыттан билэрэ уонна туһанара. Холобура:
- Кытайга эмтиир массааһы биэс тыһыынча сыл анараа өттүттэн саҕалаан туһанар эбиттэр;
- Үс тыһыынча сыл анараа өттүгэр Египеккэ уонна Ливияҕа мааһынан былчыҥнары уонна сүһүөхтэри сото-сото имитэллэрэ;
- Грецияҕа эмиэ билэллэр эбит, холобура, «Одиссеяҕа» кыргыска киирээри турар буойуннар эттэрин-сииннэрин имитэн уһугуннаралларын туһунан баар;
- Рим империятыгар анал массаас хосторо баалларын туһунан историяттан биллэр. Плутарх суруйарынан, Юлий Цезарь массааһы олус сыаналыыр уонна ону оҥорор анал кулуттардаах эбит.
Массааһынан киһини эмтииллэрэ. Ол гынан баран массаас төһө да итинник дириҥ историялааҕын иһин, XIX-с эрэ үйэттэн наукаҕа тирэҕирэн туһаныы саҕаламмыт.
Сирэй массааһын туһата
Сирэйи көннөрү имэрийии, баттааһын көмөтүнэн, эмэ-томо да суох элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Холобура, сирэй массааһын көмөтүнэн:
- Хаан эргиирэ тупсар;
- Веществолар атастаһыылара тупсар;
- Тирии доруобай өҥнөнөр;
- Хатаал аҕыйыыр, сүтэр;
- Киһи сааһыттан тахсар бээтинэлэр сүтэллэр;
- Иҥиир тардыбат буолар;
- Былчыҥ күүрүүтэ сымныыр;
- Мыччыстаҕастар кыччыыллар;
- Тирии имигэһэ үрдүүр;
- Тас дьапталҕаттан өлбүт килиэккэлэр ыраастаналлар.
Бу сирэй массааһын физиологическай түмүктэрэ эрэ. Маны таһынан ыгылыйыы аччааһына буолар уонна куккут уоскулаҥа кэлэр. Ити кэннэ сиэркилэҕэ холкутуйбут уонна киһини тардар тас көрүҥнээх киһини көрүөххүт.
Тоҕо итинник буоларый?
Киһи сааһыран истэҕин аайы уҥуохтара куураллар, баһын уҥуоҕа эмиэ. Бас уҥуоҕа куурарыгар кыччыыр, онтон сылтаан сирэй быһыыта уларыйар. Имигэһин сүтэрбит тирии ыйанан киирэн барар уонна сирэй тириитин атын учаастактарын тардар.
Иккиһинэн: тирии уларыйыытын төрүөтэ – аһара күүрбүт былчыҥнартан сылтаан. Олорор үлэлээх киһи моойун былчыҥнара аһара күүрэллэр. Кинилэр тымырдары баттыыллар, ол киһи төбөтүгэр хаан кэлиитин бытаардар. Ити туһалаах веществолар уонна салгын аҕыйааһыныгар тиэрдэр.
- Уҥуохтарга холоотоххо, былчыҥнары биһиги эрчийэн чөлүгэр түһэриэхпитин сөп. Судургу эрчиллии ньымаларынан күүрэн сылдьар былчыҥнары холкутатыахпытын уонна оннугар түһэриэхпитин сөп. Бу массаас туһатын биир төрүөтэ.
- Иккис төрүөтэ – холкуйууга тиэрдэр үлэтэ. Ыгылыйыыны аччатар уонна санааны көтөҕөр, ити барыта киһи үчүгэйдик утуйарыгар уонна бүттүүн чөл буоларыгар, олоҕо тупсарыгар тиэрдэр.
Оннук массааһы ким оҥороруй?
Косметическай массааһы эһиги салоҥҥа эбэтэр клиникаҕа оҥотторуоххутун сөп. Итини таһынан киһи дьиэтигэр эмиэ бэйэтигэр, чугас дьонугар оҥоруон сөп. Киһи бэйэтигэр массаас оҥостуон иннинэ, бастаан онтуката туох буортуну аҕалыан сөбүн билсиэхтээх уонна ол кэннэ биирдэ оҥостуохтаах. Сорох ньымаларга медицинскэй билии ирдэнэр, онон оҥостор массааскытыгар, оннук ньымалар баар буоллахтарына, бэйэҕит оҥорбоккут ордук.
