10.03.2023 | 16:00

Сэрии сылларыгар — олохтоох бородууксуйа

2022 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Дьокуускай куоракка «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыны уһансыыга сүдү кылааттарын киллэрсибит куораттар итинник үрдүк ааты ылар чиэстээхтэр.
Сэрии сылларыгар — олохтоох бородууксуйа
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриллиитигэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Айсен Николаев куорат олохтоохторун эҕэрдэлээн туран, Саха сирин норуотун хорсун үлэтэ үрдүк судаарыстыбаннай таһымҥа билиниллибитин, киин куоратынан сирэйдээн бүтүн өрөспүүбүлүкэ араас омуктаах норуота наҕараадаламмытын бэлиэтээтэ, Саха сиригэр икки куорат – Дьокуускай уонна Алдан килбиэннээх үлэ куораттарынан ааттаммыттарынан киэн туттарын эттэ.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар өбүгэ дьоммут хорсун быһыыларынан, килбиэннээх үлэлэринэн киэн туттарын, кинилэр иннилэригэр сүгүрүйэрин биллэрдэ.

«Дьокуускайга үрдүк уонна бочуоттаах ааты ыларын ситиспит дьон сыдьааннара буоларбынан киэн туттабын. Холобур ылар, кинилэргэ тэҥнэһэ сатыыр дьонноохпут. Билигин биир дойдулаахтарбыт анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар эһэлэрбит, хос эһэлэрбит курдук хорсуннарын уонна эр санааларын көрдөрөллөр», - диэтэ Евгений Григорьев.

Тыыннаахтар умнубат сыллара

Аҕа дойду Улуу сэриитэ ыарахан тургутуунан буолбута. Сэрии саҕаламмытын туһунан Саха сирин салалтата 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 14 чаас саҕана Москваттан кэлбит телеграмматтан билбитэ. Бу күн куһаҕан сурах куораты тилийэ көппүтэ. Бэс ыйын бүтэһик күннэригэр сэриигэ баҕа өттүнэн барааччылар уонна ыҥырыллыбыттар бастакы колонналара Дьокуускай куорат Даркылаах бириистэниттэн борокуотунан айаҥҥа туруммуттара. Кинилэр кэннилэриттэн тыһыынчанан киһи – оробуочай, холкуостаах, интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ уоттаах сэриигэ барбыта. Историк Д.Д. Петров дааннайдарынан, сэрии саҕаланыаҕыттан 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри Саха сириттэн аармыйаҕа 62 243 киһи ыҥырыллыбыт, ол иһигэр Дьокуускайтан  – 14 963, сорох дааннайдарынан 18 245 киһи барбыт.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дьокуускай куоракка «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриини дьүүллэһэр мунньаҕар Арассыыйа наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Геннадий Красников бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай тэрилтэлэрэ Оборона судаарыстыбаннай кэмитиэтин Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыттар. «Ис дьиҥэр, Дьокуускай оборона промышленнаһыгар бүттүүнүгэр кыһыл көмүһүнэн хааччыйар база буолбута. Сэрии сылларыгар манна 40 туонна кыһыл көмүс уонна дойду үрдүнэн хостонор сүлүүдэ – флогопит аҥаара хостоммута. Кытархайдыҥы сүлүүдэ электричество сүүрээнин аһардыбат буолан, тэхиньиичэскэй тэриллэри оҥорорго киэҥник туттуллубута», – диэн этэн турар РАН бэрэсидьиэнэ.

Сэрии ыар сылларыгар 59 тыһыынча тыыл үлэһитэ «Килбиэннээх үлэ иһин» мэтээлинэн наҕараадалыммыта. Саха сирин олохтоохторо 15 төгүл дойду үрдүкү салалтатыттан – Иосиф  Сталинтан Махтал телеграммалары туппуттара. Нэһилиэнньэ хомуйбут үбүнэн  «Советская Якутия» диэн икки танковай колонна оҥоһуллубута. Итини таһынан, Дьокуускай куорат Алсиб – Аляска – Сибиир салгын тыраассатын хааччыйыыга сүдү кылаатын киллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Салгыннааҕы байыаннай күүстэр трассаларын Красноярскайдааҕы штаба, «Якутзолото» кыһыл көмүс промышленнаһын треһин Бүтүн Арассыыйатааҕы, итиэннэ Өрүс пароходствотын управлениелара уонна да атын тэрилтэлэр үлэлээбиттэрэ.

