Сергей РАСТОРГУЕВ: “Арктика култууратын киинэ тутулларын өйүүбүн!”
Дьокуускайга Пионердар дыбарыастарыгар циркэ куруһуогар дьаныардаахтык дьарыктаммыт, онтон Москваҕа эстрада искусствотын мастарыскыайыгар уонна аатырар-сураҕырар ГИТИС-кэ бэйэтигэр үөрэммит Сергей Расторгуев оҕо эрдэҕиттэн Саха сиригэр циркэ тутулларын ыра санаа оҥостубута.
Онтон кэргэнинээн, сахаҕа профессиональнай артыыстар кэккэлэрин бастакы кирбиитигэр турбут чаҕылхай киһи Марфа Петровна Расторгуевалыын дьоҕус “Ойуун” диэн синтез-театр тэринэн үлэлии сылдьан, В. Иванов салайааччылаах “Түһүлгэ” диэн бөлөҕү кытта холбоспуттарын кэннэ, кинилэр олохторун анаабыт идеяларыгар олоҕуран, бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев ыйааҕынан СӨ өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай циркэтэ олохтоммута. Онтон ыла Расторгуевтар үлэлээбит үлэлэрин, кинилэр түмпүт кэлэктииптэрин биирдиилээн талааннарын, үтүмэн элбэх ситиһиилэрин, кыайыыларын-хотууларын туһунан элбэҕи кэпсээтибит ини, суруйдубут ини... Бу дьон Саха норуотун иннигэр үтүөлэрэ, историяҕа киирэр суолталаах айар үлэлэрэ инникитин өссө да сыаналаныа турдаҕа.
– Сергей Васильевич, эн тускунан наһаа элбэх суруллубут, кэпсэммит буолуохтаах, ол иһин тус ситиһиилэргэр, биографияҕар тохтообокко, билиҥҥини кэпсэттэхпитинэ хайдаҕый? – диэбитинэн киирдим.
– Ээ, оннук өссө үчүгэй буоллаҕа, – диэн Сергей Расторгуев кэпсэтиибитин сэргэхтик саҕалаата. – 2019 сыл биһиэхэ, Саха Бриллиантовай Циркэтигэр, үбүлүөйдээх сыл буолла, 25 сааспытын туоллубут. Улахан албом-кинигэ таҥан таһаардыбыт. Цирковой фестиваль, ол чэрчитинэн форум буолан ааста. Ол туһунан син сырдатылынна.
Саха АССР 100 сылын көрсө Дьокуускайга “Арктика эпоһын уонна искусствотын киинэ” диэн улахан култуурунай киин тутуллар буолла. Бу Андрей Саввич Борисов уруккуттан олоххо киллэриэн баҕарбыт бырайыага. Ону дьон бары билэ, көрө-истэ сылдьар буолуохтаах. Норуот санаата икки аҥыы хайынна, ким эрэ утарда, ким эрэ бу сонуну уруйдуу-айхаллыы көрүстэ.
“Миллиардынан сууманы култуурунай кииҥҥэ кутаары гыннылар, ол кэриэтэ оскуолалары, уһуйааннары тутуохтарын” диэччи элбэх. Оттон мин санаабар, биһиги глобальнай сыаллары-соруктары туруоруохтаахпыт. Бу баараҕай тутуу олоххо киирдэҕинэ, Саха Академическай театра, Олоҥхо театра, Филармония о.д.а. култуура тэрилтэлэрэ биир сиргэ дьиэлэниэхтээхтэр. Туристары угуйар, дьон сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар табыгастаах сир буоларын таһынан, бу маннык далааһыннаахтык үлэлиир Киин саха норуотун төрүт үгэһин, култуурунай нэһилиэстибэтин харыстыырга, кэлэр көлүөнэлэргэ этэҥҥэ тиэрдэргэ улахан төһүү буолуохтаах.
Онон мин бу киин тутулларын өйүүбүн. Өйүүрүм таһынан, ол Кииҥҥэ Цииркэ салаата баар буолуон баҕарабын. Ханнык эмэ аныгы форматынан – оҕо устуудьуйатын быһыытынан дуу, биир кабинет да буоллун... Бары бу олорор дьиэбититтэн онно көһөн барыахпыт диэн буолбакка, кыра хос анаан дуу, оҕону саататар муннук дуу курдук кыбыталлара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Бу тутууга сыдаарыстыба уонна чааһынай предпринимателлэр бииргэ үлэлэһэр ньымалара быһаарыахтаах. Аны туран маннык элбэх соругу толорор култуурунай киин Уһук Илин регионугар билиҥҥитэ суох улахан эбийиэк буолар. Аан дойду болҕомтотун тардыахтаах, бары өттүнэн дойдубут, ыччаппыт сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэриэхтээх.
