15.03.2024 | 12:00

Силиһин тарда, олус дириҥии илигинэ...

Силиһин тарда, олус дириҥии илигинэ...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Хаһыат ааспыт нүөмэригэр «ИЙЭ ТЫЛ-2024» форум чэрчитинэн А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар «Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» түһүлгэҕэ дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолан ааспытын суруйан турабыт. Бу сырыыга учууталлар уонна иитээччилэр тугу туруорсубуттарын тиһэргэ дьулустубут.

Куорат оҕотун – алааска, тыа сиригэр

Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын иһинэн үлэлиир “Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын киинин салайааччыта Татьяна Жиркова сахалыы эйгэлээх оскуола ураты бырайыактарын билиһиннэрдэ. Айан педагогиката, экспедициялар, “Алаас оскуолата”, “Айыы үөрэҕэ” оҕону иитиигэ дьоһун суолталаахтарын бэлиэтээн туран: “Таас оскуолаҕа үөрэнэр куорат оҕолорун биһиги тыа сиригэр таһаарабыт. Алаас устун хаамтараары, күөрэгэй ырыатын иһиллэтээри, эмтээх үүнээйилэри хомуйтараары, сир-дойду ааттарын үөрэтээри, төрөөбүт төрүт тыл уонна өбүгэ ситимин буллараары.

Ийэ тылбыт ханна баарый? Итэҕэлбитигэр. Оһуохайбытыгар. Олоҥхобутугар. Муҥутуур чыпчаала – алгыс тылыгар”, – диэтэ кини.

 

Уһуйааннарга – сүбэһиттэри

70 №-дээх «Кэрэчээнэ» (Хатас нэһилиэгэ) уһуйаан сэбиэдиссэйин үөрэх-иитии үлэтигэр солбуйааччы Саргылаана Ноговицына 1965 сылтан биир да нууччалыы бөлөҕү арыйбакка олоробут диэн кэпсээтэ. 12 бөлөх барыта – сахалыы.

– Оскуола, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин кытта бары биир ситим буолан, дьаһалтабыт өйөбүлүнэн 2001 сыллаахха “Олоҥхо – олохпут ситимэ” диэн туспа бырагыраама айыллыбыта, үөрэх тэрилтэлэрэ бары онон үлэлээн кэлбиппит. 2015 сыллаахха “Арылы кустук” үөрэхтээһин ситимин тэрийбиппит. 

Билиҥҥи төрөппүттэр, бэл диэтэр, улуустан көһөн кэлбит дьон, биһиги оҕобут нууччалыы барыахтаах диэн санаалаах кэлэллэр. Төһө эмэ дьарыкпыт барыта сахалыы ыытылларын, сахалыы таҥаһы кэтэрбит үрдүнэн, оҕолорбут сылтан сыл улам нууччатымсыйан иһэллэр, – диэн санаатын аһаҕастык эттэ. Кини уһуйаан иһинэн “Төрөппүт оскуолата” үлэлиирин, өбүгэ үгэстэригэр үөрэтэр “Кэрэчээнэ кэпсээннэрэ” бырайыактаахтарын  кэпсээтэ.

– Оскуолаларга дириэктэр сүбэһиттэрэ бааллар. Итинник курдук уһуйааннарга ийэ тыл эйгэтин тэрийэр, өбүгэ үгэһин үөрэтэр анал исписэлиистэр, сүбэһиттэр баар буолуохтарын наада. Аны туран, сорох оҕо кинигэлэрэ кырачааннарга соччо барсыбат тыллардаах буолаллар, ону көрөр хамыыһыйа хайаан да үлэлиэхтээх, – диэн этиилээх.

 

Икки тиэмэнэн оҕону сахатыппаккын...

Айталина Иванова, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын төрүт култуураҕа, ОДНКР учуутала, “Сыахай” уһуйаан уһуйааччыта, куукула маастара:

– Төрүт култуура чааһа олус аҕыйаата. Саҥа үөрэх бырагырааматынан ОДНКР (Основы духовно-нравственной культуры России) диэн саҥа предмет киирдэ. Хомойуох иһин, манна төрүт култуура бырагыраамата олох суох, учебниктар атын бырагырааманан оҥоһулуннулар. Холобур, бэһис кылаас бырагырааматыгар икки саха тиэмэтэ – Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа Федор Попов уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо туһунан сахаларга маннык айымньылаахтар эрэ диэн киирэ сылдьар. Онтон атына барыта – итэҕэл уонна култуура дьиэ кэргэҥҥэ киириитэ. Биллэн турар, түөрт улахан итэҕэл таарыллар. Үһүс чиэппэрдээҕи саамай улахан тиэмэ – “Христианство”. Алтыс кылаастарга киһи, сиэр-майгы, дьиэ кэргэн, доҕордоһуу сыаннастара син бэркэ киирбиттэр. Ол гынан баран барыта нууччалыы холобурунан. Төрүт култуурабыт олох суох. Көннөрү икки тиэмэнэн оҕону сахатыппаккын. Онон биһиэхэ олус сэрэхтээх предмет буолан эрэр диэн аһаҕастык этиэххэ наада.

Төһө да учебник нууччалыы буолбутун иһин, төрүт култуура учуутала буоларым быһыытынан, сахалыы ыытабын. Ону сорох оҕолор: “Биһиэхэ тоҕо сахалыы кэпсиигиний?” – диэн ыйыталлар. Учебнигы тутан олордохторо. Итинэн тугу этээри гынабыный? Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт, куораттааҕы Үөрэх управлениета, төрүт култуура уонна ОДНКР учууталлара мунньахтаан дуу, семинардаан дуу, региональнай компонены киллэрэр, баар тиэмэлэри сахатытар туһунан сүбэлэһиэхтээхпит дии саныыбын. ОДНКР уонна төрүт култуура уруоктарын интеграцияларын тула улахан мунньах тэрийиэххэ, манна улахан болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Аны туран, ОДНКР история предметин циклигэр холбоон эрэллэр. Онно киирдэҕинэ, өссө улахан кыһалҕа үөскүөҕэ – төрүт култуурабыт олох даҕаны суох буолуоҕа. Онон бу кыһалҕа силиһин тарда, олус дириҥии илигинэ быһаарыныы ылыахпытын наада диэн этиилээхпин. Бэйэбит испитигэр учебниктар, үөрэтэр-методическай тиһиктэр тахсалларын туһугар билиҥҥэттэн үлэлэһэн, оҥорон саҕалыахха.

 

Федеральнай бырагырааманы – сахалыы

Вероника Васильева, национальнай гимназияҕа дириэктэр сүбэһитэ:
— “Орлята России” бырагыраамаҕа сорох сахалыы оскуолалар кыайан киирбэккэ олороллор. Биһиги дириэктэрбитин кытта сүбэлэһэн баран, сахалыы ыытабыт. Билигин методическай көмөнү оҥоро сылдьабыт. Итини таһынан, “Разговоры о важном” дьарыктары сахатытан, “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” диэн ааттаан, саастарынан аттаран, методическай көмө оҥоро сылдьабыт.

Сахалыы эйгэлээх оскуолаларга федеральнай бырагырааманы сахалыы биэрэр туох да куһаҕана суох диэхпитин баҕарабыт. Былырыын биһиги оҕолорбут “Орлята России” ыытар күрэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыттара. Быйылгы күрэххэ эмиэ уон иһигэр киирэн турабыт. Өссө биир түһүмэх хаалла, оҕолорбут “Океан” лааҕырга путевка ылар туһугар киирсэ сылдьаллар, – диэтэ.

Маныаха Феодосия Габышева: “Үөһэттэн кэлэр бырагырааманы, сүрүн бириинсиптэри, өйдөбүллэри киллэрэн туран, сахалыы тыынныахпытын, бэйэбит эйгэбитигэр, усулуобуйабытыгар сөптөөх гына оҥорон биэриэхпитин сөп буоллаҕа”, – диэн сэргии истибитин биллэрдэ.

 

Дьиэ кэргэнтэн саҕаланар

Люция Дедюкина Дьокуускай куорат 40 №-дээх “Солнышко” уһуйааныгар оҕону ийэ тылынан иитии-үөрэтии уопутуттан үллэһиннэ:

– 2016 сыллаахха икки сахалыы бөлөҕү арыйбыппыт. Төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн баран, “Бииргэ ааҕабыт” диэн дьиэ кэргэни түмэр, үс көлүөнэни ситимниир бырайыагы киллэрбиппит.

2017 сыллаахха Автодорожнай уокурукка сахалыы бөлөхтөргө үлэлиир иитээччилэри түмэр холбоһугу тэрийбитим. Онтон куорат атын уһуйааннара истиһэн, улам элбээн, 90-ча буолбуппут. 2020 сыллаахха Үөрэх управлениета бирикээс таһааран, биһиги үлэбитин докумуонунан бигэргэппитэ.

Иитээччилэр таһымнарын үрдэтэр араас күрэхтэри ыытабыт. Ол түмүгэр куорат баһылыгын өйөбүлүнэн “Алгыстаах алаһа” босуобуйа тахсыбыта, онно биһиги иитээччилэрбит үлэлэрэ киирбиттэрэ. Кэнники сылларга саха тылын өрө тутуу күүһүрэн иһэрэ көстөр.  

Оҕону төрөөбүт тылынан уһуйуу дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Мин оҕолорум Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын бүтэрбиттэрэ, сиэннэрим сахалыы уһуйааҥҥа иитиллибиттэрэ. Саха уһуйааныгар сылдьыахтаахтар, сахалыы эйгэлээх оскуолаҕа үөрэнэ киириэхтээхтэр диэн эрдэттэн сыал-сорук туруоруммуппут. Онон, төһө да ГРЭС оройуонугар олорбуппут иһин, икки оптуобуһунан айаннаан, Ильменскэй уулуссаҕа “Кэскил” уһуйааҥҥа аҕалар этибит. Билиҥҥи төрөппүттэр оннук гымматтар, таһыахтарын сүрэҕэлдьииллэр, оҕо инникитин көрбөттөр – дьиэлэриттэн чугас уһуйааҥҥа сырытыннара сатыыллар.