Сирэй массааһа хайа түгэннэргэ оҥоһуллуохтааҕый?
- Тирии быһыыта омос көрүүгэ уонна, тыытан да көрдөххө, мөлтөөбүт буоллаҕына;
- Мимическэй мыччыстаҕастар тахсыбыт буоллахтарына;
- Тирии өҥө уларыйбыт уонна бээтинэлэр тахсыбыт буоллахтарына;
- Тирии ыйаммыт буоллаҕына;
- Сирэй быһыыта уларыйбыт буоллаҕына;
- Сальнай железалар үлэлэрэ күүһүрбүт буоллаҕына;
- Иккис сэҥийэ тахсыбыт буоллаҕына.
Хайдах түгэннэргэ массаас оҥоһуллуо суохтааҕый?
Массаас киһиэхэ араастык дьайар. Буортуну эмиэ оҥоруон сөп. Массаас маннык түгэннэргэ оҥоһуллубат:
- Онкологияҕа;
- Тирии грибковай ыарыылардаах буоллаҕына;
- Сүрэх ыарыыларыгар;
- Герпес күүскэ тахсыбыт буоллаҕына;
- Хаан түүрүллээһинэ мөлтөҕөр;
- Тирии алдьаныыларыгар;
- Үрдүк дабылыанньалаахтарга;
- Вируснай инфекцияларга.
Массаастаныаххыт иннинэ үчүгэйдик ыйыталаһан баран оҥорор ордук.
Сүрүн ньымалар
Ньыма элбэх, ол эрээри сүрүннээн биирдиҥилэр:
- Имэрийии. Массажист лимфатическай уонна хаан ааһар тымырдары тарбахтарын төбөлөрүнэн аргыыйдык массаастыыр. Ити ньыма хаан турбут сирдэриттэн хааны тарҕатар, сымнатар дьайыылаах. Бу ньыма массаас оҥоһуллуон иннинэ үксүн туттуллар.
- Аалыы. Имэрийиигэ маарынныыр гынан баран, күүстээхтик оҥоһуллар. Тирии аннынааҕы тымырдарга дьайар, хаан мунньустуутун тарҕатар, тириини имигэс гынар, хаан эргиирин тупсарар. Бу ньыма тириини доруобай көрүҥнүүр.
- Имитии. Мыччыстаҕаһы массажист хам тутар уонна аргыыйдык имитэр. Бастаан бытааннык саҕалыыр, онтон улам түргэтиир. Бу ньыма хаан эргиирин уонна былчыҥнары тупсарар.
- Илигирэтии. Массажист тарбахтарын төбөтүнэн эбэтэр ытыһынан илигирэтэр. Бу ньыма массааһы түмүктээһиҥҥэ туттуллар.
Туттуллар кремнэр
Салоннарга, кабинеттарга уонна студияларга араас креми уонна лосьону тутталлар. Кинилэр массажистка үлэтин чэпчэтэллэр. Үгүс массажистар аан дойдуга кокосовай арыыны тутталлар. Кремнэри киһи тириитин уратыларынан көрөн талаллар. Холобура:
- Кураанах тириигэ – жасминнай уонна ромашковай арыылар сөп түбэһэллэр;
- Сыалаах тириигэ – бергамотовай, мятнай эбэтэр апельсиновай арыылар барсаллар;
- Көннөрү тириигэ – лавандовай, кедровай, эфирнэй арыылар үчүгэйдэр.
Массаастаныах иннинэ аллергическай реакцияҕа хаптарбат курдук арыы инструкциятын кытта билсэн баран туттар ордук. Итини таһынан креми аҕыйах соҕуһу тириигитигэр бистэн баран, икки күн кэтээн көрүөххүтүн сөп. Кытарбатаҕына уонна кыһыйбатаҕына, сөп түбэһэр эбит диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп.