Атын дойдуларга сылдьарым элбэх, онон тэҥниирим эмиэ элбэх. Казаньҥа, Казахстаҥҥа, дьэ, кырдьык, улахан тутуулар бааллар, биһиэхэ да баар буолуон тоҕо сатамматый? Оскуолалары, уһуйааннары тутуу чыҥха атын ыстатыйанан үбүлэнэр. Үөрэхтээһин эбийиэктэрин син биир тутуохтара. Оттон маннык култуура эйгэтигэр улахан суолталаах тутууну сыл аайы олоххо киллэрэр ыарахан буолуо. Бар дьону түмэ тардар өссө биир уһулуччу бырайыак буолуо этэ.
ИИННИКИБИТ КЭСКИЛЛЭЭХ
– Биһиги циркэбит инникитин өссө күүскэ сайдар кэскиллээх. Былааммыт элбэҕин ааһан, биһиэхэ аан дойду көрөөччүтэ тардыһар, көрүөн, сылдьыан баҕарар буолла. Кыраныысса таһыгар олорооччуларга баарбытын биллэрдибит, ситиһиилээхтик гастроллаан кэлэбит. Ыалдьыттата ыҥыраллар, биллэн турар, барыта харчы хайдах көстөрүттэн тутулуктанар. Тас дойдулар биһиги экзотикабытын, омук быһыытынан уратыбытын бастакы уочарат интэриэһиргииллэр.
“Күн Ойуун” (“Шаман по имени Солнце”) диэн аныгы истиилинэн эрээри, этническэй уратылардаах цирковой испэктээҕи туруоруохпут. Уус-уран салайааччынан, сүрүннээччинэн бэйэм буолабын. Айар хамаандаҕа биһиги эйгэбитигэр биллэр-көстөр дьону Москваттан ыҥыран үлэлэтиэхпин баҕарабын. Кыттааччылар бары бэйэбит артыыстарбыт буолуохтара. Музыкатыгар сахалыы ырыалары, национальнай иснтруменнары туттуохпут. Уопсайа 60-80 артыыстаах улахан туруоруу буолар. Онтон аан дойду хайа да муннугар тиийэн көрдөрөр гына бэлэмнэнэбит. Ханнык да балаһааккаҕа, ханнык да циркэҕэ, театрга тиийэн көрөөччүнү сөхтөрөр гына сыанабытын, көстүүмнэрбитин, реквизиппитин о.д.а. толкуйдуохтаахпыт.
Аан дойдуга аатырар режиссер Франко Драгоне хамаандатын кытта кэпсэтии баран эрэр. Драгоне ыҥырыылаах режиссер быһыытынан бу бырайыакпытыгар кыттыһыан баҕарабын. Кини Цирк дю Солей туруорууларыгар үлэлэрдээх, билиҥҥи саамай үрдүк таһымнаах шоулары туруорар, былдьаһыкка сылдьар режиссер.
Бу ахсынньыга Канадаҕа көтөбүн. Цирк дю Солей уонна Франко Драгоне хамаандатын кытта Москваҕа көрсөр былааннаахпын. Харчыта эрэ кыалыннар, 2020 сылга туруоҕа.
– Биллэн турар, баҕа санааҕыт, идеяҕыт наһаа элбэх. Маннык киэҥ, боростуой киһи өйүгэр да сатаан оҥорон көрүө суох айылаах бырайыактары олоххо киллэриигэ төһө өйөбүллээххитий?
– Бу “Күн Ойуун” туһунан боппуруоска Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаевы кытта кэпсэтиэхтээхпит. Билиҥҥитэ бириэмэ булан ыҥыра илик. Көмөлөһүөхтэрэ, өйүөхтэрэ диэн эрэллээхпин.
