14.06.2020 | 14:06

Сэрии оҕотун ахтыыта

Сэрии оҕотун ахтыыта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аграфена Гаврильевна Михайлова (Кузьмина), үлэ бэтэрээнэ, социалистическай үлэ ударнига, Ньурба улууһа, Маар бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо: – Мин Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр муус устар 21 күнүгэр 1937 сыллаахха төрөөбүтүм. «Сэрии оҕолоро» диэҥҥэ чахчы киирэр эбиппин. Билигин 82 сааспын ааhан баран, олохпун барытын эргитэ санаатахпына, оҕо сааһым ким да баҕарбат ыарахан кэмнэрин ааспыппын. Сир үрдүгэр кэлиэхпиттэн тулаайах этим. Ийэм бырааппын төрөөрү, хаана баран суох буолбута. Кини кэнниттэн аҕам, холкуоска илиитинэн дьааттаах бурдугу ыһа сылдьан, онно сүһүрэн, эмиэ олохтон барбыт.​ Дьон кэпсииринэн, мин бырааппыныын, үс сыл аҕа эдьиийбиниин балтараа саастаахпар тулаайах, аhыыр аhа, кэтэр таҥаhа суох кураанах дьиэҕэ хаалбыппыт. Онон ийэ, аҕа таптала диэни билбэккэ, Чаппандаҕа алта сааспар диэри сэрии сылларыгар сиртэн оту хомуйан сиэн сылдьыбыппын. Биир эмит ыал лэппиэскэ бэрсээйэллэр диэн киирдэхпинэ, тута үүрэн таһаараллара. Сайын бааhынаҕа тохтубут бурдук куолаhын илдьиритэн сии олордохпуна, биир аттаах мааны киhи кэлэн атынан тэбистэрэ сатаабыта да, ата өйдөөх буолан өлөрбөтөҕө.

                     Хараҕа суох оҕонньору аҕам диирим

– Биир хараҕа суох Шестаков Федот диэн оҕонньору аҕам диэн ааттыырым. Кини ыалларга сайын биир ытыс мэлии бурдук иhин суорунанан бурдук тардара, мин суоруна дьөлөҕөhүгэр бүтүн бурдугу кутан биэрэрим. Сайын ыалларга от охсоро. Онно харах оруолун толорон, кинини сирдиирим. Маhа суох сири “оҕус”, мастаах сири “охсума” диирим. Күнү быhа күөлтэн уу эрэ баhан иhэрбит. Арай мин күөлтэн уу анныттан бөччүөгү, сиртэн кииhилэни хомуйан сиирим. Уонна хаптаҕас, моонньоҕон аhын төрдүн хомуйан сиирим. Баҕар, ол иhин баччааҥҥа диэри этэҥҥэ тиийдэҕим буолуо дии саныыбын.

                                  Миэхэ оҕо буолуоҥ дуо?

–1943 сыллаахха аҕам от охсо сырыттаҕына биир мааны дьахтар кэлэн кэпсэппитэ. Онуоха аҕам үөрэн: “Таҥара ханна баарый?” – диэн ботугуруу турбута. Миигин кинини кытары барсаҕын диэбитэ. Онуоха мин: “Суох, барбаппын”, – диэн ытыы-ытыы, оҕонньор атаҕар эриллэ сыппытым. Били чүөчэм сиэбиттэн тугу эрэ ылан биэрбитэ уонна сиэ диэбитэ. Ону мин сири көрөн туран, хаба тардан ылан, сыыҥпын сотто-сотто, айахпар укпутум. Оо, минньигэhиэн, аччык муҥнаах “өссө биэрээрэй” диэн сиэбин көрөн турдахпына, чүөчэм: “Миэхэ оҕо буолуоҥ дуо? Араас аhынан аhатыам, таҥыннарыам, үөрэттэриэм, үчүгэйкээн киhи гына иитиэм”, – диэтэ. Онуоха минньигэс тотор аhылыгы эбии ылан биэриэ диэн кэтэhэн туран: “Ээх, оҕо буолуом”, –  диэн кэбистим. Онон миигин ыҥыыр атынан Ньурбаҕа илдьэ барбыта. Айаннаан иhэн, миигин “ийээ” диэн ыҥыраар диэбитэ. Ону мин аата буоллаҕа диэн, ыҥыырга олорон иhэн, “ийээ” диэн ыҥырбытым. Онуоха кууhан туран, сыллыы-сыллыы: “Кыыс оҕо ийээ диирин истэр үчүгэйиэн!” – диэн үөрбүтэ. Мин киhиргээн уонна ким да сыллаабатах оҕото ахсаана суох “ийээ” диэн ыҥырар буоллум. Дьиэҕэ тиийбиппит, остуол үөhэ, сиргэ эр дьон утуйа сыталлара. Ону ийэм: “Сэриигэ баран иhэр дьон утуйдуннар, сарсыарда борохуотунан бараллар”, – диэтэ. Бэйэбин ваннаҕа сууйбута, ырбаахы, ис-таҥас тигэ охсон таҥыннарбыта уонна маҥан бырастыыналаах ыраас таҥастаах тимир ороҥҥо утуппута. Мин, хаhан да оннук таҥаска утуйбатах оҕо, илиибинэн таҥаспын имэрийэ сытан утуйан хаалбыппын.    

