03.07.2022 | 15:16

Сир аһа туһата баһаам

Сир аһа туһата баһаам
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сир аһа ситэн эрэр. Айылҕабыт бэлэҕэ минньигэс амтаннааҕын таһынан доруобуйабытыгар олус туһалаах. Ханнык отон туохха туһалааҕын билэҕит дуо?

СУГУН

Сугуммутугар элбэх органическай кислота, С битэмиин баар. Сугун аһыгар полифенол диэн эттик тымырдары сымнатар уонна кэҥэтэр. Пробиотикатары кытта холбостоҕуна микроорганизмнары уонна сүһүрүүнү суох оҥорор.

Сугуҥҥа баар антоциан диэн эттиктэр диабеты, рак ыарыыны, араас бактериялаах инфекциялары утары охсуһаллар. Ону таһынан, сугун кырдьыыны бытаардар, мэйии үлэтигэр өйөбүл буолар.  Үөһү, ууну таһаарар, сүһүрүүнү утары дьайыылаах. Күннэтэ сии сырыттахха организм аһы буһарыытын тупсарар.

Иммунитет намтааһыныгар, авитаминозка олус туһалаах. Циститы эмтииргэ, хаан баттааһынын түһэрэргэ, саахары намыратарга, быар ыарыылаахтарга табыгастаах.

Сугун аһыгар железо элбэх буолан, анемиялаах дьон хайаан да сии сылдьыахтаахтар. Бүөр, хабах ыарыытыгар кытта туһалыыр.

Сугун сэбирдэҕин оргутан тымныйыыга, тумууга иһэллэр, кыраадыһы түһэрэр кыахтаах. Ырыан баҕарар дьон сугун сэбирдэҕин оргутан уутун убаҕас гынан иһиэхтээхтэр. Маны таһынан,  сугун сэбирдэҕин уута сүрэххэ уонна тымырга үчүгэй дьайыылаах.

ДЬЭДЬЭН

Саамай минньигэс сыттаах сир аһа. Железо, марганец, медь, цинк  - бары анемияҕа олус туһалаахтар. Калий уонна пектин, С битэмиин, фолиевай кислота (В9 битэмиин) бааллар. Маны таһынан В1, В2, РР, Е битэмииннэр, пантотеновай кислота (В5 битэмиин) бааллар. Дьэдьэҥҥэ элбэх биофлавоноид (Р битэмиин ) баара биллэр.

Дьэдьэни организм түргэнник ылынар, ис уорган үлэтэ тупсар. Пектин холестерин таһымын намтатар. Дьэдьэн битэмииннэрин састаабынан лимоҥҥа олус маарыҥныыр эбит.

Дьэдьэн сүмэһинэ, настойката, аһа ис уорган ыарыыларын сэрэтэр кыахтаах, гастрикка, язваҕа туһалаах.  Үөстэригэр, бүөрдэригэр таастаахтарга кытта дьэдьэни сиэтиэххэ сөп. Хаан баттааһынын түһэрэр, сүһүөх ыарыытын мүлүрүтэр.

Микробтары утары күүскэ охсуһар. Күөмэй ыарыытыгар сайҕаныахха сөп. Ону таһынан, кыра бааска, хайа тардыыга дьэдьэнинэн сотуннахха баас сотору оһор. Экземаҕа майгынныыр тирии бааһыгар, сирэй тириитин эбирин суох оҥорорго туттуохха сөп.

Барыанньа оҥорон хаһаанарбыт таһынан, дьэдьэни күҥҥэ, салгыҥҥа хатаран эмп оҥостуохпутун сөп.

 

МООННЬОҔОН

Сир аһыттан барытытыттан саамай туһалаах отон буолар. А, В1, В2, В6, В9, Р, К, С, Е, D битэмииннэр, железо, медь, калий, марганец, фосфор о.д.а – микроэлеменнэр, аскорбиновай, яблочнай, щавелевай, фосфорнай, лимоннай – кислоталар, эфирнэй арыылар, фитонцидтар бааллар. 100 гр моонньоҕон – 63 кКал.

