06.03.2023 | 22:46

Сиидэрэптэр

Сиидэрэптэр
Ааптар: Ньургуйаана Скрябина-Сайдыына
Бөлөххө киир

Таһырдьа бастакы хаар сүрэҕэлдьээбит киһи курдук, аргыый аҕай намылыҥныы турар. Хатыҥнаах дэриэбинэтигэр Сиидэрэптэр саҥа дьиэҕэ киирэр үөрүүлэрэ улахан, бу субуотаҕа малааһын тэрийиэхтээхтэр. Ол иннинэ кыра хаалбыт үлэни эр киһи, ыал аҕата, үмүрү тутуохтааҕа былааҥҥа киирэн турар. Кинилэр дьиэ кэргэннэригэр өссө биир улаханнык саҥарыллыбат үөрүү баар. Ол үөрүүлэрэ – иккис киһини кэтэһии. Ыал аҕата Дмитрий Дмитриевич, сопхуос бэтэринээрдэрин кылаабынай бырааһа, ийэлэрэ Варвара Ивановна, буҕаалтыр, бу сиргэ олохсуйбуттара сэттис сылыгар барда.

 

Маҥнай үөрэхтэрин бүтэрэн, анатан кэлэллэригэр, саҥа ыал буолан тэринэн эрэр кэмнэригэр, бу бөһүөлэк дьоно улахан көмөнү оҥорбуттара. Уопсай дьиэ биэрэн, мал-сал уларсан, сороҕун бэлэхтээн, син ыал курдук буолбуттара. Ол кэмтэн ыла үлэҕэ умса түһэн үлэ-хамнас үөһүгэр киирбиттэрэ. Сотору кыыс оҕоломмуттара. Варя кыыһын биэс ыйыгар диэри олорон баран үлэтигэр тахсар буолбута, онон Дима ийэтин аахха кыыстарын илдьэн биэрбиттэрэ. Билигин Танюша номнуо алтатын ааста, детсадка сылдьар, эһиил оскуолаҕа киириэхтээх. Ыал соҕотох оҕото буолан кыратык бириинчик да буоллар, киһи тылын тук курдук истэр сүүнэ кыыс. Былырыынҥыттан ыла уһаайба ылан, дьиэ тутан, бу киирэн эрэллэр. Сарсыардаттан эрдэ туран, Дмитрий оҥоро илик аанын холуодатын ситэрэн бүтэрдэ. Кэргэнэ Варя ыарахан буолан сылааргыыр, бу алтынньы ый бүтэһигэр быыһаныахтаах. Онон кинилэргэ аймахтара көмөлөһө, дьиэ малааһыныгар ас астыы кэлэн олороллор. Саҥа дьиэҕэ саҥа киһи кэлэрэ үөрүү диэн кырдьаҕас эдьиийдэрэ Варяҕа тугу да гыннарбакка наар бэйэтэ сүүрэр. Күүтүүлээх күннэрэ дьэ тиийэн кэллэ. Бүгүн дьиэ малааһыныгар элбэх ыалдьыты, табаарыстарын көрсүөхтээхтэр.  Дьиэ ас минньигэс сытынан толору туолла. Сопхуос сэбиэтин аатыттан эдэр ыалга истиэнкэ пуондатын биэрдилэр. Варялаах Дима бэйэ-бэйэлэрин көрсүһэн кэбистилэр, бу кинилэргэ ыал буолбуттарыттан саҥа улахан мал этэ. Ыалдьыттар алгыс тылларын этэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Дьиэлээхтэр сылайан утуйарга бардылар.

 

Түүн. Арай Варялаах Дима күөх хонуу устун дьоллоох баҕайытык сиэттиһэн иһэллэр, тугу эрэ кэпсэтэллэр. Эмискэ хара былыт сабардаан кэллэ, ону кытары сирдэрэ аллараа диэки тимис гынаатын кытары, Варя сарылаабытынан ойон турда. Дима кэргэнин уоскутан, тугу түүһээбитин ыйыталаһан баран, сылайбыккын көрбүтүҥ буолуо, санааҕар тутума, сынньан диэн баран улаҕа диэки хайыһан утуйан хаалла. Туох дьикти түүлү түүһээтим диэн Варя аспыт хараҕын симпэккэ сытта. 