Аны өссө биир кыһалҕа баар. Залог оройуонун оҕолоро прописканан 3-с №-дээх оскуолаҕа киирэллэр, онно “с изучением якутского языка” диэн кылаастар бааллар эрээри, саха тылын үөрэппэттэр. Ол аата биһиги уһуйааммытыгар сахалыы бөлөххө сылдьыбыт иитиллээччилэрбит итиннэ тиийэн “нуучча” буолаллар. Биһиги оҕолорбут дьоллоох да эбиттэр, кинилэр саҕана оскуолаҕа прописканан киирии диэн суоҕа, гимназияҕа туттарсан, сүүмэрдээһини ааһан киирэллэрэ. Билигин оннук диэн суох, онон төрөппүттэр хааччахтанан хаалаллар, сороҕор, баҕарбатахтарын да иһин, оҕолорун нуучча кылааһыгар биэрэллэригэр тиийэллэр.

Бу иннинэ уһуйааннарга саха төрүт култууратын үөрэтэр эбии үөрэхтээһин педагогтара диэн бааллар этэ, ол билигин суох. Сахалыы бөлөхтөр аһылыннылар диэн суох оҥордулар дуу, хайдах дуу. Дьиҥэр, атын да омук оҕолоро биһиги култуурабытын үөрэтиэхтэрин сөп буоллаҕа.

 

Учууталлар, иитээччилэр тугу туруорустулар?

Феодосия Габышева, СӨ Наукаларын академиятын Төрөөбүт тылы чинчийэр, харыстыыр уонна сайыннарар киинин салайааччыта:

– «Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» түһүлгэ кыттааччылара оскуолаларга сахалыы кылаас аҕыйаҕын бэлиэтээтилэр, ордук Дьокуускай куоракка. Ону таһынан, төрөөбүт тылынан үөрэнэр, төрөөбүт тылын үөрэтэр оҕо саҥа үөрэх стандартынан нэдиэлэҕэ алта күн үөрэнэр, оттон нуучча тылынан үөрэнэр оҕо – биэс күн. Бу тэҥэ суох усулуобуйаны үөрэх министиэристибэтэ үөрэтэн көрөн баран быһаарарыгар уолдьаста диэн этиилэр киирдилэр.

Ону сэргэ, учууталлар саха тылын уонна литературатын учебниктарын хаачыстыбата тупсарыллыахтаах, ону ааһан сорох учебниктарбыт олох даҕаны суохтар, атын сүрүн үөрэх предметтэригэр сахалыы тылбаастаммыт учебниктары оҥорон, оскуолаларга тарҕатыахха наада диэн этэллэр. Манна үбүн-харчытын, оҥорооччуларын, научнай салайааччыларын быһаарарга.

Куорат уонна тыа оскуолаларын айымньылаахтык хардарыта алтыһыннаран, норуот педагогикатыгар тирэҕирэр бырайыактарынан киэҥник үлэлиэххэ. Холобур, “Алаас оскуолата”, “Олох үөрэҕэ”, “Айан педагогиката”, чинчийэр экспедиция, тыл лааҕырдара, уус кыһалара, “Куолу күрэҕэ”, эбэлэр, эһэлэр түмсүүлэрэ уо.д.а. бааллар.

Уһуйааннар сахалыы ааттарыгар норуот култуурунай куодун илдьэ сылдьалларын өйдүөхтээхтэр. Холобур, “Мичээр”, “Кэскил”, “Сардаана”, “Туллукчаан”, “Күнчээн”, “Кэнчээри”, “Кэрэчээнэ”, о.д.а. Ол аата кинилэр ааттарыгар даҕаны үлэлэрин хайысхата, ис хоһооно көстө сылдьар.

Федеральнай уонна регион үөрэх бырагыраамалара алтыһыахтаах суолларын-иистэрин тобулуохха. Холобур, “Движение первых” киирдэ, “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама, “Орлята России” хамсааһын баар. Ол эрээри бэйэ-бэйэлэрин кытта дьүөрэлэһиилэрэ билигин ситэ оҥоһулла илик.

Оҕону ийэ тылынан иитэр суолтатын, ньыматын үөрэтэр төрөппүккэ аналлаах үлэни күүһүрдүөххэ. Саха оскуолаларын уонна уһуйааннарын бүддьүөтүгэр 15% эбии үбү-харчыны көрөргө, кинилэр хамнастарын үрдэтэргэ, уопсай үбүлээһиннэрин элбэтэргэ туруорсаллар.

Саха оскуолаларын кэлимсэ хааччыйарга нуорма-быраап, каадыр, үп-харчы, материальнай-техническэй боппуруостарын ситимнээхтик быһаарарга диэн этиилэр киирдилэр.

Ытык-мааны сахам дьоно! Ийэ тылбыт кэскилин туһугар ытык иэспитин бары бииргэ толоруоҕуҥ, саха буолан сандаарыаҕыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...