13.03.2023 | 12:00

Сэргэх тэрээһин ыытылынна

Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ сыла биллэриллибитэ. Игидэй нэһилиэгэр сылы арыйыы тэрээһинигэр А.Ф. Бояров аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр үгүс киһи муһунна.
Сэргэх тэрээһин ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Игидэй нэһилиэгин Аҕа баһылыга Марков Егор Алексеевич бастакынан тыл эттэ: «Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Путин В.В. 2023 сылы Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэрбитэ. Саха сирин Ил Дархана Николаев А.С.  Үлэ сылынан, Таатта улууһугар Аҕа баһылыкпыт Соров М.М. Үлэ сылынан биллэрбиттэрэ. Бу сыллар чэрчилэринэн биһиги нэһилиэкпитигэр саҥа сылы уруйдуу-айхаллыы арыйар тэрээһиммит буолар. Ону таһынан Игидэй нэһилиэгэ быйыл 2023 сылга- Игидэй нэһилиэгэ сурукка-бичиккэ киирбитин 385 сылын бэлиэтиибит.

Хас биирдии киһи олоҕор Педагог уонна уһуйааччы диэн ѳйдѳбүл быһаччы сыһыаннаах диэн сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, киһи тѳрѳѳн бу орто дойдуга олоҕун буларыгар кини уһуйааччыттан, иитээччиттэн кынаттанан олоҕун булар суолга аттанар. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ хас биирдии уһуйааччы, иитээччи, педагог билиитэ-кѳрүүтэ туһалаах уонна олоҕун оҥостунарыгар тѳһүү күүс буолар.

Биһиги махтанабыт бэтэрээн учууталларбытыгар, иитээччилэрбитигэр. Хас биирдии оҕо дойдуларыгар бэриниилээх, киһи буола улааталларыгар сыраларын биэрбит дьон буолаллар. Биһиги махтанабыт эмиэ бүгүҥҥү күн үлэһиттэригэр. Сыраларын оҕону иитиигэ, үѳрэтиигэ уура сылдьалларынан. Нэһилиэкпит социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэ сылдьар дьоннорбутугар эмиэ махтанабыт.

Үлэ сыла саҕаланан инникитин хас биирдии эйгэҕэ, салааҕа үлэһит киһиэхэ болҕомто ууруллар. Эдэр киһи үлэҕэ миэстэтин булунарыгар, харыстыырыгар, сыаналыырыгар улахан саастаах, үлэҕэ уопуттаах киһи, уһуйааччы ордук кыһаллар. 

Биһиги нэһилиэкпит оччоттон-баччаҕа диэри сайдыыга, тупсууга кэлэригэр араас кѳлүѳнэ үлэлээн ааспыт аҕа саастаах дьоннорбутугар махтанабыт. Урукку сылларга суол-иис, сибээс мѳлтѳх, тупса илик кэмнэригэр араас кыһалҕалары кѳрсѳннѳр, бүгүҥҥү нэһилиэкпит сайдыытыгар киллэрсибит кылааттара улахан, онон кинилэргэ махтаныах тустаахпыт.

Биһиги быйыл нэһилиэкпит 385 сылын таһынан биллэр-кѳстѳр дьоннорбут үбүлүѳйдээх сыллара. Ол курдук, биһиги нэһилиэкпитигэр сыылкаҕа кэлэн олорбут, түүр омуктарга аан дойдуга тиийэ биллибит саха тылын үс туомнаах тылдьытын оҥорбут Э.К. Пекарскай тѳрѳѳбүтэ 165 сыла. Саха олоҥхотун бастакынан сурукка түһэрбит Константин Григорьевич Оросин тѳрѳѳбүтэ 165 сыла. Учуутал Пахомов Иван Николаевич тѳрѳѳбүтэ 100 сыла. Ити курдук, бас-кѳс, бастакынан үѳрэҕи ылбыт, үлэни кыайбыт дьоннорбутун сыл устата араас тэрээһиннэри ыытан бэлиэтиэхтээхпит.

Э.К. Пекарскай олорбут сиригэр Дьиэрэҥнээххэ баар балаҕанын сѳргүтэн ситэрэн биэриэхпит. Ытык-Күѳлгэ, Дьокуускай куоракка, араас улуустарга олорор биир дойдулаахтарбытын биир санааҕа түмэн араас үлэлэри ыытыахпыт.

