09.03.2023 | 18:00

Сэргэлээх — ыра санаам ымыыта

Сэргэлээх — ыра санаам ымыыта
Ааптар: Сюзанна Кондакова
Бөлөххө киир

Ардах тохтуу-тохтуу кэлэн түспүтэ хас да хонно. Бу сайыҥҥы былдьаһыктаах күннэргэ ардах уһаан-тэнийэн бараары гыннаҕына, дьон-сэргэ, “уйаларыгар уу киирэн”, туох да буруйа суох халлааны кытта үөхсэн ылааччылар.

Саха киһитигэр сайыҥҥы күннэр олус былдьаһыктаах буоланнар, илиилэрин үлэттэн араарбакка, үрүҥ күнү көрбөккө түһүнээччилэр. Онтон бу быыкаа дэриэбинэ ортотугар самналлан турар дьиэ түннүгэр эдэрчи дьахтар ардах түһэрин саҥа көрбүттүү сонурҕаан олорбута хаһыс да хонуга. Кинини кэтээн көрөр киһи баара буоллар, бу эрэ түннүккэ анаан төрөөбүт диэ эбитэ буолуо.

Даайа кыыһын үөрэххэ туттарыһыннара ыытан баран, оҕотун суохтаан, тэһийбэккэ, ааһар дьону одуулаһар. Кыыһа Галя быйыл оскуолатын бүтэрэн юрист үөрэҕин баһылаары киин куоракка барбыта. Барбакка эрэ биир кэлим эксээмэннэр түмүктэринэн докумуоннарын эрэ ыытаары гыммытын, ийэтэ буолбакка, куораттаабыта. Оҕолору да кытта билсиэ, куораты да көрөн удумаҕалатан, үөрэнэригэр чэпчэки буолуо дии санаабыта. Оннук буолуон ийэтэ бүк эрэнэр. Дьиҥэ, Даайа кыыһын саха салаатыгар ыытыан баҕарбыта, кини оҕо сылдьан ымыы гыммыт ыра санаатын кэлин сиппэккэ, мин туолбатах ырабын оҕом ситиэ диирэ. Онто олох атыннык эргийэн тахсыбытыгар олус хомойдор да, хайыай, кини кыыһа бэйэтэ тус санаалаах, эмиэ кини курдук ыра санаалаах киһи буоллаҕа.

Даайа оҕо сааһа оҕо дьиэтигэр ааспыта. Төрөппүт ийэлээҕин дуу, аҕалааҕын дуу билбэккэ улааппыта. Төһө да тулаайах буолар кыһалҕатын билбэтэр, кини төрөппүт дьонугар кыһыйа саныыр. Онон төрөппүттэрин туһунан тугу да күн бүгүнүгэр диэри билбэккэ сылдьар, билэ да сатаабат. Кинини куруук оҕо дьиэтигэр ньээҥкэнэн үлэлээбит эбэтэ көрөн-истэн улаатыннарбыта. Оҕолортон барыларыттан чорботон, кинини эрэ кытта бодьуустаһара, кэлин кыыһы бэйэтин аатынан суруйтаран ыла сатаабытын, сааһыттан иҥнэн биэрбэтэхтэрэ. Ол иһин Даайа маҥан сыбахтаах дьиэлэргэ сырыттаҕына, билигин даҕаны оҕо сааһын, эбэтин санаан кэлэн, уйадыйан ылааччы. Эбэтэ куруук киниэхэ кинигэ аҕалар этэ, баҕар, ол да иһин саха литературатыгар сыста улааппыта буолуо. “Төлкө”, “Сааскы кэм” арамааннары сыттыгын анныгар укта сылдьан ааҕара. Оскуоланы үчүгэйдик бүтэрбитэ. Эбэтэ барахсан кыыһы күүһүнэн кэриэтэ Дьокуускайга ыыппыта. Кыра харчы сыыстаах, кумааҕыга ыйыллыбыт аадырыстаах киин куораты булбута.  Хаһан да харахтаан көрбөтөх дойдутугар кэлэн, маҥнай утаа кус оҕолуу муммута. Син докумуоннарын туттаран, тургутуулары ааһан испитэ да, бүтэһик тургутуутугар бэһис оптуобуска атын өттүнэн олорсон, куорат биир уһугар тиийэн хаалбыт этэ. Төттөрү айаннаан кэлиитигэр тургутуулара номнуо ортолоон, баҕалаах үөрэҕиттэн маппыта. Докумуоннарын тутан, култуура училищетыгар тиийбитин, хата, бэрт кэбэҕэстик худрук идэтигэр ылбыттара. Онон, төһө да баҕарбатах үөрэҕэ буоллар, син үөрэххэ киирэн, уопсайга ылыллан, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, эбэтин эрэлин түһэн биэрбэтэҕэ. Кыыс үөрэҕин бүтэрдэҕинэ эбэтин кытта олорор ыра санаата туолбатаҕа, эбэтэ кыыс маҥнайгы кууруска үөрэнэ сырыттаҕына олохтон туораабыта... Кини ону олох кэнники, кистээбиттэрин, 40 хонуга ааспытын эрэ кэннэ билбитэ. Баҕар, үөрэнэ сылдьар кыыһы үөрэҕиттэн аралдьытыахтарын, харчыта да суоҕунан сатаан кэлбэтин сэрэйэн аймаабатахтара буолуо диэн Даайа хом санаабатаҕа. Үөрэҕэ бэрт үчүгэйдик саҕаламмыта. Манна да сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар үөлээннээхтэрэ баарыттан үөрбүтэ. Үөрэхпин бүтэрдим да, үрдүккэ туттарсыам дии саныыра. Ол да иһин буолуо, кини бу үөрэҕэр олус кыһаллан, ханна да аралдьыйбакка үөрэнэр этэ. Биир эмэ соло күнү буллаҕына, Саха Судаарыстыбаннай Университетын диэки хаамара, баҕалаах үөрэҕэ кинини оннук угуйар этэ. Биир эмэ дьүөгэлээх да буолбаппын, сатаатар, уопсайдарын иһин көрбүт киһи дии саныыра. Кини санаатыгар, оҕолор бары түмсэн, төгүрүччү олорон, “Сэргэлээх” диэн ырыаны ыллаан эйээрэр курдуктара. Сып-сырдык түннүктээх университет иһин көрө өр туран баран, уопсайын диэки хоочугуруу хаамара, дьиҥэ, кини онно өссө да туруон, чараас таҥастааҕа мэһэйдиир курдуга. Кини аттынан бэрт мааны таҥастаах оҕолор аастахтарына, кыбыстан умса көрөрө, манна киирбэтэҕим да үчүгэй, хаһан кинилэри кытта тэҥнэһээри диэн санаан ылааччы.

