Сэтинньи сылаас буолуоҕа
Сэтинньигэ салгын температуратын орто кээмэйэ Арассыыйа үрдүнэн нуорманы таһынан буолуоҕун туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Ыйдааҕы орто температура дойду үрдүнэн нуорма таһынан уонна нуорматтан үрдүк буолуоҕа. Бу Европаҕа да, Азияҕа да сыһыаннаах. Коми, Архангельскай уобаластарга, Ямало-Ненецкэй уокурукка, Саха сиригэр, Красноярскай кыраай хоту өттүгэр ордук сылыйыаҕа диэн Арассыыйа күнү-дьылы кэтээн көрөр научнай киинэ иһитиннэрэр.
РФ субъектарыгар температура нуорматтан түһүө суоҕа. Элбэх сөҥүү күүтүллүбэт — үгүс регионнарга сөҥүү кээмэйэ нуормаҕа тэҥнэһэрин туһунан экспертэр бэлиэтээтииллэр. Ол эрэн Кавказ Хоту уонна Соҕуруу федеральнай уокуруктарыгар сөҥүү тиийбэт, оттон Арҕаа уонна Орто Сибиир соҕуруу өттүгэр — сөҥүү нуорманы таһынан.
Сэтинньигэ сылаас күннэр туруохтара диэн Арассыыйа күнү-дьылы кэтээн көрөр научнай киинэ сабаҕалыыр.