20.11.2019 | 13:24

ШОПИННЫЫ БАРАБЫТ ДА?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нэдиэлэ аайы да буолбатар, дьүөгэҥ, кэллиэгэҥ, кыыһыҥ бу ыйытыыны хайаан да биэрбит буолуохтаах. Урут «маҕаһыын кэрийэр” эбит буоллахпытына, билигин «шопинныы” барабыт.

Бу бэнидиэнньиккэ, о.э. сэтинньи 11 күнүгэр, аан дойду үрдүнэн Шопинг күнэ диэн ураты бырааһынньык бэлиэтэннэ. Билиҥҥитэ киэҥ билиниини ыла илик да буоллар, сыыйа-баайа дьон өйүгэр-санаатыгар бигэ олохсуйар кэриҥнээх бырааһынньык диэххэ. Тоҕо диэтэххэ билиҥҥиттэн бу күнү тулуйбакка-тэһийбэккэ кэтэһээччи үгүс эбит. Интэриниэт-маҕаһыыннарга улахан чэпчэтиилээх аахсыйалар, этиилэр, атыылар буолаллар. Этэн аһардахха, бырааһынньык ааспыт үйэ 90-с сылларыгар тэриллибит, бастаан утаа сулумах дьон (холостуойдар) күннэринэн биллэриллибит, кэлин шопинг күнүгэр кубулуйбут. Оттон шопины, маҕаһыыннары кэрийэри сөбүлүүр киһини шоппер диэн ааттыыллар.

Дьэ, онон кыһыҥҥы таҥастары көрдүү, сыаналарын билэ, шопинныы ойдубуот!

Санаабытын көтөҕөн, бастаан чэпчэки сыаналаах “аймахтарбытыгар”, кытайдарга, барыахха.

Оҕолорго кыһыҥҥы таҥас комплега (ыстаан, куурка) 3000-4500 тыһыынчаҕа диэри.

Дьахтар пуховига – 4500-5500 (холофайбер)

Оҕо комбинезона – 800

Улахан киһи комбинезона – 1500-3000 (синтепон)

Дьахтар замша этэрбэһэ – 2300-3500

Угги – 1000-2500

Хаатыҥка – оҕо киэнэ – 1000, улахан киһи – 1500

Эр киһи куурката (Москва оҥоһуга үһү) – 4000-8000

Кыргызтан – 4000

«Баск” куурка куоппуйата – 3.500-4000

Атын маҕаһыыннарга «Баск” куурка оригинала – 25.000-47.000

Харыйа (номнуо атыыга тахсыбыт) – 1200-11000 диэри.

Түүлээх таҥас өрөмүөнэ

Бэлэм тыстан улахан киһи этэрбэһин тигии – 3600

Оҕо этэрбэһэ – 2200

Эргэ уллуҥаҕы көтүрүү – 250

Улахан киһи этэрбэһин улларыы – 2500

Оҕо этэрбэһин улларыы – 2000

Улахан киһи этэрбэһин тигии – 3800

Оҕо этэрбэһэ – 3200

Билэ тигиитэ – 500

Эр киһи бэргэһэтин тигии

Малахай, бөрө – 3 550

Сыҥаахтаах бэргэһэ:

- бөрө, енот, саһыл, кырса, андаатыра – 3550

- киис – 5300

- тииҥ – 4700

- норка – 4150

- саһыл, кырса тыстарыттан – 5900

Дьахтар бэргэһэтин тигии

Ярославна:

- киис, оҕуруота суох – 5300, оҕуруолаах – 9500

- саһыл, кырса –  4700

Сы4аахтаах бэргэһэӨ

- саһыл, кырса – 3000

- киис – 4300

- норка, андаатыра –  4150

Берет:

- киис – 3500

- норка – 2950

Боярка – 3500, оҕуруолаах 6700

Норка, киис сэлээппэ – 4700

Киис, саһыл кубанка – 3500, оҕуруолаах – 6700

Саҕынньах

Сахалыы моһуоннаах норка саҕынньах – 190000

Датскай норка саҕынньах – 214000

Хара саһыл – 165000

Хорек – 158000

Кырааскаламмыт саһыл – 7200

Норка+киис – 350000

Каракуль+норка – 165000

Каракуль – 149000

Этэрбэс

25000-35000

Маҥан тыс – 48000

Замша – 5900

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...