Кини чуҥкук олоҕун Саша диэн олус элэккэй, сайаҕас уол киэргэппитэ. Уол куруук кыыһы манаһара, киинэҕэ ыҥырара. Даайа бастатан туран үөрэх диэн бүччүм санаатын уол сэрэйэр этэ. Бу олус борустуой, аҕыйах саҥалаах кыыһы Саша ийэтигэр майгыннатан, олус чугастык ылыммыта. Даайа бастаан кэтэҕэмэйдээн баран, уолу бэйэтигэр чугаһаппыта. Иккиэн сиэттиспитинэн үөрэнэ бараллара, үөрэхтэриттэн уопсайга кэлэллэрэ. Киинэҕэ, катокка сылдьаллара. Сааскы тургутууларын иккиэн үчүгэйдик туттаран, ханна сынньана баралларын быһаарсыбыттара. Даайа барар сирэ суох буолан, куоракка үлэ көрдөһө хаалыам диэбитин Саша миигин кытта барыс диэн хаайан, кыыһы дойдутугар илдьэ тахсыбыта. Саша аҕата эрдэ олохтон туораабыт буолан, соҕотох ийэҕэ иитиллибит этэ. Ийэтэ олус холку, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннаах буолан, Даайа кинини наһаа сөбүлээбитэ. Ким оҕотоҕун, хантан, тугу гына кэллиҥ диэн тыллары ыһыктыбакка, өр кэтэспит ыалдьытын курдук көрсүбүтэ. Бу көрсүһүүттэн кини олус үөрэн, долгуйан, хаһан эрэ сүтэрбит дьонун булбуттуу үөрбүтэ. Саша кыыс аймахха ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара, олоҕун хайдах олоруохтааҕын бэркэ анааран  ыраҥалыыра. Оттон кыыс Сашатын дойдутун наһаа сөбүлээбитэ – сирин аһа дэлэйин, булдун-алдын, киэҥ нэлэмэн алаастарын. Биир киэһэ Саша Даайа иннигэр тобуктуу түһээт, “Миэхэ кэргэн буол, олоҕум устата эйигин эрэ таптыам” диэбитин кыыһа мин үөрэниэхпин баҕарабын, биирдэ бэриллибит олохпор эдэр сааспын Сэргэлээҕи кытта ситимниэм диэбитин, иккиэн бу үөрэхпитин бүтэрэн баран тутуспутунан үрдэтиниэхпит диэн элэ-была тылын этэн, син кыыс иннин ылбыта. Онон Даайа бу ыалга кийиит буолан хаалбыта. Куоракка киирэн Саша үөрэҕин быыһыгар кэнсиэртэргэ ыллыыр, үҥкүүлүүр, ону таһынан куруусчуттуур буолан, устуодьуоннуур сылларыгар улахан кыһалҕаны билбэккэ олорбуттара. Эрдэ олохтон туоруурун билбит курдук, кэргэниниин этиспиттэрэ да суоҕа, куруук ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьыбыта. Үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана Даайа оҕо күүтэрэ биллибитэ, онон кинилэр Саша дойдутугар тахсыбыттара. Кулууп дьиэтигэр биир эрэ миэстэ баарыгар Даайа киирбитэ, Саша, инники тырахтарыыстыы сылдьыбыт буолан,  дьоҥҥо от-мас тиэйэр этэ. Оҕолоро күн сирин этэҥҥэ көрбүтэ, эдэрдэр үөрүүлэрэ муҥура суоҕа. Саша ийэтэ сынньалаҥҥа олорор буолан, оҕо көрсөн абырыыр этэ, онон