Төһө даҕаны алдьархайдаах сэрии бара турдар, Дьокуускайга олорор дьиэлэри, уопсастыбаннай эбийиэктэри, хомунаалынай инфраструктураны тутуу тохтооботоҕо, ону таһынан өссө олохтоох промышленнас собуоттарын тутууну саҕалыыр туһунан быһаарыы ылынылла сылдьыбыта. Сэрии сылларыгар оннооҕор урут атын сиртэн аҕалыллар бородууксуйаны оҥорон таһаарыы саҕаламмыта.

Сэрии иннинэ былааннаммыт тутуу салҕаммыта

Үгүс эбийиэги тутар туһунан быһаарыы сэрии буолуон аҕай иннинэ ылыныллыбыта. Холобур, 1938 сыллаахха, Хотугу муора суолун кылаабынай управлениетын бырайыагар олоҕуран, Саха сиригэр Жатайдааҕы өрүс тас үөһүн Дьокуускайтан 18-с км суудунаны тохтотор хомону оҥоруу биһирэммитэ. Инньэ гынан суудунаны тутааччылар бөһүөлэктэрэ олохтоммута. Жатайдааҕы суудунаны өрөмүөннүүр собуот 1943 сыл күһүнүттэн саҕалаан үлэлиир.

1938 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун уурааҕынан Дьокуускай куорат былаанын генеральнай схемата бигэргэтиллибитэ, театральнай-музыкальнай уонна балетнай училищены тэрийэр туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.

1939 сыллаахха тутуу түргэн ньымата олоххо киирбитэ – бурууһунан тутууга көспүттэрэ, бэрэбинэ оннугар бурууһунан тутар буолбуттара. Саҥа ньымаҕа бастакынан Е. Жорницкай начаалынньыктаах «Якутстрой» тэрилтэ көспүтэ. 

1939 сыл атырдьах ыйыгар Саха АССР Совнаркома 500 миэстэлээх таас тыйаатыр бырайыагын бигэргэппитэ, ити кэнники «Центральнай» киинэ тыйаатыра буолбута, 1942 сыллаахха тутуллубута.

1941 сыл кулун тутар ыйыгар «Нуучча судаарыстыбаннай тыйаатырын тутуу туһунан» уураах ылыллыбыта. Икки этээстээх мас дьиэ сыл аҥаарын иһигэр тутуллубута, 1941 сыл сэтинньи 7 күнүгэр Нуучча тыйаатырын саҥа дьиэтигэр олохтоох худуоһунньуктар үлэлэрин быыстапката тэриллибитэ.

Олохтоох промышленнас: өстүөкүлэттэн хортуонугар тиийэ

1940 сыл от ыйыгар Дьокуускай куоракка өстүөкүлэ собуотун тутар быһаарыы ылыллыбыта, ол эрэн сэрии саҕаламмытыгар тутуу болдьоҕо көһөн, сыҕарыйан испитэ. Собуот түннүк уонна лаампа тааһын, 0,5 уонна 2 киилэлээх бааҥкалары, чэй иһэр ыстакааннары, кыбаас уонна пиибэ бытыылкаларын оҥоруохтааҕа. Өстүөкүлэ собуота 1943 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Өстүөкүлэни оҥорорго олохтоох матырыйаалы – Намцыыр оройуонугар баар кварцтаах кумаҕы тутталлара. Манна даҕатан эттэххэ, собуот билиҥҥи «Столичнай ырыынак» таһыгар баара, ити оройуону «Стеколка» диэн ааттыыллара.

1942 сыл кулун тутар ыйыгар Совнарком өссө биир уурааҕы ылыммыта – хортуон фабрикатын тутуу. Фабрика сылга 100 туоннаҕа тиийэ макулатураны таһаарыахтааҕа. Эмиэ 1942 сыллаахха «портланд-цемент» собуотун тутуу туһунан быһаарыы ылыллыбыта.

Олохтоох оҥорон таһаарыы сайдыбыта

Киһи сөҕүөн курдук эрээри, сэрии ыар сылларыгар Дьокуускайга олохтоох промышленнас уонна оҥорон таһаарыы балысханнык сайдыбыта. Итиннэ үөһэттэн наадалаах бородууксуйанан бэйэҕитин хааччыныҥ диэн сорук турара да төһүү күүһүнэн буоллаҕа.

1941-1943 сылларга промышленнай тэрилтэлэр тутуллубуттара: өстүөкүлэ собуота, уоту тулуйар итиэннэ «абразивнай» оҥоһуктар собуоттара, илими баайар фабрика уо.д.а. Ити курдук, урут киинтэн аҕалыллар бородууксуйа саҥа көрүҥнэрэ баар буолбуттара: өстүөкүлэ, хаатыҥка, скипидар, өстүөкүлэ иһит, «наждачнай» кумааҕы, балык тутар күөгү, промышленнай көрүҥүнэн оҥоһуллубут сылгы сиэлиттэн илим, оҕо оонньуурдара уо.д.а.

 

Ньиэп уонна гаас кэскилэ түстэммитэ

1943 сыл бүтэһигэр ССРС «Наркомнефть» треһин геологическай-чинчийэр базатыгар «Якутнефтегеология» хонтуора тэриллибитэ, кини сүрүн соругунан Саха сирин территориятыгар промышленнай ньиэби көрдөөһүн этэ.

 

Кыайыыга – наука кылаата

1941 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр Совнарком уонна ВКП(б) Киин кэмитиэтэ дойду илиҥҥи оройуоннарын ССРС сүрүн  байыаннай-промышленнай базата оҥорор туһунан уурааҕы ылыммыта. Академическай, үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин уонна «отраслевой» салаалар үлэлэрин былаана ити быһаарыыны учуоттаан оҥоһуллара. Профессор Ю. Ермолаев этэринэн, илиҥҥи оройуоннар сир баайын чинчийиигэ уонна туһаныыга ССРС Наукаларын Академиятын биир кэлим регионнааҕы  хамыыһыйалара тэриллибиттэрэ.

«Барыта фроҥҥа – барыта кыайыы туһугар!» луозун наукаҕа эмиэ сыһыаннааҕа. Учуонайдар уонна научнай үлэһиттэр бары кыайыыны уһансыыга ураты кылааттарын киллэрбиттэрэ. Дьокуускайдааҕы пединститут преподавателэ М. Караваев олохтоох баатаны солбуйааччыны булбута. Химическэй наука кандидата А. Егоров олохтоох бородууксуйаттан битэмииннэри уонна «казеиновай» килиэйи оҥорор ньыманы тобулбута.

«Фроҥҥа – элбэх балыгы!»

Сэрии иннинэ киин Научнай чинчийэр институттар Саха сиригэр чинчийэр станцияларын арыйбыттара. Ити – Бүтүн Сойуустааҕы Арктическай институт Дьокуускайдааҕы зональнай булт-балык биологическай станцията, Булуҥнааҕы табаны иитэр уонна Тиксиитээҕи тыа хаһаайыстыбатын уопуттаах станциялара уо.д.а.

1942 сыллаахха Өлүөнэ эбэ аллараа тардыытыгар ВНИИОРХ ихтиологическай экспедицията үлэлээн, балык саппааһын толороро. 1925-1944 сылларга Саха сиригэр балык 47 көрүҥэ баара биллибитэ, итинтэн аҕыһа – саҥа арыллыбыт көрүҥ. 1943-1944 сылларга балык саппааһа Өлүөнэ, Индигирка уонна Дьааҥы өрүстэргэ чинчийиллибитэ.

Дьокуускайдааҕы «Рыбтрест» тэрилтэ сойуус таһымнаахха кубулуйбута, 1942 сылга балык былаана – 200 тыһыынча центнер. Балыксыттары анал таҥаһынан, туттар тэрилинэн уонна бородууктанан хааччыйыы «Якутрыболовпотребсоюз» тэрилтэҕэ сүктэриллибитэ. Дьокуускайга балыгы туустааһын биригэдьиирдэрин уонна маастардарын үөрэтэр үс ыйдаах куурустар аһыллыбыттара, бастакы 76 үөрэммит киһи хоту оройуоннарга үлэлии барбыттара. 1942 сыллаахха балык собуоттарыгар 7732 киһи, ол иһигэр Дьокуускайтан 1825 киһи мобилизацияламмыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...