Косметическай массаас араастара
Классическай массаас
Тирии туругун уонна көрүҥүн тупсарар. Киэҥник туттуллар массаж, дерматтан лимфа тарҕаныытыгар көмөлөһөр. Сирэй былчыҥнарын имигэс гынар уонна чөлүгэр түһэрэр.
Пластическай массаас
Кырдьыы бэлиэлэрин кыччатарга туттуллар. Техниката уустук соҕус, медицинскай үөрэҕи ирдиир, ол гынан баран түмүктэрэ инъекционнай ньымалары кытта тэҥ. Бу салааҕа методикалар:
- хиропластическай массаас;
- хиромассаас;
- буккальнай массаас;
- японскай (Коруги).
Дьиэҕэ массаас
Массаас сорох ньымалара судургу буолан, киһи бэйэтэ дьиэтигэр оҥостуон сөп. Холобура:
- Сирэй даосскай массааһа;
- Нефритовай роликтарынан массаас;
- Славянскай ладка.
Дьиэҕэ бэйэни массаастаныах иннинэ ньымалары үчүгэйдик үөрэтиэх тустааххыт, сөп түбэһэрин, түбэспэтин, буорту буолуон сөбүн суоҕун барытын билиэхтээххит.
Саарбахтыыр буоллаххытына, бырааһы кытта сүбэлэһэн баран оҥосторгут ордук.
Буортута суох буоллаҕына, тириибитин бастаан ыраастаан бэлэмниибит. Онтон методиканан массааспытын саҕалыыбыт. Сорох түгэннэргэ тириини эбии ыраастаныллар, сорохторго лосьоннаныллар, атыттарга туох да эбии бэлэмнэниини оҥорбокко, тута массаастаан киирэн барыахха сөп.
Массаастыырга сыыһалар
Ханнык баҕарар медицинскэй процедура курдук массаас туһаны да, буортуну да аҕалыан сөп. Сыыһа тутуннахха, тирии иһэн тахсыан, тымырдар эчэйиэхтэрин да сөп. Сүрүн сыыһалар:
1. Холус аалыы. Аһара мөлтөхтүк гыннахха, сөптөөх туһаны ылар сатаммат, оттон аһара күүскэ гыннахха, тириини эчэтиэххэ сөп. Манна көмүс ортону тутуһуох тустаахпыт.
2. Мээнэ массаастааһын. Массаас анал массажнай линияларынан эрэ оҥоһуллар. Лимфодренажнай массааска сыыһа-халты туттан лимфаны көннөрү миэстэттэн миэстэҕэ эрэ сыҕарытыахха сөп, ол отектар эрэ улаатыыларыгар тиэрдэр.
3. Биирдэ эмэ оҥоруу. Биирдэ эрэ оҥорон кэбистэххэ, түмүгэ суох буолар. Баар да буоллаҕына, методикалары барытын туттан оҥоһуллубут түмүк курдук син биир буолбат.
4. Массажнай сириэстибэлэри сыыһа туттуу. Кремнэр, лосьоннар киһиэхэ арааһынайдык сөп түбэһэллэр. Биһиги ону учуоттуох тустаахпыт.
Массаас ханнык саастан оҥоһулларый?
Улахан бобуу суох. Холобура, оҕо, ыччат тириитэ үчүгэй буолан, массааһы ирдээбэт. Массаас үксүн киһи 20 сааһын аастаҕына оҥоһуллар, ону да медицинскэй ирдэбилинэн. 30 саас кэннэ үксүн кырдьыы бэлиэлэрин утары оҥоттороллор. Хойутуох кэриэтэ, бу саастан саҕалаабыт ордук. Массаас син биир спордунан дьарыктаныы курдук. Холобура, спортзалга биирдэ эрчиллэн баран киһи ыйааһына тута түспэт, эбэтэр тута былчыҥнаммаккын. Массаас эмиэ оннук. Кэми-кэрдиини ирдиир.
Түмүккэ
Билигин информация үйэтигэр киһи бэйэтигэр массаас оҥостуон баҕарар буоллаҕына, араас ньыма интэриниэккэ толору. Билигин карантин саҕана дьиэҕэ олорон да үөрэниэххэ сөп. Бириэмэни туһалаахтык атаарыҥ. Доруобай буолуҥ.