Даайа үлэтигэр уоппуска кэнниттэн тута тахсыбыта. Сайын кэтэхтэн үөрэххэ туттарсаары бэлэмнэнэрэ. “Оо, бу санаатахха, Сашабын ити да үөрэҕинэн сулуйан сордуур эбиппин, миигин үөрэттэрээри суорума суолламмыта буолбаат”,- диэн санаалаах элбэхтик үөһээ тыыныы, харах уута аргыстаах күннэр аастахтара. Ол сахха Даайа эдэрэ да бэрт буоллаҕа, олоҕу билбэтэх киһи баҕа санаанан сирдэтэрэ. “Көмүс кытахтан төкүнүйбүт” дииллэринии, дьиҥэ, киһи сирбэт олоҕор олорбуттара, иккиэн үлэлээх, олорон эрэр дьиэлээх этилэр. Биир кыһыҥҥы аам-даам тымныыга Саша от тиэйэ ыраах алааска айаннаабыта, төннөн иһэн күөлгэ муус уйбакка ууга түһэн олохтон былдьаммыта. Ол киэһэ өр да күүттүлэр этэ, киэһээҥҥи халлаан тымныыттан тыйыһырара, күүттэххэ уһунуттан бары им-ньим баран, тыаһы эрэ иһиллии сылдьыбыттара. Ыксаан бураннаах дьону көрдөһөн ыыппыттара, куһаҕан сонуннаах эргиллибиттэрэ. Онтон ыла бу дьиэҕэ олох тохтообутунуу, барыта курус буолбута, айманан да, ытаан да күндү киһилэрин эргитэр кыахтара суоҕа. Саша ийэтэ ол кэннэ уолун аһыытыгар охтон баран өрүттүбэтэҕэ. Онон Даайа утуу-субуу икки күндү киһитин сүтэрбитэ. Олоҕун сырдатыах эрэллэрэ кыыстара хаалбыт буолан, кинини киһи гынан олоххо сирдиир эбээһинэс соҕотох Даайа санныгар сүктэриллибитэ. Ити кэннэ баҕалаах үөрэх ончу олохтон сүппүтэ, үлэнэн эрэ дьоллонон баччаҕа тиийдэ. Үлэтинэн дьиэ биэрбиттэрэ да, дьонун кэриэстээн, бу дьиэттэн тахсыбатаҕа, бу муостаҕа Саша аан бастаан тоотоҥнуу хаамтаҕа, онтон кыыстара. Дьиҥэ, Саша наһаа баҕарар этэ Даайа баҕалаах үөрэҕэр үөрэниэн. Үөрэххин бүтэрдэххинэ, дьэ, иэспиттэн төлөрүйүөм диэн мичиҥнии турара бу баарга дылы.

Даайа бу күннэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн, киҥинэйэн ыллыы сылдьар. Кыыһа баҕалаах юрист үөрэҕэр киирбитин иһитиннэрдэ. Онно эбии ыраах сиртэн сылдьар оҕолорго уопсайдарын тутатына биэрэллэрин таһынан, сайыҥҥы кэмҥэ үлэлэтэн, хамнастыыр лааҕырдаах эбиттэр. Оҕотун номнуо ахтыбыт ийэ кыыһын үөрэххэ киирдэҕинэ кэлэн барыа дии санаабыта, кэлбэт буолбут. Даайа бу күннэргэ Дьокуускай куоракка бэйэтэ кэтэхтэн үөрэххэ туттарса бараары хомунар. Ким билиэй, баҕар, баҕалаах үөрэҕэр киирэр дьолу билиэ, Сашатын  эрэлэ хойутаабатаҕа буолаарай...

Сэргэлээх барахсан бэйэтэ да билбэтинэн элбэх киһини дьоллоон, сороҕун дьолтон матаран, харах уутунан сууннаран ыыталаатаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...