Сарсыарда турбутум, били утуйа сытар дьонум барбыттар. Остуолга сэрии саҕанааҕы хара килиэп, тойуу саахар, хортуоска, кэмпиэт бөҕө. Мин ону көрөөт, ытаан тоҕо бардым. Били от оҕустарар аҕам Чаппандаҕа аччык, хонор сирэ суох хаалбытын, икки хараҕынан көрбөтүн санааммын ытаатым. Манна баара буоллар, иккиэн аhыа этибит дии санаатым. Ытаабыппын көрөн, ийэм оҕонньору Чаппандаттан аҕалтаран, миигин кытта иккиэммитин тэҥинэн ииппитэ. Оҕонньор кырдьан өлүөр диэри биһигини кытта бииргэ олорбута.

                       Элбэх оҕо тулаайах хаалбыта

– Ийэм Ньурбаҕа райсовет инструкторынан үлэлиирэ. Сэрии саҕанааҕы дьон ыарахан олоҕор көмө бөҕөнү оҥорор этэ. Кэргэнэ Александров Михаил Федотович, 1943 сылга сэриигэ баран, Тверь куоракка диэри тиийэн, кыргыhыы хонуутугар өлбүт. Ийэм сэриигэ барар дьону тэрийэн ыытара, сэриигэ сылдьар дьоҥҥо ичигэс таҥас тиктэрэн баһыылка оҥорон ыытара. Сэрии саҕана элбэх ыал аҕалара, уолаттара сэриигэ бараннар,  ийэлэр, оҕолорун аhатаары, холкуос бааhынатыттан тохтубут бурдугу хомуйаллара. Бурҕаа, кутуйах хаhааhын буллахтарына үөрэллэрэ. Ол бурдуктарын кистээн, суорунаҕа мэлийэн оҕолорун аhаталлара. Ону холкуос салайааччылара биллэхтэринэ, ыал ийэлэрин хаайыыга ыыталлара. Онон ол сылларга элбэх оҕо тулаайах хаалбыта. Дэриэбинэлэргэ сыстыганнаах ыарыы элбэҕэ: трахома, сэллик, ис араас ыарыыта. Эмп тиийбэтиттэн оҕо, улахан да дьон үгүстүк өлөрө.