Саамай улахан уонна салалтаттан өйөбүлгэ наадыйар бырайыакпыт – Циркэ дьиэтин иккис уочарата. Субу-субу саҕалыах буола-буола, көһөрөн иһэллэр. Бу билиҥҥи дьиэбит кэннинэн хаарбах мас дьиэлэр тураллар, олор көтүрүлүннэхтэринэ Циркэ дьиэтин иккис уочарата тутуллуохтаах этэ. Үс мас дьиэттэн билигин иккитэ баар, биир умайбыта. Ол икки хаалбыт дьиэттэн биирдэстэрэ эрэ көтүрүллүүгэ барыахтаах дьиэлэр испииһэктэригэр киирбит эбит. Иккис дьиэни ыаллар бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн кэмигэр оҥотторбокко хаалбыттар, билигин онно көмөлөһө сатыыбыт. Сирбитин ылаары, тутуубутун саҕалаары, биһиги да бу дьиэлэр көтүрүллэн, олохтоохтор саҥа дьиэлэргэ көһөн, тутуубутугар сирбит босхолонуон баҕарабыт. В.В. Солодов кэлэр икки сыл иһигэр саҕалыахпыт диэбитэ, онтон аны Арктическай киин тутулларынан сибээстээн, тутуубут былааннаммыт кэмэ эмиэ антах сыҕарыйан биэрдэ. 2023-2025 сылларга диэн биһиэхэ наһаа ыраах курдук...
– Туруорсубуккут да ыраатта дии...
– 2004 сыллаахтан туруорсабыт уонна эрэллээхтик кэтэһэбит. Былааннаан иһэн 2008 сыллааҕы кризис атахтаабыта. Аны бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннара оҥоһуллубаттар. Тоҕо диэтэххэ, ол докумуон баар буолла да, 2-3 сыл иһинэн дьиэ тутуллуохтаах, болдьоҕо ааһан хаалар. Оннук докумуоннаах киһи Арассыыйа таһымыгар киирсэн көрүө эбит...
Билигин дойдубут үрдүнэн циркэ бөҕө саҥардылынна, сөргүтүү үлэтэ күүстээхтик баран эрэр. Биһиги онтон хаалсыбаппыт буоллар.
Бу соторутааҕыта ыытыллыбыт форум меморандумугар “Циркэ дьиэтин иккис уочаратын тутарга” диэн эмиэ сурукка тиһиллэн киирдэ.
Ол да буоллар диэххэ. Мин хаһан эрэ бэйэбит Циркэбит оскуолата аһыллыан баҕарабын. Өссө биир улахан баҕа санаам ол буолар.
ЦИРКЭ ИСКУССТВОТЫГАР ҮӨРЭНИЭН БАҔАЛААХТАРГА
– Кытайга циркэ искусствотыгар оҕолорун үөрэттэриэн баҕалаах дьоҥҥо тугу кэпсиибит?
– Дьэ, эһиил оҕолору сүүмэрдээһин буолар. Быйыл үһүс көлүөнэ артыыстар бүтэрэн кэллилэр. Эһиил эмиэ уруккутун курдук 20 оҕону талабыт. Сүүмэрдээһини ааспыт оҕо Пекиннээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы искусство колледжыгар үөрэнэр.
12-13 саастарыттан ылабыт. Оҕо 6 сыл үөрэнэр. Үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, биһиги циркэбитигэр үлэнэн хааччыллар.
Урут сүүмэрдиир хамыыһыйаҕа Кытайтан кэлэн талаллар этэ. Билигин онно үөрэммит оҕолорбут үлэлэһэр буоланнар, бэйэбит талан ыыталыыбыт. Улуустар элбэх оҕолоох, кыаммат ыаллар оҕолорун инникитин санаан циркэ идэтигэр биэрэ сатыыллар. Үксүн оннук дьулуурдаах, үөрэнэн үлэһит буола охсуон баҕарар оҕолор үөрэнэллэр, кэлэн үлэлээн дьоннорун үөрдэллэр. Биһиги кинилэри өйүүбүт. Оҕолорбут кытаанах ирдэбиллээх үөрэҕи ааһаллар, онон бары да маладьыастар.
Циркэ артыыһа буолуон баҕарар оҕо саамай кылаабынайа эт-хаан өттүнэн доруобай буолуон наада. Уонна, биллэн турар, баҕалаах буолуохтаах. Күүстэринэн дьонноро аҕалбыт оҕолоро сатаан үөрэммэттэр.
Хоту улуустартан оҕолор кэлиэхтэрин баҕарабын. Инникитин хотугу колориттаах нүөмэрдэри туруораары.
– Оттон урут бүтэрбит оҕолор ханна баалларый?
– Бары биһиэхэ үлэлии сылдьаллар. Биһиги эйгэбитигэр көлүөнэ солбуһуута диэн баар. Саҥаттан саҥа талааннаах артыыстар кэлэн иһиэхтээхтэр. Бастакы, иккис көлүөнэлэрбит Пекиҥҥэ үөрэнэн кэлэн толору састааптарынан үлэлии киирбиттэрэ. Быйылгы үһүс көлүөнэ эмиэ оннук тутуспутунан кэллэ.
Бастакы көлүөнэ артыыстарбыт үлэлээбиттэрэ 15 сыл буолла, иккистэр – 8 сыл.
– Үөрэҕин бүтэрбит оҕо тута үлэнэн хааччыллара наһаа үчүгэй эбит.
– Оннук. Уонна биһиэхэ идэтийбит, олох үрдүк таһымнаах артыыстар наадалар буоллаҕа – ол иһин Пекиҥҥэ үөрэттэриини саҕалаабыппыт. Аны туран элбэх кэпсэтии, кэлии-барыы, туһааннаах министиэристибэлэри кытта көрсүү кэнниттэн оҕолорбут дипломнара Арассыыйа үөрэхтээһинин систиэмэтигэр баар орто анал үөрэх быһыытынан билиниллэр буолбута. Ол эмиэ үчүгэй – Циркэҕэ үлэлии кэлбит оҕо орто анал үөрэхтээх специалист курдук кэлэр, ол базатынан баҕарар үрдүк үөрэҕэр киириэн сөп. Үлэлии сылдьан үөрэнэллэр, барытын ситиһэллэр. Бастакы, иккис выпускниктар ХИФУ-га, Чурапчытааҕы физкультурнай институкка үксүн физкультурнай салааны бүтэрэн үрдүк үөрэхтэннилэр.
Оҕолорбут наар биир эйгэҕэ сылдьар буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһон ыал буоллалар. Мин ону сөбүлүүбүн, хайҕыыбын даҕаны. Кэргэнниилэр иккиэн циркэ эйгэтин дьоно буоллахтарына, үлэлэрэ тахсыылаах буолар. Атын эйгэ киһитэ циркэ артыыһын кэлиилээх-барыылаах, түүннэри-күнүстэри быыстала суох үлэлээх олоҕун өйдөөмүөн сөп. Олоххо да оннук көстүүлэр бааллар. Биир наһаа үчүгэй акробат уолбун кэргэнин дьоно хаайан, карьератын тохтотон кэбиспитэ. Холобур, ол оҕону үөрэттэрээри Пекиҥҥэ ыытабыт, онтон Арассыыйа киин куораттарыттан учууталлары наймылаһан нүөмэрин барытын туруорабыт – оҕобут тахсан баран хаалар... Кылаатын киллэрбит, улаатыннарбыт киһиэхэ кыһыылаах суол буолааччы. Олох араастык салаллар буоллаҕа, оннук эмиэ баар диэххэ. Бастакы Кытайтан кэлбит оҕолорбутуттан 13 оҕо хаалан сылдьар.
– Аны туран, циркэ артыыһа диэн, син биир балет артыыһын курдук, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар буолуохтаах?
– Акробаттар, жонглердар, эквилибристар, ат миинээччилэр, канатынан хаамааччылар 15 сылынан биэнсийэҕэ тахсаллар. Акробат-жонглердар 20 сылынан биэнсийэлэнэллэр. Мин бэйэм эмиэ биэнсийэлээх буолбутум олох ыраатта. Ол аата оҕолорбут 14-15 саастарыгар идэҕэ киирэн баран 35 саастарын диэки биэнсийэҕэ тахсаллар. Ол эрэн син биир үлэлии сылдьааччылар үгүстэр. Кыргыттар оҕолонон уойан эҥин хаалбатахтарына, үлэлэригэр тута тахса сатыыр идэлээхтэр.
– Баҕа санаабар цирковой оскуола баар диэтиҥ...
– 30-ча оҕону ылан үөрэтиэхпит этэ. Олох бэйэбит үгэспитигэр олоҕуран, омукпут уратытын чорботон көрдөрөр нүөмэрдэри, хотугулуу истииллээх туруоруулары харахпар оҥорон көрөбүн.
Биһиги циркэбит аан дойду хайа да таһымнаах циркэлэриттэн хаалсыбат. Артыыстарбыт сорох көрүҥҥэ ордуктар даҕаны. Сөптөөх өйөбүл, кэмигэр көрүллэр үп-харчы эрэ наада.
Циркэбитигэр киириилээх-тахсыылаах, эрчимнээх менеджердэр наадалар. Оннук уолаттар, кыргыттар идеяларын кэпсии-кэпсии көтөн түһэллэрэ буоллар, бииргэ үлэлииргэ бэлэммит.