Иммунитеты бөҕөргөтөр, тумууну утары туттуллар. С битэмиинэ дөлүһүөн аһынааҕар эрэ кыра, атын отоннору С битэмиинин ахсаанынан барыларын ситэр. Антиоксиданнардаах, антоцианнардаах – доруобуйаны харыстыыр эттиктэр. Күһүҥҥү, сааскы тумууга, гириипкэ сэрэтии быһыытынан туһаныахха сөп. Уһун ыарыы эбэтэр эппэрээссийэ кэнниттэн организм чөлүгэр түһэрин туһугар моонньоҕону сиэҥ диэн учуонайдар сүбэлииллэр.

Рак ыарыылаахтарга аһылыктарыгар моонньоҕону киллэрэр туһалаах. Ону тэҥэ, диабеттаахтар төһө баҕарар  сииллэрэ көҥүллэнэр. Сүрэх, тымыр ыарыыларыгар, гипертонияҕа, харах ыарыылахтарга, бүөр, быар үлэтин сааһылыан баҕалаахтарга табыгастаах. Кырдьаҕас дьоҥҥо умнуган буолууну утары уонна Альцгеймер ыарыытын сэрэтиигэ туһаныахха сөп. Тирии бааһын аһардарга, мыччыстаҕастары суох оҥорорго, сирэй тириитин көмөлөһөр.

Моонньоҕон сэбирдэҕин араас бактериялары утары эмтэнэргэ туттуохха сөп.

УУЛААХ ОТОН

Уулаах отон А, В, С, Е битэмииннэринэн баай, ону тэҥэ каротин, туһалаах кислоталарынан  (яблочнай, салициловай, лимоннай) баай. Минеральнай эттиктэртэн фосфор, магний, калий, кальций, марганец бааллар.

Отон эмкэ туттуллара элбэх, барсыбат ыарыыта диэн суоҕун да кэриэтэ. Сэбирдэҕэ кытта туһалаах – оргутан суурадаһынын кыра-кыралаан истэххэ организм ордук уутун таһаарар, киһи этэ испитэ-үллүбүтэ ааһар.

Ырар, бүгүүрэлэрин тупсарыан баҕалаах дьоҥҥо уулаах отон эмиэ туһалаах. 100 грамм отоҥҥо 46 эрэ Ккал баар. Ис уорган, чуолаан оһоҕос үлэтин тупсарар, ол иһин ырарга, сыаны “уматарга” олус көмөлөһөр.

Микробтары утары охсуһар, бүөр уонна уҥуох ыарыытыгар көмөлөһөр, ис уорган үлэтин тупсарар. Битэмиинэ элбэх буолан араас инфекция, вирус тарҕанар кэмигэр организм көмүскэнэр күүһүн бөҕөргөтөр. Токсиннар, буортулаах эттиктэр мустубуттарын сайҕаан таһаарар.

ХАПТАҔАС

Отонунааҕар сэбирдэҕэ өссө туһалаах диэн учуонайдар суруйаллар. С битэмиин хаптаҕас сэбирдэҕэр аһынааҕар элбэх эбит.

Олус элбэх пектиннаах, ол аата ис уорган үлэтигэр туһата баһаам. Лимоннааҕар уонна апельсиннааҕар элбэх С битэмииннээх. Йод, калий, железо, А уонна Р битэмииннэр бааллар. Хааны убатар, сүһүрүүнү суох оҥорор, сүрэҕи, тымырдары аһатар. Киһини тиритиннэрэр буолан организмтан ордук уу тахсарын көҕүлүүр, ыалдьа сытар киһи кыраадыһын түһэрэр.

Ыарахан хара үлэҕэ уонна уустук өй үлэтигэр сылдьар дьоҥҥо туһалаах. Хаптаҕаска аллергиялыыр киһи олох  аҕыйах. Саамай туһалыыр дьоно – хат сылдьар дьахталлар – ис иһигэр сылдьар кырачаан уҥуоҕа бөҕөргүүрүгэр туһалыыр.

Тымныйыы, тумуу кэмигэр хаптаҕаһы ууга оргутан, аҥаардастыы сиэн ситиһиилээхтик эмтэниэххэ сөп. Ангинаҕа хаптаҕас уутунан сайҕаннахха күөмэй ириҥэтэ түргэнник хоҥнор.

***

Сир аһын буһарбакка эрэ бэйэтинэн тоҥорон хаһааннахха быдан туһалаах. Туһалаах эттиктэрэ алдьаммакка, оргутуллубакка киһи оргнизмыгар иҥэмтиэ буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...