            Үгүс аймахтарым сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ

– Сэрии бүппүт сураҕын истэн, Ньурбаҕа нэдиэлэни быhа оһуокайдаабыттара. Дьон үөрүүлэриттэн түүннэри сылдьыбыттара. Биhиги, оҕолор, тэҥҥэ сылдьыбыппыт. Сайын борохуотунан сэрииттэн аҥаар атахтаах, биирдии харахтаах, биирдии илиилээх, мас тайахтаах, төбөлөрө бэрэбээскилээх дьоннор кэлэллэрэ. Биэрэккэ Ньурба олохтоохторо кинилэри көрсө киирэрбит. Онно көрдөхпүтүнэ, дьонноро тыыннаах төннүбүт ыал ийэлэрэ үөрэллэрэ. Оҕото, кэргэнэ кэлбэтэхтэр кумахха умса түhэ сытан ытыыллара. Ону көрөр ыарахан этэ.     Сэрии бүппүтүн кэнниттэн тулаайах хаалбыт оҕолору интэринээккэ, Куочайга детдомҥа киллэртээбиттэрэ. Онон бэлэм аhы аhаан-таҥнан, үөрэнэн элбэх оҕо киhи-хара буолбута. Кэлин үөрэхтэнэн дойдуларын өрө көтөхпүттэрэ. Ыал буолан, оҕо төрөтөн нэһилиэнньэ ахсаанын элбэппиттэрэ. Мин аймахтарбыттан элбэх киhи сэриигэ сылдьыбыта, сорохторо төннүбэтэхтэрэ. Ол курдук, таайым Алексей Ефимович Федоров, Иван Иевлевич Васильев, Никита Наумович Иннокентьев, Михаил Федотович Александров дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Сэрии буолбатын, эйэлээх олох мэлдьи баар буоллун.

               Үтүө санаалаах, көмүс киһи этэ

Ииппит ийэм Евдокия Софроновна Кузьмина Чаппандаттан төрүттээҕэ. Олох ыарахаттарын барытын ааспыт, саха мааны дьахтара этэ. Марха дэриэбинэтигэр көhөн, бииргэ төрөөбүт эдьиийин икки оҕотун эбии иитэн, үөрэхтээх дьон оҥортообута. Алексей Ефимович Федоров сэрии бэтэрээнэ, сэриигэ сэттэ сыл сылдьыбыта. Кини кэлбитин кэннэ ийэм Бүлүү педагогическай училищетыгар үөрэттэрбитэ. Ол кэнниттэн Дьокуускайга педагогическай институкка үөрэнэн, үтүөлээх история учуутала, икки оҕо аҕата буолан олох олорон ааспыта. Кини балтын Таняны Москваҕа пушно-меховой институкка үөрэттэрбитэ. Свердловскай куоракка кэргэн тахсан, оҕолонон-сиэннэнэн олорор. Ийэм Мархаҕа араас үлэҕэ үлэлээбитэ. Партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ, дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, кулууп сэбиэдиссэйэ этэ. Ол саҕана, 1950-1960 сылларга быраастар, учууталлар дэриэбинэ олоҕо тупсарыгар күүстээх үлэни сүбэнэн ыыталлара. Бары киhи убаастыыр дьоно этилэр. Ийэм үтүө санаалаах көмүс киhи этэ. Сэрии огдообото, соҕотох бэйэтэ элбэх киhини ииппитэ.

Икки хараҕа суох Федот Шестаков (аҕам диирим) урут холкуостаах, дьиэлээх-сүөhүлээх ыал аҕата этэ. Кэргэнэ сэллик буолан, мин түөрт саастаахпар өлбүтэ. Сэрии кэмигэр кумааҕы тутуурдаах хас да киhи киниэхэ кэлбиттэрэ уонна сүөhүтүн пиэрмэҕэ диэн илдьэ барбыттара. Дьиэтин холкуос бырабылыанньатын дьиэтэ оҥоробут диэн, оҕонньор эрэйдээх куобах суорҕаннаах, чараас тэллэх сүгэhэрдээх сир-халлаан ыккардыгар хаалбыта. Ону тайаҕын төбөтүттэн сиэтэн илдьэ сылдьыбытым.

                        Мархабын ахтабын, саныыбын

– Марха элбэх үтүө дьон олорон, үлэлээн ааспыт сирдэрэ. Билигин да дойдубун ахтабын, саныыбын. Тыа сиригэр сэрии кэмигэр, ол да кэнниттэн олох ыарахан этэ. Сэриигэ барбыт дьону кэтэhэллэрэ, тыыннаахтара-суохтара  биллибэт этэ. Оройуон киинигэр аҕыйах сиргэ хара араадьыйа баара. Дэриэбинэлэргэ биирдии араадьыйа кулууптарга эрэ баар буолара. Холобур, Мархаҕа кулуупка учууталлар, балыыhа үлэhиттэрэ араадьыйаны истэн, сарсыныгар дьоҥҥо тугу истибиттэрин, балаhыанньа хайдаҕын кэпсииллэрэ. Ол саҕана нууччалыы билэр, хаhыаты ааҕар киhи аҕыйаҕа, үгүстэрэ үөрэхтэрэ суоҕа. Ол иhин учууталлар ыаллары кэрийэ сылдьан ааҕарга-суруйарга үөрэтэллэрэ. Эгэ, хаартыскаҕа түhэрии кэлиэ дуо. Оройуон киинигэр биир фотограф баара. Хараҕа суох аҕабыныын биирдэ да түспэтэхпит. Ийэм кэм үлэhит буолан хаартыската баар.