Күндү нэһилиэгим олохтоохторо, бары нэһилиэкпит ѳссѳ инникитин тупсарын, сайдыылаах буоларын туһугар бары үлэлээн, үлэнэн түстэһиэххэйиҥ. Үлэни ѳрѳ тутуоххайыҥ, үлэни сыаналыаххайыҥ. Хас биирдии нэһилиэк тэрилтэлэрэ үлэ сылыгар таһаарыылаахтык үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин».

Нэһилиэк баһылыга Марков Е.А. иистэнньэҥҥэ Нестерова Марфа Федоровнаҕа Таатта улууһугар норуот маастара буолбутун туһунан бэлиэни үѳрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Ону таһынан Ил Түмэн Грамотата ОДЬКХ тѳһүү үлэһитигэр Максимов Николай Егоровичка кэлбитин ааҕан иһитиннэрдэ.

Баһылык тыл этэн бүппүтүн кэннэ тэрилтэлэр параадтара буолла. Олохтоох дьаһалта, түмэл, библиотека, почта, КСК, культура дьиэтэ, оскуола, уһуйаан, балыыһа, ОДЬКХ, ветеринария, «Эрэл» КП, бааһынай хаһаайыстыба, ИП үлэһиттэрэ сценаҕа тахсаллар. Хас биирдии салайааччы үлэ туһунан бэргэн этиилэри этэллэр. Экраҥҥа үѳрэхтээһин историятын туһунан, сайдыыны салайсыбыт, аҕалбыт дьоммут тустарынан слайда кѳстѳ турда.

 Сценаҕа бэтэрээн учууталлар тахсаннар настаабынньык учууталларга билиигэ ыҥырар чугдаарар чуорааны туттардылар. Онтон настаабынньык учууталлар эдэр учууталларга үлэҕэ, оскуолаҕа, учууталга сыһыаннаах бэргэн этиилэри этэн тураннар, бэтэрээн учууталлар биэрбит лыҥкынас тыастаах чуорааннарын эдэр учууталларга туттардылар. Уһуйааччы сырдыкка, билиигэ уопутун эдэрдэргэ тириэрдэр бэртээхэй хартыынатын көрдүбүт. Дириэктэр Альбина Васильевна Бойтунова салайааччылаах нэһилиэк саамай улахан кэлэктиибэ бэтэрээн учууталларга сибэкки дьөрбөтүн бэлэх ууннулар.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ оскуолабыт выпускниктара, учуутал идэтин баһылыахтаах устудьуоннар Лопатина Эльза, Марков Коля, Габышева Настя, Дягилев Максим видео-эҕэрдэлэрин ыыппыттар, онтон Туора-Күөлтэн «Туналы» ырыа бөлөҕө кэлэн тэрээһини киэргэттэ. Бөлөххө оскуолабыт выпускницалара, учуутал идэлээх Людмила Лопатина-Кузьмина, ветеринар Мария Захарова бааллара үөрдэр. Өссө «Алаас оһуордара» үҥкүү ансаамбыла бэртээхэй нүөмэрдэри көрдөрдө. Эдэр үлэһит, үҥкүүһүт Анастасия Лепчикова уонна үҥкүүһүттэр саҥа үҥкүүлэрин хайҕыы көрдүбүт.

Игидэй нэһилиэгин бэтэрээн Сэбиэтин аатыттан Аргунова Анна Константиновна тахсан тыл эттэ: «Биһиги нэһилиэк былыр былыргыттан дириҥ историялаах. Э.К. Пекарскайбыт, К.Г. Оросиммыт. Олоҥхо үѳскээбит түѳлбэтэ диэн билэллэр. 385 сылбытын ѳрѳ кѳтѳҕүллүүлээхтик бэлиэтиэҕиҥ. Ону таһынан үгүс үлэһит, үлэни ѳрѳ туппут кѳлүѳнэ кэлэн аастаҕа дии. Холкуос, сопхуос да саҕана биллэр тѳһүү үлэһиттэрдээх нэһилиэк этэ. Онон сайдыыны түстэһэн үчүгэйдик үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ диэн ыҥырабын».