 

Сарсыныгар дьонноро дьиэни-уоту хомуйан дойдуларыгар айаннаатылар. Күннэр ааһан истилэр. Дима үлэлээбитин курдук үлэлии сырытта. Варя дьиэтигэр олордо. Куһаҕан түүл оннук умнулунна. Биир күн Варя көрдөрө барбытыгар бүөрүн аналиһа куһаҕан диэн оройуон киинигэр ыыттылар. Дима кэргэнин илдьэн балыыһаҕа туттаран кэллэ. Кини үлэтигэр, сүөһүлэр истэринэн ыалдьыбыт кэмнэрэ буолан, бу сайыҥҥы ороһулаан төрөөбүт тарбыйахтар дэлби өллүлэр. Онон улахан ночоокко киирэн утуйар уутун умна сылдьар. Саатар Танюша ыалдьан хаалан, дьиэтигэр соҕотох хаалларбат гына ийэтин аахха ыытта. Варята төлөпүөннээн аанньа утуйбат буоллум диэн муҥнанар. Дима күнүс үлэтигэр олордоҕуна оройуон кииниттэн эрийэн кэргэнин бүгүн бөртөлүөтүнэн куораттаталларын туһунан биллэрдилэр. Хайдах гыныан билбэккэ олордоҕуна бииргэ үлэлиир, сайаҕас майгылаах Ирина Афанасьевна киирэн алы гынна: билигин медицина күүстээх, кэргэнин этэҥҥэ буолуо, хата куоракка ыыппыттарыттан үөр диэн уоскутта. Киэһэлик Дима Варятын кытары кэпсэтэн баран дьэ уоскуйда. Уонча хонугунан кыыһын Танюшаны аҕалтарда. Ийэтэ ыытымаары гынар, сиэнин илдьэ сылдьара үчүгэй буоллаҕа. Варя кэлиэр диэри сырытыннар диэбитин бэйэбит хайдах эрэ олороо инибит диэн кыыһын ыыттылар. Танюша ийэтэ суох  дьиэтигэр тэһийбэт. Күн аайы ийэлэрин туругун иккиэн кыыһыныын уоп-чаап кэпсэтэн олордулар. Дима сотору-сотору кэргэнин кытары кэпсэтэр буолан хаһан оҕолонуохтааҕын билэр, онон кыһаммат. Онуоха Варята кэнникинэн сүргэтэ көтөҕүллүбүт курдук буолбут. 

 

Биир түүн Дима түүһээн тыыга олорсон өрүс ортотугар турар эбит, аттыгар ким да суох, эрдинэ сатыыр да тыыта хамсаабат, хас хамсаннаҕын аайы тыы түөрэҥнээн ууга түһүөх курдук. Онтон ууттан улахан баҕайы балык тахсан кып-кыһыл хараҕынан көрбүтүттэн уһуктан кэлбитэ. Сүрэҕэ тиҥиргэччи тэбиэлээбит аҕай, көлөһүнэ сарт түспүт. Туох иччилээх түүлүн түһээтим, кэргэним төрөөрү хайдах буолар дии санаата. 

 

Сарсыҥҥы күн киэһээ оһоҕун оттон арыылаах килиэп биэрэн аһатта. Дьэ, кэтэһиилээх күннэрэ үүннэ. Варя уолланна, хата оҕо да, дьахтар да доруобуйалара үчүгэй үһү. Сотору кэминэн тахсаллар. Дима үөрүү бөҕөтө, табаарыстарын кытта уолламмыт киһи, хайыай... оҕотун сууйда. Өрүс тура илик да, уоран сылдьааччы элбэх үһү диэн сураҕы истэн, Дима кэргэнин бэйэтэ таһаараары массыынатын оҥоһунна. Кыыһа мин барсабын да, мин барсабын диэн, илин-кэлин түһэн хаайан, илдьэ барар буолла. Өйүүнүгэр эрдэттэн айаннаан күөрэ-лаҥкы кыдьымах быыһынан куораты нэһиилэ буллулар. Дьоннорун көрсөөру сибэкки дьөрбөтө, оҕо суута уонна туох наадатын ыллылар. Кэргэнин, уолун эбиэт кэннэ таһаардылар. Ахтыспыт дьон уураһан-сыллаһан көрүстүлэр, кыыстара ийэтин ахтыбыта бэрт буолан аттыттан арахсыбат. Оҕолорун суутун аргыый аҕай арыйан көрдүлэр кып-кыра, кып-кыһыл киһичээн утуйан буккуруу сытарын көрөн баран Танюша аны мин эдьиийбин, оҕобун көрүөхтээхпин диэн ийэлээх аҕатын күллэрдэ. 

– Ийээ, бырааппын ким диэн ааттыыбын. Миигин кытта утуйар даа ? – араас боппуруоһунан көмөн кэбистэ.

 

Үөрүү-көтүү аргыстаах Өлүөнэ өрүстэрин туораары тиийэн кэллилэр. Оллоор-боллоор быыһынан аргыый аҕай айаннаан-айааннаан өрүстэрин ортотугар кэллилэр. Эмискэ...

 

Эмискэ муус хайа барар тыаһын кытары массыыналара далайга курулуу турда. Дима өй ылбычча кыыһын үөһээ бырахта, онтон уолун. Кэргэнин массыынаттан таһаара сатаата да, сэниэтэ эстэн, онуоха эбии тымныы уу ыбылы ылан, талбааран аллараа диэки баран иһэн көрбүтэ, кэргэнэ барахсан массыына ааныгар өрө булумахтана сылдьара...

 

Танюша өр да өр дьонун кэтэһэн турда, туох буолбутун өйдөөбөтө. Тоҕо ийэтэ, аҕата кэлбэттэрий, биһигини манна бырахтылар, хаһан тахсалларый диэн муустаах ууттан ыйытардыы симириҥнии олордо. Ыар алдьархайы оҥордум, оҕолортон баар-суох дьоннорун ыйыһынным диэбэккэ массыына түспүт сирэ чөҥөрө харааран сыппыта. Быраата ытаабытыгар тиийэн умса түһэн хаалбыт оҕотун көтөҕөн олордо. Өр олордо. Тоҥно. Ытаата. Дьонноро кэлбэттэрин өйдөөбүт курдук суол устун аргыыйдык хааман истэ...

 

Сүөдэр Уйбаанабыс наадатын ситиһэн хараҥарыыта айаҥҥа турунна. Суол аһылла илик буолан массыына да аҕыйах. Кини сэрэх уонна барытын билиэн-көрүөн баҕарар киһи ким да сылдьа илик суолун билэр буолан, өрүһү туоруурга сананна. Өрүһү аҥаардатан иһэн, өрүс ортотугар паар тахсарын көрөн дьиктиргии санаата. Бэлиэр тааҥнаан эрэр дуу. Барбахтыы түһэн баран массыына уотугар маҥан хаарга туох эрэ хамсыырын, булумахтанарын көрөн куобах дуу, хайдах хайдаҕый, өрүскэ киирбэт ини куобах,  бээрэ... 

 

Массыынатын туоратан баран тахсан хамсыыр сир диэки баран истэ...

 

Оҕо ытыыр,ээ, суох куоска ньааҕыныыр, өр кулгааҕа тоҥуор диэри чөрбөйөн иһиллээн турда, оҕо ытыыр, өссө кыһыл оҕо, тыый... Сүөдэр Уйбаанабыс куттанан кута ыстана сыста. Массыынатын иһигэр киирээт, уруулун тутан кээстэ. Бачча хараҥаҕа өссө өрүскэ оҕо ытыыр, туох эбитэ буоллаҕай, санаатын мучумааныгар бөһүөлэгэр тиийэн кэлбитин билбэккэ хаалла. Дьиэтигэр киирээт, ойоҕор кэпсээтэ, аннарааҥҥыта тута оһоҕун аһатта. 

 

  • Сүөдээр, арай кырдьык, оҕо буоллун арай.. арай... Оо, аата аньыытын. Сэбиэккэ этиэххэ диэт, төлөпүөнүн үрдүгэр түстэ...

Сэбиэт Сүөдэр Уйбаанабыһы илдьэ баран өссө көрөн кэлэргэ быһаарсан баран айаннаатылар. Били сиргэ тиийбиттэрэ -  ким да ытаабат, туох да тыаһаабат, уу чуумпу... Кыратык кэрийэ хаама түспүттэрин кэннэ, кыдьымах быыһыгар кыһыл оҕо көтөҕүүлээх оҕо олороро... Сарылыы түһээт оҕолор үрдүлэригэр түһэн, көтөҕөн ылан массыынаҕа сүүрбүттэрэ. Массыына кэнники олбоҕор сытыаран эрэ дэлби имэрийбиттэригэр кыһыл оҕо, тоҕо миигин тыытаҕыт диэбиттии ньааҕыныы түстэ. Кыыһы олох эрэйинэн тыынын ыллардылар. Өрө тыынна, оҕолору ичигэстик суулаан балыыһаҕа бардылар. Сүөдэр Уйбаанабыс эмээхсинигэр махтана истэ, кини айдаан тардыбатаҕа буоллар, киһи куйахата күүрүөх дьыалата буола сыспытын санаан, иэнэ кэдэҥэлээтэ. Балыыһаҕа оҕолору туттаран, туруктара хайдаҕын билэн баран дьиэлэригэр бардылар.

 

Сарсыҥҥы күнүгэр быраастар кыыс ама буолбутун кэннэ ыйыталаһан билэн, бары ах баран турбуттара. Кыыс ытыы-ытыы ийэтин, аҕатын ахтыбытын туһунан кэпсиир, хаһан кэлэллэрин ыйытта.

 

Хатыҥнаах дэриэбинэтэ барыта  атаҕар турда, Сиидэрэптэр өрүскэ түспүттэрин туһунан истэн милииссийэ кэллэ. Дмитрий кыыһын илдьэ, саҥа оҕоломмут кэргэнин ыла Дьокуускайдаабыт сураҕын эттилэр.

Сиидэрэптэр аймахтара балыыһаҕа сытар оҕолорун көрсөн, эдьиийдэрэ оҕолорго хаалла. Өрүскэ киирэн массыынаны хостуулларыгар дьахтар сонуттан иҥнэн хаалан массыынаны кытта тахсыһыыта көрүөххэ дьулаан этэ.

Эр киһини көрдөөн көрбүттэрэ да булбатахтара. Арааһа сүүрүк охсон, ханна тиксэн тахсара биллибэт дэһии буолбута. Танюша ийэтин кистииллэригэр туох дии санаабыта биллибэт, олох ытаабатаҕа, ийэтин аттыттан арахсыбатаҕа. Утуйарыгар онно олоппос үрдүгэр токуруйан сытара, дьоно кэлэн ороҥҥо илдьээри гыннахтарына батан кэбиһэрэ. Кыыс ийэтин илиититтэн, сүүһүттэн имэрийэ-имэрийэ сыллыырын көрө-көрө эдьиийдэрэ уйа-хайа суох ытыыллара. 

 

Уолларын аҕатын аатынан Дима диэбиттэрэ. Танюша улахан киһи курдук буолбута. Дмитрий эдьиийэ оҕолору бэйэтигэр ылбыта. Эһиилигэр арай биирдэ Танюша эдьиийигэр эппитэ:

– Эдьиий, аҕабын түүһээн көрдүм, Даркылаах анныгар баарбын, кэлэн көрдүннэр диэтэ, – диэн эдьиийин ууга-уокка түһэрбитэ. Кырдьык баран муҥхалаан, аҕатын булан ийэ сиригэр кистээбиттэрэ.

 

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...