Северина Архипова «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эфиргэ тахсыаҕа
Бүгүн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр, 16:15 чааска «Саха» НКИХ ханаалыгар «Якутск сегодня» биэрии уонна «Тэтим» араадьыйа быһа эфирдэригэр Уокуруктааҕы дьаһалта куорат тутуутугар уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департаменын начаалынньыга Северина Архипова тахсыаҕа. Кини «СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕа олоххо киириитин кытта билиһиннэриэҕэ. Итини сэргэ быһа эфиргэ Уокуруктааҕы дьаһалта экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа Департаменын салаатын начаалынньыга Валерий Семенов тахсыаҕа.
Быһа эфир төлөпүөннэрин нүөмэрдэрэ: 320066, 321166. Ыйытыктары бу нүөмэргэ ыытыахха сөп: +7 (964) 428-88-18.
Санатар буоллахха, балаҕан ыйын 8 күнүгэр регион баһылыга Айсен Николаев киин куорат стратегическай сайдыытыгар сүдү суолталаах докумуоҥҥа – «СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйаахха илии баттаабыта. Докумуоҥҥа бары өттүнэн табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии, куорат инфраструктуратын хаачыстыбатын үрдэтии, куттала суох уопсастыбаннай тырааныспар ситимин оҥоруу уонна дьон олоҕун тупсарыыга киин куорат инники күөҥҥэ сылдьарын ситиһии сүрүн хайысхалара чопчу ыйыллыбыттар.