Сэтинньи 1 күнүттэн аармыйаҕа хомуур саҕаланар
Бу туһунан «Арассыыйа хаһыатыгар» РФ Сэбилэниилээх күүстэрин Генштабын Кылаабынай тэрийэр-мобилизациялыыр управлениетын 4-с салаатын начаалынньыга контр-адмирал Владимир Цимлянскай иһитиннэрдэ.
«РФ субъектарын баһылыктарын быһаарыытынан тэриллибит 2,5 тыһыынча хомуур хамыыһыйата үлэтин саҕалыыр. Ыҥырыллыбыттартан үгүс өттө үөрэтэр холбоһуктарга уонна байыаннай чаастарга барыаҕа. Онно биэс ый иһигэр аныгы байыаннай тиэхиньикэни баһылыахтара уонна байыаннай-учуотунай идэни ылыахтара», - диэтэ кини.
Үөрэтии кэнниттэн, ылбыт сатабылларыгар олоҕуран, аныгы сэрии сэбин уонна байыаннай тиэхиньикэни туттарга ыытыллыахтара.
Оттон сорохтор үөрэммит таһымнарыгар, сатабылларыгар, идэтийиилэригэр, доруобуйаларын туругар уонна моральнай-психологическай хаачыстыбаларыгар сөп түбэһэр байыаннай дуоһунаһы ылыахтара.
Владимир Цимлянскай бэлиэтээбитинэн, бу хомуур хампаанньата Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэни кытта туох да сибээһэ суох.
«Хомуур былааннаммыт бэрээдэгинэн, РФ сокуонугар олоҕуран, болдьоҕор ыытыллар. Ыҥырыллыбыттары уонна төрөппүттэрин уоскутуохпун уонна санатыахпын баҕарабын, кинилэр Украинаҕа буола турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбаттар», - диэтэ контр-адмирал.
Кини эппитинэн, сулууспаларын болдьоҕо бүппүттэр, алтынньы 15 күнүттэн дьиэлэригэр тарҕаһаллар.