              Трахома суох буолбута, сэллик аҕыйаабыта

– Тыаҕа балыыhа үлэhиттэрэ ыаллары кэрийэ сылдьан ыттары баайтарааччылар. Трахомалаах дьоҥҥо харахтарыгар эмп куталлара. Аhаҕас сэлликтээх дьоҥҥо эмтэрин көрөн туран дьиэлэригэр иhэрдэллэрэ. Туhунан хостоох, аhыыр иhиттээх буолалларын ирдииллэрэ. 1950-1960 сылларга мин балыыhаҕа саҥа үлэлээн эрэрим. Оччотооҕу быраастар үлэлэрэ элбэҕэ, ол да буоллар, ситиhиилэрэ улахана. Трахоманы суох оҥорбуттара, сэллик салгыы тарҕанарын аҕыйаппыттара. Кэлин медсестранан 30 сыл үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбытым. Үлэ бэтэрээнэ буолбутум. Валентин Михайлов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, түөрт оҕону төрөтөн, иитэн, үрдүк үөрэххэ үөрэттэрэн, үлэhит дьон оҥорбуппут. Бэйэбит 51 сыл бииргэ олорбуппут. Кэргэним ыарахан ыарыыга ыалдьан, орто дойдуттан барбыта.

             Бииргэ төрөөбүттэрбин кэлин булбутум

– Билигин оҕолорбор олоробун. Сиэннэрим үрдүк үөрэхтээх үлэһит буоланнар, араас куораттарга үлэлии сылдьаллар. Мин 10 кылааһы бүтэриэхпэр диэри бииргэ төрөөбүт быраатым, эдьиийим ханна баалларын билбэт этим. Оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайга үөрэххэ кэлэн баран булбутум. Бырааппын Тебритяровтар диэн ыал ииппиттэр. Ииппит аҕата сэриигэ баран өлбүт. Онон Куочай детдомугар иитиллибит. Сэттис кылааһы бүтэрээтин кытары, Булуҥҥа үлэҕэ ыыппыттар. Ичигэс таҥаһа суох. Онон хас да уол буурҕаҕа эриллэн сүппүт. Быраатым, икки сыл үлэлээн баран, Дьокуускайга кэлэн, художественнай училищеҕа үөрэнэн, худуоһунньук идэтин ылбыта. Ыал буолан, түөрт оҕону төрөтөн дьон оҥорбут. Эдьиийим Дьокуускайга партийнай архыыпка үлэлиир таайбыт Михаил Спиридонович Алексеев дьиэ кэргэнигэр иитиллибит. Ыал буолан, икки оҕону төрөтөн улаатыннартаабыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Сонуннар | 15.03.2024 | 14:00
Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Кулун тутар 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы Утуйуу күнэ бэлиэтэнэр. ВОЗ статистикатынан, нэһилиэнньэ 10-30% кыайан утуйбакка (бессонница) эрэйдэнэр, сорох дойдуларга ити көрдөрүү 50−60%-ҥа тиийэр.
Сыана үрдээһинэ
Сонуннар | 22.03.2024 | 18:00
Сыана үрдээһинэ
(2024 сыл олунньу ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн)
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Сонуннар | 16.03.2024 | 18:00
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 7,5 бырыһыан үрдүүр. Бу туhунан 262 N-дээх уурааҕы кулун тутар 5 күнүгэр Арассыыыйа Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Индексация кээмэйэ ааспыт сылга биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйин улаатыытынан ааҕыллар. Бу төлөбүргэ анаан социальнай пуонда бүддьүөтүгэр 37,5 млрд солк. көрүлүннэ. Статитстика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи социальнай...
Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Дьон | 21.03.2024 | 18:00
Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт.  Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.   Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат...