Сиэри-туому тэлгэһэ иһигэр толоруохпут
Сардана Авксентьева, Дьокуускай куорат баһылыга:
— Сахам сирин бары олохтоохторун самаан сайын салаллан кэлбитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Урукку сылларга Үрүҥ Тунах Ыһыахха 20 тыһыынчаттан тахса киһи Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр тоҕуоруһа мустара. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын уруйдуур ыһыахпыт онлайн форматынан тэриллэрэ, бастатан туран, аҕа көлүөнэ дьоммутугар суолталаах, ону бары өйдүөхтээхпит уонна ылыныахтаахпыт.
Ыһыах күн мин хайаан да сахалыы таҥаспын кэтэбин. Төһө даҕаны өрөбүл күн буоллар, үгэс курдук, сарсыардаттан куораппыт санитарнай туругун бэрэбиэркэлиэхпит. Наада буоллаҕына, оперативнай штаб мунньаҕын ыытыахпыт. Эбиэт саҕана ийэбинээн үгэс буолбут ыһыах аһын-үөлүн бэлэмниэхпит: арыылаах алаадьы астанан, эт буһаран, хос эбэм сылабаарын оргутан, дьиэлээхтэрбитин кытта сандалы тула олоруохпут.
Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета, уокуруктар, тэрилтэлэр араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытан эрэллэр. Дьон-сэргэ Туймаада ыһыаҕын күрэхтэригэр, ааксыйаларыгар көхтөөхтүк кыттан эрэрэ үөрдэр. Оттон Ыһыах алгыһын бары күөх экранынан кэтээн көрүөхпүт.
Биһиги чааһынай дьиэҕэ олоробут, онон күнү көрсүү сиэрэ-туома тэлгэһэбитигэр ааһыаҕа.