Нэһилиэк хас биирдии тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бэтэрээн үлэһиттэрин эҕэрдэлээтилэр. Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар зоотехнигынан үлэлээбит «Таатта» совхоз П.А. Ойуунускай аатынан бириэмийэтин лауреата, СѲ Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Υлэҕэ туйгунун иһин» мэтээл, «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Михаил Гаврильевич Аргунов совхоз бастыҥ үлэһиттэрин туһунан кылгастык ахтан-санаан ылла: «Ыанньыксыт Кузьмина Мотрена Прокопьевна биирдии ынахтан 4500 кг үүтү ыан чемпион үрдүк аатын сүкпүтэ,  онтон ыанньыксыт Ефимова Галина Степановна үүккэ 3700 кг. кирбиини ылан, Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата буолбута. Биһиги эрэ нэһилиэкпититтэн бастакынан тахсыбыт лауреат буолар. Киэн туттар сылгыһыппыт Никифоров Алексей Петрович Бүтүн Союзтааҕы наоруот хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттан үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта элбэҕи этэр. Аргунов Иван Корнилович «Норуоттар доҕордоһуулара», «Υлэ Албан Аата» III истиэпэннээх уордьаннар кавалердара, Максимов Прокопий Андреевич, Унаров Филипп Андреевич «Υлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалердара. Таатта улууһугар үчүгэй үлэлээх-хамнастаах нэһилиэк быһыытынан биллэр этибит. Υлэҕэ албан ааттардаах үтүө үгүс үлэһит дьоннордоох нэһилиэк этибит. Онон ыччаттар киэн туттуохтааххыт. Оччолорго сопхуос үлэһиттэрэ 1700 тахса ыанар ынахтаах, 700 лаппа тахса сылгылаах этибит. Онно барытыгар боростуой дьоммут көрөн-истэн оттоон-мастаан, үлэлээн-хамсаан олорбуппут».

Нэһилиэк кырдьаҕас олохтооҕо, СѲ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, бэйэтин кэмигэр эмиэ үлэ бөҕөтүн үлэлээбит 85 сааһыгар быйыл үктэммит ытык кырдьаҕас Кузьмина Александра Николаевна кэлбититтэн бары да үөрдүбүт, хоп курдук сылдьарыттан сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Тэрээһин бүтүүтүгэр нэһилиэк баһылыга 2023 сылга ыытыллыахтаах үлэлэр тустарынан билиһиннэрдэ.

1.     Нэһилиэккэ Арчы балаҕанын туттарыы. Тутууга нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр кыттыахтара диэн эрэнэрин эттэ. Дэлээнэтин быстарбыттар. Сотору кэминэн маһын кэрдиитин үлэтэ саҕаланыахтааҕын эттэ.

2.     Э.К. Пекарскай төрөөбүтэ 165 сылын туолар, кини бүттүүн саха омугар үтүө өҥөлөөх. Υс туомнаах саха тылын тылдьытын биһиги нэһилиэкпитигэр олорон оҥорбута. Кини дьиҥнээх олорбут балаҕана Чөркөөхтөөҕү түмэлгэ баар. Ол гынан баран Э.К. Пекарскай олорбут Дьиэрэҥнээх алааһыгар олорбут балаҕанын куоппуйата уокка былдьаммытын хат сөргүппүттэрэ. Ону ситэрэн-хоторон биэриэхпит. Манна Чөркөөх түмэлин салайааччы Николай Ефимович Попов уонна уус Афанасий Петрович Лопатин биһиэхэ күүс-көмө буолуохтара.

3.     Игидэй орто оскуолатын территориятыгар Э.К. Пекарскай бюһун туруорарга эмиэ сорук туруорунабыт. Улуустааҕы Υөрэх салалтатын, улуус дьаһалтатын кытта сүбэлэһэммит бу күһүн олоххо киллэриэхпит.

4.     Сайын нэһилиэк 385 сыллаах үбүлүөйнэй ыһыаҕын тэрийии.

Ити курдук, үлэлэр былааннаннылар. Хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо, түмсүүлэр, атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрин кылааттарын Игидэй нэһилиэгин туһугар киллэрсиэхтэрэ диэн эрэнэбин»,-диэн эрэнэрин нэһилиэк баһылыга эттэ. Бары санаабытын түмэн нэһилиэк сайдыытын, тупсуутун туһугар санааны ууруохха, айыахха, үлэлиэххэ диэн ыҥырыы эттэ.

Ити курдук, сүрдээх сэргэх тэрээһин ыытылынна.

 

Гизелла Попова, Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын педагог-библиотекара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...